⚡️Дьокуускайга салгыҥҥа буортулаах эттик таһыма нуорманы куоһарбыт Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета ойуур баһаардарынан Дьокуускай буруолааҕынан салгын хаачыстыбатын хонтуруолун күүһүртэ. Төгүрүк суукка устатата кэтииллэр. Атырдьах ыйын 27 күнүгэр куорат үс араас чааһыгар 15 чинчийиини оҥордулар. «Дьокуускайга салгыҥҥа баар эттиктэр 1,7 төгүл уонна РМ 10 1,3 төгүл нуорматтан таһынан бардылар. 09.00 чаастааҕы туругунан 27 чинчийиини оҥорбуттар. Ол гынан баран угарнай гаас, азот диоксида, формальдегид, бенз(а)пирен курдук химическэй эттиктэргэ салгын киртийиитигэр көҥүллэнэр нуорманы таһынан барыы бэлиэтэммэтэх», – диэн биэдимэстибэ иһитиннэриитигэр этиллэр. Дьокуускайга салгын хаачыстыбатын хонтуруола салҕанар. Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениета олохтоохторго, чуолаан оҕолорго, аҕам саастаахтарга, хат дьахталларга уулуссаҕа сылдьары аҕыйатары сүбэлээтэ. Ону тэҥэ биэдимэстибэ түннүктэри сабары, кондиционеры холбууру, дьиэни тохтоло суох сууйары эттэ. Уулуссаҕа маасканы эбэтэр респираторы туһаныахха сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 52 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 27 Aug 2026, 10:36 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 884 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.