Амма саҥа поликлиникатын үлэтин бастакы түмүктэрэ Сыл саҕаланыытыгар Амма сэлиэнньэтигэр саҥа поликлиника арыллыбыта. Бу дьиэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн тутулунна уонна 17 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕу хаачыстыбалаах медицинскэй көмөнөн хааччыйар. Сүрүн саҥаны киллэриинэн бары сүрүн медицинскэй сулууспалары биир дьиэҕэ түмүү буолла. Бу быһаарыы ыарыһахтары ыытан эмтэтэри биллэ тупсарда, ордук оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, аҕам саастаахтарга уонна хас да хайысханан көрдөрүнүөхтээх ыарыһахтарга суолталаах буолар. «Биһиэхэ улахан үөрүү — бу улахан, сылаас, сырдык уонна кыраһыабай дьиэҕэ эмтэнэр уонна көрдөрүнэр, — диэн Амма сэлиэнньэтин олохтооҕо Нина Адамова санаатын үллэстэр. — Урут оҕолорбун кытта биир куорпуска сылдьан баран, атын куорпуска барарбыт. Оттон билигин бары идэлээх исписэлиистэр, анализтар уонна чинчийиилэр — биир сиргэ. Кэллим, наадалаахпын барытын сылааска табыгастаахтык аастым». Сменаҕа 200 киһиэхэ суоттаммыт саҥа тутуу үлэтин үрдүк көдьүүстээхтик көрдөрөн эрэр. Поликлиника үлэлээбитин саҕаттан 90 тыһыынчаттан тахса ыарыһах регистрацияланна. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h
Reach per post (ERR)
3.0%711 avg views
Posting
21.3/day
last 18 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 10 Nov 2026, 07:43 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 505 |
| 11 Nov 2026, 01:56 | 556 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.