Москва уонна Кострома үөрэнээччилэригэр Уһук Илиҥҥэ үлэ уонна үөрэх туһунан кэпсээтилэр Москваҕа Космонавтика түмэлигэр Уһук Илин регионнарын күннэрин чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэрин форума салҕанар. Форум төрдүс күнүгэр Москваттан уонна Костроматтан сылдьар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ Уһук Илин үрдүк үөрэх кыһаларыгар уонна колледжтарыгар ханнык идэлэри баһылыахха сөбүн, бүддьүөт миэстэтигэр хайдах киириэххэ сөбүн, устудьуоннарга уонна эдэр исписэлиистэргэ туох өйөбүл баарын биллилэр. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube