😷🌫️Буруоттан хайдах харыстанабыт? Ойуур баһаардарын буруотуттан харыстанарга сүбэлэри билиһиннэрэбит. Нэһилиэнньэлээх пууннар буруонан бүрүллэр түгэннэригэр, ордук итии күҥҥэ, таһырдьа сылдьыыны уонна физическэй ноҕуруусканы аҕыйатар туһааннаах. Итиигэ көлөһүн тахсыы түмүгэр эт-сиин элбэх убаҕаһы сүтэрэр, онон элбэх ууну иһиэххэ наада. «Эккэ-сииҥҥэ туус уонна микроэлеменнэр тиийбэт буолууларын толуйан, кыра туустаах, минераллаах ууну, үүт аһы иһэргэ, гаастаах утаҕы тохтоторго сүбэлииллэр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Иҥэмтиэлээх уонна битэмииннээх аһылыкка болҕомто ууруллуохтаах. Маны таһынан, тыынар уорганнары буруоттан харыстаан мааска кэтэр, респираторы туһанар ирдэнэр, дьайыытын күүһүрдэр сыалтан кэмиттэн-кэмигэр сиигирдэн биэрэр наада. Түннүк, аан быыһын инчэҕэй таҥаһынан бүрүйүөххэ сөп, маннык кэмҥэ кондиционерынан туһанар ордук. Бытовой уонна промышленнай респиратордар буруоттан ордук харыстыыллар. Харыстанар сириэстибэлэринэн ордук аллергиялаах, тыынар уорганнарыгар хроническай ыарыылаах дьон, оҕолор уонна саастаах дьон туһаналлара ирдэнэр. Дьиэни-уоту буортулаах эттиктэртэн ыраастыырга күн аайы сииктээх ыраастааһыны ыытыахха, итииттэн харыстанарга уонна киһи хараҕар көстүбэт умайыы эттиктэрин тирииттэн суох оҥорорго күҥҥэ хаста да суунарга сүбэлииллэр. Табахтыыртан, аһыы утаҕы иһэртэн аккаастанарга этэллэр. Ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ (сэниэтэ суох буолуу, мэйии эргийиитэ, тыын тиийбэт буолуута, сөтөл, утуйбат буолуу) тута бырааска тахсар туһааннаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 52 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 27 Aug 2026, 10:22 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 849 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.