👩🏻🏫Саха сиригэр учууталлары аҕыйатыахтара суоҕа, ол эрээри салайар аппарат сааһылыахтара СӨ Үөрэх министиэристибэтин миниистирин 1-кы солбуйааччы Ньургун Павлов педагогическай каадырдары аҕыйатар туһунан сураҕы олоҕо суоҕунан аахта. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар административнай, көмөлтө үлэһиттэригэр уларыйыы киирэрэ күүтүллэр. Штаттары федеральнай нормативтары кытта тэҥниэхтэрэ. Учуутал ахсаана, үөрэх ноҕурууската оннунан хаалар. Саҥа реформа көмөтүнэн босхоломмут штаттар үптэрин учууталлар хамнастарын үрдэтэргэ ыытыахтара. СӨ Үөрэх министиэристибэтэ тустаах үлэни ааспыт сылтан ыытан саҕалаабыт. Кинилэр улуус баһылыктарын, оскуола дириэктэрдэрин кытта үөрэнээччи ахсаанын, каадыр балаһыанньатын, олохтоох кыһалҕалары учуоттаабыттар. Босхоломмут ресурстары үөрэх процеһын өйөөһүҥҥэ эмиэ ыытыахтара: учууталларга методическай көмөҕө, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытта үлэҕэ. Федеральнай былаанынан учууталлар базовай акылааттара үрдээтэ. Атын педагогическай үлэһиттэр акылааттар эмиэ улаатара күүтүллэр. Үөрэх тэрилтэлэригэр хамнастары хаттаан ааҕыы бэрээдэгэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн киириэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 52 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 28 Aug 2026, 09:56 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 788 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.