«Төрүт тылбыт тыыннаах буоларын туһугар»: Ил Түмэҥҥэ «Саха» НКИХ сайдыытын дьүүллэстилэр Бүгүн Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕар «Саха» НКИХ төрүт тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга киллэрэр оруолугар анаммыт төгүрүк остуол буолла. Кэпсэтиигэ норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба, уопсастыбаннас уонна медиа-эйгэ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Киин тиэмэлэринэн төрүт тылынан бырайыактар, оҕо биэриилэрин сайыннарыы уонна сыыппара былаһааккаларыгар киирэр кыаҕы кэҥэтии буоллулар. «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков хампаанньа сэттэ тылынан — сахалыы, нууччалыы, дьүкээгирдии, эбээннии, эбэҥкилии, долганныы уонна чукчалыы — контент оҥорон таһаарарын туһунан иһитиннэрдэ. Сүрүн ханаалга эфир 80%-тан тахсата — сахалыы тылынан, «Тооку» оҕо ханаалыгар — 88%, «Тэтим — Саха араадьыйатыгар» — 90%. Хампаанньа матырыйааллара интернет-былаһааккаларга биэс сыл иһигэр 685,7 мөлүйүөн көрүүнү ылбыттар, олортон 312 мөлүйүөнтэн тахсата — сахалыы тылынан контент. Төгүрүк остуол кыттыылаахтара «Саха» НКИХ үлэтин өйөөтүлэр. Хампаанньа үбүлээһинин билиҥҥи таһымыттан намтаппакка хаалларар туһугар этии киирдэ. Инники күөҥҥэ турар соруктарынан материальнай-техническэй базаны бөҕөргөтүүнү, сыыппара технологияларын киллэриини уонна оҕо биэриилэрин өйөөһүнү ааттаатылар. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h
Reach per post (ERR)
3.0%711 avg views
Posting
21.3/day
last 18 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 10 Nov 2026, 12:01 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 388 |
| 11 Nov 2026, 04:47 | 515 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.