⚡️Саха сиригэр Красноярскай буруота кэллэ Бу күннэргэ Красноярскай кыраайтан, ону тэҥэ Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыттан ойуур баһаардарын буруота кэлбитэ бэлиэтэнэр. Красноярскай кыраайга 500 тыһыынчаттан тахса га иэннээх сиргэ ойуур баһардара турдулар диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр регионнааҕы ойуур баһаарын киинигэр иһитиннэрдилэр. Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи суһал дааннайынан, Красноярскай кыраайга уустук баһаар кутталлаах быһыы-майгы салҕанар. Ол курдук, Эвенкийскэй, Туруханскай, Таймыр, Долган-Ненецкай, Енисейскэй, Богучанскай уокуруктарыгар 519,4 тыһ га уопсай иэннээх сиргэ 161 ойуур баһаара бара турар. Красноярскай кыраайга бэс ыйын 10 күнүттэн ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ киллэриллибитэ. Хаартыска: СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube