📣 Дьокуускайга «Ген Арктики. Якутия» документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолла Киинэ сүрүн дьоруойдара – Томпо улууһун Тополинай сэлиэнньэтин эбээннэрэ. Устар бөлөх табаһыттар олохторун бу документальнай хартыынаҕа көрдөрдө: аҕам саастаах дьон билиитин-көрүүтүн хайдах кичэйэн тутан хаалларалларый, сатабыллары хайдах утумнаан тиэрдэллэрий уонна тоҕо киһи айылҕаны кытта ситимэ хотугу норуоттар олохторун укулаатын сүрүн тирэҕэ буоларый? «Ген Арктики. Якутия» бу ыйытыыларга толору хоруй биэрэр. Бырайыак «Мастерская новых медиа» уонна «Институт развития интернета» өйөбүллэринэн Саха сирин айар хамаандатынан оҥоһулунна. Атырдьах ыйын 27 күнүттэн ВКонтакте бу сигэнэн босхо киирэн көрүөххэ сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube