ЧОХООН ХОҺООНО
Бүгүн "ХОҺООН" рубрикаҕа Дьокуускай куорат 51 N-дээх "Кэскил" уһуйааныттан Дуолан Сидоров хоһоонун көрүҥ
Хоһоон ааҕыан баҕалаах уһуйаан оҕолорун төрөппүттэрэ, иитээччилэр биһиги электроннай аадырыспытыгар суруйан билсиэххитин, хоһооннору уһулан ыытыаххытын сөп
chokhoon@mail.ru күүтэбит.
Чохоон хоһоонуттан саҕалаан кырачааннар сахалыы саҥараллар, чочуллан чобуотук чоргуйаллар
ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
Show more Show less
🎥🎞️Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа.
Айыына оруолун толорооччу Айталыына Яковлева дьоруойун туһунан, хартыына уратытын уонна киинэҕэ арыллар тиэмэлэри кылгас интервьюга кэпсээтэ📽️🎬
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
БИЛЛЭРИИ
✍🏻📖📚✍🏻
Саха поэзиятын кэрэхсиир айар куттаахтар!💫💫💫
Аныгы кэм поэттарын билиһиннэрэр уонна саҥа ааттары таһаарар саха тэлэбиидэнньэтин барыла 📺📺📺 «Хоһоон суһума» күөх экраҥҥа тахсыбыта номнуо 4-с сыла.👏👏👏 Онон, бу сырыыга кыттыан баҕалаах, 18 - 45 диэри саастаах эдэр хоһоонньуттарга анаан, үгэскэ кубулуйбут кэтэхтэн ыытыллар сүүмэрдээһини биллэрэбит. Кыттааччылар, күн күбэй ийэ❤️❤️❤️ туһунан биир хоһоону xohoonsuhuma@mail.ru э/п эбэтэр 89142963845 төлөпүөҥҥэ сэтинньи 30 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит.
Тэрийэр бөлөх.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
😃👋👍❄️⛄
Кыппыа сымнаҕас хаардаах, сибиэһэй салгыннаах,
Саҥа ыраас илиистэн саҕаланар саргылаах сарсыардабыт үүммүтүнэн
Дорҕоонноохтук дорооболоһон, эйэҕэстик эҕэрдэлэһэн,
Санаа көтөҕүүлээх, ситиһии сиэтиилээх, баҕа санаа туолуулаах, үөрүү үктэллээх, кэтэһиилээх кэрэ күммүт кэлбитинэн.
Дьуон Элэһин
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Программа ТВ НВК "Саха" на 11 ноября (ср.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Күбэйэ 6+
11:15-Асчыттар 12+
12:00-Новости 12+
12:17-Эйгэ 12+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+
15:00-Өркөн өй 12+
16:15-Актуальное интервью 12+
16:30-Хантан хааннаахпытый? 12+
17:00-Тэтим 12+
18:00-Новости 12+
18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Сэмсэ санаа 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Суол. Уһун айан суоппардарын күрэһэ 12+
21:45-"Айар" национальнай кыһа 100 сылыгар аналлаах документальнай киинэ 12+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 12+
00:15-Сэмсэ санаа 12+
01:30-Күбэйэ 12+
02:30-Тэтим 12+
03:30-Асчыттар 12+
04:10:Полярная звезда 6+
04:37-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
СОНУННАР
Бүгүн Полиция күнүгэр Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ бэлиэ күн буолла.
Милииссийэ генерал-лейтенана Валерий Федоровка аналлаах экспозиция аһылынна.
Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир.
@nvk_khangalas1
ЖМИ и подписывайся на нас в VK
Show more Show less
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
От всей души поздравляю с 90-летием Климента Егоровича Иванова! Его жизнь связана с важнейшими событиями в истории нашей республики. Ближайший соратник Первого Президента Якутии Михаила Ефимовича Николаева, он возглавлял Верховный Совет двенадцатого созыва, принявший Декларацию о государственном суверенитете и Конституцию Республики Саха (Якутия). С глубоким уважением отношусь к ответственности, которую он взял на себя в то непростое время, к его преданности родной земле и вере в свой народ.
Для меня Климент Егорович – наставник и старший друг ещё со студенческих лет. Всегда дорожу его добрым словом и отеческим советом. Его благородство, честность, доброжелательность и уважение к людям – пример, которому хочется следовать. Благодарю Климента Егоровича за многолетний труд на благо Якутии, за поддержку и мудрость, которыми он щедро делится со всеми нами.
Особые слова благодарности – Татьяне Ивановне за любовь, заботу и душевное тепло. Желаю Клименту Егоровичу, Татьяне Ивановне и всей их семье крепкого здоровья, благополучия и долгих счастливых лет рядом с близкими.
