Дьокуускайга 240 миэстэлээх оҕо уһуйаанын туталлар 240 миэстэлээх саҥа оҕо уһуйаанын тутуу Дьокуускайга Новокарьернай уулуссаҕа салгыы ыытыллар. Эбийиэк бэрэсидьиэн Владимир Путин быһаарыытынан «Семья» национальнай бырайыак «Поддержка семьи» федеральнай бырайыагын, ону тэҥэ «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа норуодунай бырагырааматын чэрчитинэн олоххо киирэр. Билиҥҥи туругунан эбийиэги тутуу бэлэмэ 34%-ҥа тэҥнэһэр. Былаһааккаҕа 34 киһи үлэлиир, автокран уонна погрузчик кыттар. Хаартыска - Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube