«Авангард» 1200 тахса курсана Уһук Илин кыаҕын кытта билистэ Москваҕа «Авангард» үөрэтэр-методическай киинин 1200 тахса курсана «Вопросы поколений» диэн көрсүһүүгэ кыттыыны ылла. Экспердэр ыччакка Уһук Илиҥҥэ баар үлэ уонна үөрэх туһунан кэпсээтилэр, ону тэҥэ Чукоткаҕа уонна Камчаткаҕа киинэ уһуллуутун, Бурятияҕа медицинэ сайдыытын сырдаттылар. Көрсүһүү Москваҕа Уһук Илин регионнарын күннэрин чэрчитинэн ыытылынна. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube