🌿🌿🌿Уһун Күөлгэ Дьоруой ийэлэр сквердэрэ аһылынна Сунтаар улууһун Уһун Күөл нэһилиэгэр олохтоохтор түмсүүлээх, көхтөөх буолууларын туоһулуур уонна ийэ ытык аатын үйэтитэр кэрэ-бэлиэ түгэнэ буолла. РФ Дьоруойа Дмитрий Егоров төрөөбүт дойдутугар Ил Дархан гранынан Дьоруой ийэлэргэ анаммыт саҥа сквер үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бу ураты бырайыак ааптарынан Варвара Иванова буолар. Кини бэлиэтииринэн, маннык тулаһаны тутуу - олох сырдыгын бэлэхтээбит ийэлэргэ дириҥ махтал уонна сүгүрүйүү бэлиэтинэн буолар. Сквер аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр Сунтаар улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Павел Григорьев, улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта Трофим Иванов кыттыыны ыллылар, нэһилиэк олохтоохторугар истиҥ эҕэрдэ тылларын тиэртилэр. Олохтоохтор түөлбэлэринэн түмсүбүт күүстэрэ, кыһамньылара бүгүн нэһилиэк тас көстүүтүн тупсаран, үтүө холобур буоларын бэлиэтээтилэр. Уһун Күөл нэһилиэгэ элбэх оҕолоох ийэлэринэн аатырар. Манна 10-тан тахса оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруорбут 9 Дьоруой ийэ баар. Кинилэртэн билигин аттыбытыгар баар ытык кырдьаҕас - Татьяна Игнатьева. Кини 4 сааһыттан ыарахан үлэҕэ эриллэн, олоҕун омурҕанын оҕолорун, сиэннэрин иитиитигэр анаабыт үтүө-мааны ийэ. Ийэ барахсан бэйэтин сырдык сыһыанынан сквер аһыллыытыгар көхтөөх кыттыыны ылла. Саҥа сквер - үтүө дьону иитэн таһаарбыт ийэлэр сыралаах үлэлэрин үйэтитэр, ийэҕэ ытыктабылы уһуйар кэрэ сиринэн буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-

-
Киин куоракка 22 гаас заправката баарыттан, аҕыһа эрэ үлэлиир. Чааһынай станциялар бигэргэммит болдьоҕунан үлэлииллэр. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268040?list=e20a9aee918f538472 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Отпуск топлива на АЗС: данные на 15:00 27 августа АО «Саханефтегазсбыт» Можно заправиться АИ-92, АИ-95 и дизельным топливом за наличный и безналичный расчёт (лимит до 20 литров на одно транспортное средство) по адресам: 🟢АЗС № 2: улица Труда, 4а 🟢АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1 🟢АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1 🟢АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б 🟢АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а АО НК «Туймаада-Нефть» Можно заправиться АИ-95 по мобильному приложению и топливным картам по адресам: 🟢МАЗС-1: Автострада 50 лет Октября, д. 14з 🟢МАЗС-2: Автострада 50 лет Октября, д. 1з 🟢АЗС-3: Дзержинского, д. 56А 🟢АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а 🔴Отпуск АИ-92 на заправках сети «Туймаада-Нефть» возобновится завтра. Дизельное топливо: на всех АЗС сети отпуск производится без ограничений. ООО «СибОйл» 🔴АИ-95: Покровский тракт, 4 км (возобновится завтра) ООО «Сервис Ойл» 🔴АИ-92: Покровский тракт, 5 км, 2Б (возобновится завтра) Якутия. Оперштаб в МАКС
-
Алдаҥҥа суол үлэһиттэрэ уулусса өрөмүөнүн болдьоҕун иннинэ түмүктээтилэр Алдаҥҥа Зинштейн аатынан уулуссаҕа суол учаастагын бүрүөһүнүн өрөмүөнүн эрдэ бүтэрдилэр диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр. https://nvk-online.ru/alda-a-suol-le-ittere-uulussa-r-m-n-n-boldo-un-innine-t-m-kteetiler/ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Тимир көлөнү хайдах көрөбүт? Бу туһунан СВО кыттыылааҕа, Нам улууһуттан төрүттээх Алексей Стрекаловскай кэпсээтэ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268035?list=989b2b984688bb8133 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Өлөөн улууһугар икки ойуур баһаарын умуруордулар Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа Өлөөн улууһугар 23 564 га иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 66 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Уот Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба, Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар регистрацияланна. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар 149 472 га уопсай иэннээх 10 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Олортон түөрт баһаары (уопсай иэнэ 20 752 га) Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар төгүрүйдүлэр. Бу баһаардары умуруорууга 194 киһи кыттар, ол иһигэр ойуур баһаарынай этэрээттэрин 190 үлэһитэ, 12 тиэхиньикэ тардылынна. Ону таһынан, бу суукка саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куораттааҕы уокурукка 0,13 га иэннээх биир ойуур баһаарын умуруордулар. Бу үлэҕэ 15 киһи уонна алта тиэхиньикэ кытынна. Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга барыта 611 киһи уонна 41 тиэхиньикэ тардылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Буолаары турар быыбарга дистанционнай куоластааһыҥҥа икки мөлүйүөн киһи суруттарда. Бу туһунан Сыыппара министиэристибэтэ иһитиннэрэр. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268033?list=de7955edf4a8459dfdб nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
⚡️Дьокуускайга буруо бэлиэтэнэр Киин куоракка турбут буруо туһунан суһал иһитиннэриини СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ таһаарда. «Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу арҕаа өттүттэн, чуолаан Красноярскай кыраай кыраныыссатыгар тахсыбыт ойуур баһаардарын ахсааныттан, ону тэҥэ Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыгар турар ойуур баһаардарыттан тарҕанан, сарсыарда атырдьах ыйын 27 күнүгэр спутник кэтэбилинэн көрдөххө, буруо субуллан кэлэр. Саха сиригэр баар баһаардар ыраах сытар уонна тиийэргэ уустук сирдэргэ тураллар. Умуруорууга уонна баһаар туругун хонтуруоллуурга үлэлэр салҕаналлар», — диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтин Ойууру харыстааһын, араҥаччылааһын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччыта Николай Никитин эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын федерациятын кытары көрсүһүүгэ, үлэһиттэри уонна үлэ кэлэктииптэрин долгутар боппуруостары дьүүллэстибит. Идэлээх сойуустар бүгүн үлэһиттэр, үлэ биэрээччилэр уонна судаарыстыба икки ардыларыгар быһаччы кэпсэтиини тэрийиигэ улахан суолталаах былаһаакканан буолаллар. Технология, үлэ ырыынага уонна үлэни тэрийии уларыйаллар, саҥа идэлэр үөскүүллэр, ол эрээри бэйэ-бэйэни истии, кыһалҕалары аһаҕастык ырытыһыы уонна бииргэ быһаарыыны ылыныы суолтата оннунан хаалар. Доруобуйа харыстабылын, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, өрүс транспорын эйгэтигэр уонна ыччат бэлиитикэтигэр сыһыаннаах боппуруостарга туспа тохтоотубут. Хас биирдии салаа бэйэтэ уратылардаах, ол гынан баран социальнай мэктиэлэри хааччыйыыга, үлэ сөптөөх усулуобуйатын тэрийиигэ, каадырдары тардыыга, эдэр исписэлиистэри өйөөһүҥҥэ уонна идэлэринэн сайдар кыаҕы биэриигэ уопсай соруктар тураллар. Маннык ис хоһоонноох кэпсэтии тиһигин быспакка барыахтаах. Тустаах быһаарыылары бииргэ ылан, үлэһиттэр интэриэстэрин көмүскээн, үлэ кэлэктииптэрин сайыннарарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийээри, идэлээх сойуустар федерацияларын, тэрилтэлэри уонна ыччаты кытары бииргэ үлэлэһиибитин салгыахпыт. https://max.ru/channel_PetrShamaev
-
repost “Кэскил”сулустаах чааһа, дии наа!⭐️ 🤣”Дии наа”, “махталитет-комитет”, “айабы-ыы-ын”, “красава”, “и-ин диигин да” диэн тыллары дьон-сэргэ, чуолаан эдэр ыччат, хаһан туттар буолбуттарай? Саамай сөп, “Кэскил” киинэни көрөн баран. ✨Киинэ тахсыбытын кэннэ, сүрүн оруолу оонньообут артыыс Михаил Борисов сулустаах чааһа саҕаламмыта. Дьоруойун туһунан кини маннык санаалааҕа: - Кэскил – мин оҕом кэриэтэ. Бэйэм толкуйдаабытым, ону киинэ оҥороммут дьоҥҥо тиэртибит. Сорохтор Кэскили акаары соҕус диэхтэрэ. Оннук буолбатах, бу – иитэр-үөрэтэр аналлаах оруол. Кэскили оҕолор олус астыналлар, сөбүлүүллэр. Онон, биһиги саамай сөптөөх, үтүө санаалаах уобараһы айбыппыт диэн үөрүөх эрэ тустаахпыт. 😔Хомойуох иһин, билигин Михаил биһиги кэккэбитигэр суох. Ол эрэн, кини чаҕылхай оруоллара өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү тыыннаахтар... @arhiv_nvk_sakha
