НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.3/day last 19 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏🏻Климент Иванов 90 сааһын туолла Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович Николаев эрэллээх соратнига, сахалар киэн туттар чулуу киһибит Климент Егорович Иванов 90 сааһын томточчу туолла. Климент Егорович Иванов 1936 сыл сэтинньи 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Элгээйитигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Күндэйэ, Элгээйи оскуолаларыгар үөрэнэн баран, 1952 сыллаахха улахан эдьиийин сүбэтинэн Бүлүү педучилищетыгар туттарсан киирэр. Онно сылдьан комсомол хамсааһыныгар актыбыыстыыр, биир үөлээннээхтэригэр уонна уһуйааччыларыгар бэйэтин үчүгэй ыччат быһыытынан көрдөрөр. Үөрэҕин бүтэрэн баран төрөөбүт улууһун оскуолаларыгар таһаарыылаахтык үлэлиир. 1961 с. Михаил Николаев Эдьигээн оройуонунааҕы комсомол кэмитиэтин бастакы сэкиритээринэн талыллар. Ити кэмтэн ыла кинилэр дьылҕалара дьүөрэлэһэн барар. 1962 сыллаахха Климент Иванов комсомол уобаластааҕы кэмитиэтигэр үлэлээн иһэн Орджоникидзевскай оройуон комсомольскай тэрилтэтин бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу оройуоҥҥа үлэлээн баран Хабаровскайдааҕы партийнай оскуоланы бүтэрбитэ уонна 1968 с. Абый оройуонугар, онтон төрөөбүт Сунтаарыгар райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1986 с. К.Е. Иванов Саха АССР Агропромышленнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан буолар — о.э. тыа хаһаайыстыбатын миниистирин дуоһунаһыгар ананар. Ол олорон үгүс үтүө хамсааһыннары тэрийэр. Аҥаардас Арктика улуустарыгар ыыппыт үлэтэ сайдыыга улахан хардыы этэ. 1987 сыл кэлэр. Михаил Николаев Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссээдээтэлинэн, К.Е. Иванов ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллар. Москваҕа олорон Михаил Ефимовичтыын элбэхтик алтыһаллар. 1990 с. ахсынньыга СӨ Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаммыта, 1991 с. ахсынньытыгар СӨ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Климент Иванов — СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович чугас доҕоро, соратнига, саха омугун саҥа өрөспүүбүлүкэтин тэрийсиигэ бииргэ үлэлэспит, норуотун туһугар үгүс сыратын биэрэн 90-с сылларга Россия салалтатын кытары түһэрсибит бары Сөбүлэһиилэри бэлэмнээһиҥҥэ, СӨ Судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыытыгар дьоһун кылаатын киллэрбит киһи буолар. Билиҥҥи көлүөнэ салайааччылар кини ыйыытын-кэрдиитин, сүбэтин-аматын үрдүктүк сыаналыыллар уонна политическай үлэлэригэр улахан көмөлөөҕүн ыйаллар. Саха саарына, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Климент Егорович Иванов быйыл 90 сааһын, өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир. Ытык киһибитигэр бигэ туругу, кытаанах доруобуйаны, үгүс үөрүүнү баҕарабыт! nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

020040060010 Nov 06:2511 Nov 01:2152910 Nov 06:25: 0 views10 Nov 22:06: 488 views11 Nov 01:21: 529 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
10 Nov 2026, 06:250
10 Nov 2026, 22:06488
11 Nov 2026, 01:21529

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.