Убаастыыр, киэн туттар ытык киһибин, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Сахабыт Сирин кэскилин туһугар сүрэҕиҥ төлөнүн, өйгүн-санааҕын, бэриниилээх үлэҕин анаабытыҥ иһин бүтүн норуоппут аатыттан Эйиэхэ махталбын тиэрдэбин!
max.ru/aisen_nikolaev
Show more Show less
«Сатаа да саһыл саҕалан», «сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар», «атас туһугар атах тостор», «киһи дойдутунан, дойду - киһитинэн суон сураҕырар», «киһи тыла - ох», «аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах»
Саха өс хоһооннорун билиҥ, бэргэн этиилэрин туһаныҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уһулунна.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
«Төрүт тылбыт тыыннаах буоларын туһугар»: Ил Түмэҥҥэ «Саха» НКИХ сайдыытын дьүүллэстилэр
Бүгүн Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕар «Саха» НКИХ төрүт тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга киллэрэр оруолугар анаммыт төгүрүк остуол буолла. Кэпсэтиигэ норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба, уопсастыбаннас уонна медиа-эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Киин тиэмэлэринэн төрүт тылынан бырайыактар, оҕо биэриилэрин сайыннарыы уонна сыыппара былаһааккаларыгар киирэр кыаҕы кэҥэтии буоллулар.
«Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков хампаанньа сэттэ тылынан — сахалыы, нууччалыы, дьүкээгирдии, эбээннии, эбэҥкилии, долганныы уонна чукчалыы — контент оҥорон таһаарарын туһунан иһитиннэрдэ. Сүрүн ханаалга эфир 80%-тан тахсата — сахалыы тылынан, «Тооку» оҕо ханаалыгар — 88%, «Тэтим — Саха араадьыйатыгар» — 90%.
Хампаанньа матырыйааллара интернет-былаһааккаларга биэс сыл иһигэр 685,7 мөлүйүөн көрүүнү ылбыттар, олортон 312 мөлүйүөнтэн тахсата — сахалыы тылынан контент.
Төгүрүк остуол кыттыылаахтара «Саха» НКИХ үлэтин өйөөтүлэр. Хампаанньа үбүлээһинин билиҥҥи таһымыттан намтаппакка хаалларар туһугар этии киирдэ. Инники күөҥҥэ турар соруктарынан материальнай-техническэй базаны бөҕөргөтүүнү, сыыппара технологияларын киллэриини уонна оҕо биэриилэрин өйөөһүнү ааттаатылар.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Москва уонна Кострома үөрэнээччилэригэр Уһук Илиҥҥэ үлэ уонна үөрэх туһунан кэпсээтилэр
Москваҕа Космонавтика түмэлигэр Уһук Илин регионнарын күннэрин чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэрин форума салҕанар. Форум төрдүс күнүгэр Москваттан уонна Костроматтан сылдьар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ Уһук Илин үрдүк үөрэх кыһаларыгар уонна колледжтарыгар ханнык идэлэри баһылыахха сөбүн, бүддьүөт миэстэтигэр хайдах киириэххэ сөбүн, устудьуоннарга уонна эдэр исписэлиистэргэ туох өйөбүл баарын биллилэр.
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Ил Дархан бирииһигэр олоҥхону толорууга күрэс
Олоҥхо - норуот тылынан уус-уран айымньы муҥутуур чыпчаала. Олоҥхону толорооччуларга аналлаах Ил Дархан бирииһигэр күрэс ыытыллар турар. Устуудьуйаҕа бу күрэһи сырдата Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин фольклорга сүрүннүүр исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Александра Васильева, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, педагогика билимин хандьыдаата Галина Попова-Санаайа ыалдьыттаатылар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Күөрчэх, чөчөгөй, кымыс, быырпах, ытык...
Бу тыллар суолталарын видеоны көрөн билиэххэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уһулунна.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
👮🏻♂️«Ийээ, мин улааттахпына ким буоларбын билэҕин? Полиция үлэһитэ буолан, эйигин куһаҕан дьонтон көмүскүөм»
«Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп.
НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа:
📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114
📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru
Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
«Авангард» 1200 тахса курсана Уһук Илин кыаҕын кытта билистэ
Москваҕа «Авангард» үөрэтэр-методическай киинин 1200 тахса курсана «Вопросы поколений» диэн көрсүһүүгэ кыттыыны ылла. Экспердэр ыччакка Уһук Илиҥҥэ баар үлэ уонна үөрэх туһунан кэпсээтилэр, ону тэҥэ Чукоткаҕа уонна Камчаткаҕа киинэ уһуллуутун, Бурятияҕа медицинэ сайдыытын сырдаттылар. Көрсүһүү Москваҕа Уһук Илин регионнарын күннэрин чэрчитинэн ыытылынна.
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Саҥа Саха сирин соргутун салайсыбыт, бөдөҥ уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, өрөспүүбүлүкэ ытык киһитэ Климент Егорович Иванов 90 сааһынан документальнай биэриини сэтинньи 10 күнүгэр, 19:15 чаастан көтүппэккэ көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
«Памяти героев верны» бүтүн россиятааҕы күрэс
Устуудьуйаҕа Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» култуура киинин иһинэн И.М.Гоголев аатынан Бүлүүтээҕи норуодунай тыйаатыр режиссера, күрэс призера Алексей Быканов уонна Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» култуура киинин «Айхал» кулууп сэбиэдиссэйэ Александр Иванов ыалдьыттаатылар, күрэс туһунан сырдаттылар, кыайыыларынан үллэһиннилэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Амма саҥа поликлиникатын үлэтин бастакы түмүктэрэ
Сыл саҕаланыытыгар Амма сэлиэнньэтигэр саҥа поликлиника арыллыбыта. Бу дьиэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн тутулунна уонна 17 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕу хаачыстыбалаах медицинскэй көмөнөн хааччыйар.
Сүрүн саҥаны киллэриинэн бары сүрүн медицинскэй сулууспалары биир дьиэҕэ түмүү буолла. Бу быһаарыы ыарыһахтары ыытан эмтэтэри биллэ тупсарда, ордук оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, аҕам саастаахтарга уонна хас да хайысханан көрдөрүнүөхтээх ыарыһахтарга суолталаах буолар.
«Биһиэхэ улахан үөрүү — бу улахан, сылаас, сырдык уонна кыраһыабай дьиэҕэ эмтэнэр уонна көрдөрүнэр, — диэн Амма сэлиэнньэтин олохтооҕо Нина Адамова санаатын үллэстэр. — Урут оҕолорбун кытта биир куорпуска сылдьан баран, атын куорпуска барарбыт. Оттон билигин бары идэлээх исписэлиистэр, анализтар уонна чинчийиилэр — биир сиргэ. Кэллим, наадалаахпын барытын сылааска табыгастаахтык аастым».
Сменаҕа 200 киһиэхэ суоттаммыт саҥа тутуу үлэтин үрдүк көдьүүстээхтик көрдөрөн эрэр. Поликлиника үлэлээбитин саҕаттан 90 тыһыынчаттан тахса ыарыһах регистрацияланна.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Сэтинньи 10 күнүгэр Дойду үрдүнэн Ис дьыала үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр. Уопсастыбаннай бэрээдэк туһугар, улуус хас биирдии олохтооҕор куттала суох усулуобуйаны тэрийиигэ күннэтэ үлэлэһэр, сокуону, бэрээдэги харыстыыр Таатта полициятын туһунан биир идэлээхтэрбит кэпсииллэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
👏🏻Климент Иванов 90 сааһын туолла
Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович Николаев эрэллээх соратнига, сахалар киэн туттар чулуу киһибит Климент Егорович Иванов 90 сааһын томточчу туолла.
Климент Егорович Иванов 1936 сыл сэтинньи 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Элгээйитигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Күндэйэ, Элгээйи оскуолаларыгар үөрэнэн баран, 1952 сыллаахха улахан эдьиийин сүбэтинэн Бүлүү педучилищетыгар туттарсан киирэр. Онно сылдьан комсомол хамсааһыныгар актыбыыстыыр, биир үөлээннээхтэригэр уонна уһуйааччыларыгар бэйэтин үчүгэй ыччат быһыытынан көрдөрөр.
Үөрэҕин бүтэрэн баран төрөөбүт улууһун оскуолаларыгар таһаарыылаахтык үлэлиир.
1961 с. Михаил Николаев Эдьигээн оройуонунааҕы комсомол кэмитиэтин бастакы сэкиритээринэн талыллар. Ити кэмтэн ыла кинилэр дьылҕалара дьүөрэлэһэн барар. 1962 сыллаахха Климент Иванов комсомол уобаластааҕы кэмитиэтигэр үлэлээн иһэн Орджоникидзевскай оройуон комсомольскай тэрилтэтин бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу оройуоҥҥа үлэлээн баран Хабаровскайдааҕы партийнай оскуоланы бүтэрбитэ уонна 1968 с. Абый оройуонугар, онтон төрөөбүт Сунтаарыгар райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1986 с. К.Е. Иванов Саха АССР Агропромышленнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан буолар — о.э. тыа хаһаайыстыбатын миниистирин дуоһунаһыгар ананар. Ол олорон үгүс үтүө хамсааһыннары тэрийэр. Аҥаардас Арктика улуустарыгар ыыппыт үлэтэ сайдыыга улахан хардыы этэ.
1987 сыл кэлэр. Михаил Николаев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссээдээтэлинэн, К.Е. Иванов ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллар. Москваҕа олорон Михаил Ефимовичтыын элбэхтик алтыһаллар.
1990 с. ахсынньыга СӨ Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаммыта, 1991 с. ахсынньытыгар СӨ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
Климент Иванов — СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович чугас доҕоро, соратнига, саха омугун саҥа өрөспүүбүлүкэтин тэрийсиигэ бииргэ үлэлэспит, норуотун туһугар үгүс сыратын биэрэн 90-с сылларга Россия салалтатын кытары түһэрсибит бары Сөбүлэһиилэри бэлэмнээһиҥҥэ, СӨ Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыытыгар дьоһун кылаатын киллэрбит киһи буолар.
Билиҥҥи көлүөнэ салайааччылар кини ыйыытын-кэрдиитин, сүбэтин-аматын үрдүктүк сыаналыыллар уонна политическай үлэлэригэр улахан көмөлөөҕүн ыйаллар.
Саха саарына, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Климент Егорович Иванов быйыл 90 сааһын, өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир. Ытык киһибитигэр бигэ туругу, кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү баҕарабыт!
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less