-
repost Кинооператор Семен Васильев 🎥 Один из пионеров якутского кино, в 90-е годы снимавший с друзьями-энтузиастами первые игровые фильмы, интуитивно и творчески. Впоследствии Семен Семенович вспоминал: «Съемочная команда была своя, производство, съёмки – все проходило в республике. Фильм – игра одного главного героя, артистов Саха театра и деревенских жителей». Окончил престижный вуз - операторский факультет Всесоюзного Государственного института кинематографии. После первого курса работал в Москве ассистентом в центре научных фильмов. В 1970 году работал кинокорреспондентском пункте в г. Якутске. В 1976-1991 - оператор Гостелерадио ЯАССР. С 1991 по 1995 - оператор постановщик «Сахафильма». В качестве оператора снял фильмы: «Старая игрушка», «Сайылык», «Охоноон», «Орто дойду», «Тулабыт барыта хайалар». @arhiv_nvk_sakha
-
Чэппиэринэн, Чэбдик салгыны ыймахтыы Чэгиэн буолуоҕуҥ, Чаҕыл күннүү Эйэҕэс мичээринэн сыдьаайа, Чөл туруктаныҥ Күүстээх санаанан Саҥа, сырдык ыралар Туолан истиннэр, Кэрэ кэпсээн, Үтүө сонун Сүргэбитин көтөхтүн, Барыта этэҥҥэ, Барыта санаа хоту салаллан Барҕаран, туолан истин ☀️🙂✊🏼 Анна Новгородова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 27 августа (чт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Выборы-2026 12+ 11:45-Актуальное интервью 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 12+ 13:15-Репортаж 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тайм-аут 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:05-Дойдум дьоно 12+ 16:17-Репортаж 12+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара. Реас Кулаковскай 12+ 17:15-Просто вкусно 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Саха итэҕэлэ 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:30-Дойдум дьоно 12+ 19:45-Тургутуу 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Барыс 12+ 22:30-Саха итэҕэлэ 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Дойдум дьоно 12+ 00:30-Тургутуу 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тайм-аут 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube | сайт
-
edited 🥊🏆БУОКСА КИЭҺЭТЭ – «САХА» НКИХ ХАНААЛЛАРЫГАР! Дьокуускайга атырдьах ыйын 30 күнүгэр «Триумф» спорт уораҕайыгар «Вызов Севера» бокса күрэҕэ ыытыллар. Саха сирин уонна аан дойду аатырбыт боксердара киирсиэхтэрэ: 🔥Артём Шульц (Алтайскай кыраай) - Всеволод Гвоздеев (Краснодарскай кыраай) 🔥Петр Васильев (Саха сирэ) - Нодирбек Соибов (Узбекистан) 🔥Ашкан Резаи (Иран) - Карен Соловьев (Сочи) 🔥Муджибилло Турсунов (Узбекистан) - Павел Федоров (Ивановскай уобалас) 🔥Михаил Варламов (Саха сирэ) - Майкл Касама (Филиппины) 🔥Майкл Кинг (Конго) - Александр Хохлов (Красноярскай кыраай) Уопсайа алта түһүмэхтээх тыҥааһыннаах киирсии күүтэр. 📺Күрэхтэһиини НВК «Саха», «Якутия 24», «Мамонт» ханаалларга уонна НВК мобильнай сыһыарыыга 21.00 чаастан көр! 📱СЫҺЫАРЫЫНЫ БУ ССЫЛКАНАН ХАЧАЙДАА: 💠App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA/id6447428114 💠Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited 📚🏢🏗️Иван Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи киин библиотека саҥа сүүрээннэри олоххо киллэрэр Ол курдук, быйыл муус устартаг саҕаламмыт өрөмүөн үлэтэ «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагынан ыытылынна. Балаҕан ыйыгар үлэ түмүктэниэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+3
🛣️🔩Сунтаар улууһугар Сиэйэҕэ саҥа асфальт суол үөрүүлээх түгэҥҥэ аһылынна «Бүлүү» федеральнай суол хаачыстыбата сыл ахсын тупсан, кэҥээн иһэр. Суолу тупсарыыга, куттал суох буолуутун хааччыйыыга хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ утумнаахтык ыытыллаллар. Ол курдук, бүгүн Сиэйэ нэһилиэгин иһинэн ааһар суол учаастага үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу уустук уонна суолталаах тутууну «Айан Суол» тутуу тэрилтэтэ 2 сыл устата бэрт бэриниилээхтик ыытта. Түмүгэр, 10 килэмиэтир усталаах сиргэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир асфальт бүрүөһүн ууруллунна. Тутааччылар үлэни кэмигэр уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык түмүктээн, бэйэлэрин идэтийбит маастарыстыбаларын өссө төгүл туоһулаатылар. Саҥа суол учаастагын арыллыытыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев, бэлиитик Александр Акимов кыттыыны ыллылар. Кинилэр бэйэлэрин эҕэрдэ тылларыгар суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, тутууну кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык толорбут маастардарга махталларын биллэрдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏🏻Сунтаар улууһугар Уһун Күөлгэ Дьоруой ийэлэргэ аналлаах сквер аһылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

Сегодня на форуме «Вся Россия» состоялась интересная встреча с Героем России, специальным военным корреспондентом ВГТРК, заслуженным журналистом России Евгением Евгеньевичем Поддубным. За годы работы в журналистике он познал профессию изнутри, поэтому вопросов к нему было много — и разговор получился действительно содержательным. Я задал Евгению Евгеньевичу вопрос, который сегодня особенно важен для региональной журналистики — о статусе военных корреспондентов. У наших региональных военкоров, работающих в зоне проведения СВО и освещающих события для своей аудитории, до сих пор нет официального статуса и соответствующих удостоверений. Мы неоднократно поднимали эту проблему, но пока решить её не удалось. Евгений Евгеньевич поблагодарил региональных военных корреспондентов за их работу, подчеркнул важность их вклада и отдельно отметил якутских военкоров и наших ребят, находящихся на передовой. По его словам, он лично встречался со многими региональными журналистами и знает, насколько большую работу они выполняют. После встречи он попросил меня подойти и продолжить разговор уже лично. Евгений Евгеньевич пообещал помочь в решении вопроса со статусом региональных военных корреспондентов, чтобы их работа была официально признана, а у них появились необходимые удостоверения. Будем надеяться, что этот разговор станет первым шагом к решению важного для нас вопроса. Спасибо за внимание к региональным журналистам и за готовность помочь. Такие встречи особенно ценны, когда за ними стоят не только слова, но и конкретные дела. Мой канал в МАХ 📲
-
👏🏻Саха сиригэр Гражданскай форум 470 кыттааччыны түмтэ Өрөспүүбүлүкэҕэ Гражданскай форумҥа 470 кэриҥэ уопсастыбанньык, эксперт, урбаанньыт, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Икки күн устата кинилэр култуура, доруобуйа харыстабылын, СВО кыттыылаахтарын өйөбүлүн, оҕо саас, уһун үйэлэнии, уопсастыбаннай сэбиэттэр сайдыыларын дьүүллэстилэр. «Бэҕэһээҥҥиттэн ыла күүстээх үлэ барда. Бүгүн биэс былаһаакканан култуура, доруобуйа харыстабылын, СВО кыттыылаахтарын өйөбүлүн, оҕо саас, уһун үйэлэнии, уопсастыбаннай сэбиэттэр сайдыыларын туһунан улахан кэпсэтии ыытылынна. Форумҥа 470 киһи үлэлээтэ», — диэн СӨ уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов пленарнай мунньахха эттэ. Гражданский форум СӨ уопсастыбаннай палаататын 15 сылыгар, Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылларыгар, Саха сиригэр култуура сылыгар ананна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts