👍🏻Найахы олохтоохторо нэһилиэктэрин тупсараллар
Найахы нэһилиэгэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр (ППМИ) бырагыраамаҕа ситиһиилээхтик кыттан, сайдыы суолун тутуһан иһэр. Бу бырагыраама нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын биллэрдик тупсарар сүрүн тирэҕэ буолар.
Быйыл 2026 сылга Наяхинская уулуссаҕа саҥа уот ситимэ тардыллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.
Ааспыт сылларга нэһилиэк олохтоохторо сомоҕолоһон, биир сүбэнэн улахан үлэни ыыттылар:
- Уу ситимэ тардыллынна
- Оҕо-аймах үөрэ-көтө оонньуур, дьон-сэргэ сынньанар кэрэ көстүүлээх былаһааккалара дьэндэйдилэр.
- Чөл олох төрдө — спорт саалата саҥалыы тыыннанан, ыччат дьон дьарыктанарыгар, чэбдигирэригэр табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ.
Ол эрээри үлэ манан тохтоон хаалбат. 2027 сылга ППМИ куонкуруһугар уулуссаны сырдатыы бырайыагынан салгыы кыттарга бэлэмнэр. Хас биирдии куолас, хас биирдии кылаат улахан суолталаах. Биир дойдулаахтарбытын бу кэскиллээх бырайыагы өйүүргүтүгэр ыҥырабыт.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
👏🏻Сардана Гурьеваҕа «Дойду иннигэр үтүөтүн иһин» II истиэпэннээх уордьан туттарылынна
СӨ киһи быраабын боломуочунайа Сардана Гурьева үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа тигистэ. РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан киниэхэ «Дойду иннигэр үтүөтүн иһин» II истиэпэннээх уордьан туттарылынна. Владимир Путин тустаах ыйаахха сэтинньи 9 күнүгэр илии баттаабыта.
Сардана Михайловнаҕа наҕараада өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэтин иһин туттарыллыбыта бэлиэтэнэр.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
👏Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович Николаев эрэллээх соратнига, сахалар киэн туттар чулуу киһибит Климент Егорович Иванов 90 сааһын томточчу туолла.
Кини олоҕун суолун туһунан сюжекка көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
😋«Бастаан аһыахха... Онтон үлэлиэхпит...»
«Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп.
НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа:
📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114
📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru
Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🧊Сунтаарга Бүлүү Эбэ мууһун халыҥа тиэхиньикэ сылдьарыгар өссө да сөбө суох. Маныаха, сокуону кэһэн, чараас мууска тахсыыны уонна өрүһү туорааһыны хонтуруоллуур сулууспалар күннэтэ үлэлииллэр.
Бэрээдэги кэһээччилэр ханнык миэрэҕэ тардыллалларый?
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
⚡️«Хивустар» сыаналара намтаата
Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри сылдьар «хивустар» тарыыптарын сэтинньи 10 күнүттэн намтаттылар. Онон, бүгүҥҥүттэн нөҥүө кытылга туорааһын 2000 солк. буолла.
Бу туһунан СӨ Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Халлааммыт тымныйан, Өлүөнэ өрүһүнэн хивустар сырыылара быстах кэмҥэ ыараабыта. Бу өрүскэ судоходнай балаһыанньа кытааппытын уонна аэроботтар көмөлөрө туһаныллар буолбутун кытары тарыып үрдүү сылдьыбыта.
Билиҥҥи быһаарыы өрүскэ муус кэтититтэн уонна гидрологическай балаһыанньаттан учуоттанан ылылынна.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Саҥа Саха сирин соргутун салайсыбыт, бөдөҥ уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, өрөспүүбүлүкэ ытык киһитэ Климент Егорович Иванов 90 сааһынан документальнай биэриини сэтинньи 10 күнүгэр, 19:15 чаастан көтүппэккэ көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
АМАН ӨС
Өс хоһооннорун, сомоҕо домохтору күннээҕи олоххор тутта үөрэн
"Аман өс" бүгүҥҥү быһаарыытын көтүтүмэ
Тускул Федоров ааҕар.
🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
👊🏻«Дьаабы киһигин ди... Сирэйбин дьаабылаатын ди...»
«Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп.
НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа:
📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114
📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru
Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 10 ноября (вт.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Күбэйэ 6+
11:15-Асчыттар 12+
12:00-Новости 12+
12:17-Эйгэ 12+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+
15:00-Харах далыгар - Климент Егорович Иванов 12+
16:00-Геван 12+
16:30-Кэм кэрэһитэ 12+
17:00-Тэтим 12+
18:00-Сонуннар 12+
18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+
19:00-Новости 12+
19:15-"Киил мастыы килбэйэн..." Бөдөҥ уопсастыбаннай, политическай диэйэтэл Климент Егорович Иванов 90 сааһыгар 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Суол. Уһун айан суоппардарын күрэһэ 12+
21:45-Үлэ дьоно 12+
22:15-Дойдум дьоно 12+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 12+
00:15-"Киил мастыы килбэйэн..." 12+
01:30-Күбэйэ 6+
02:30-Тэтим 12+
03:30-Асчыттар 12+
04:10-Үлэ дьоно 12+
04:37-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
БИЛЛЭРИИ
✍🏻📖📚✍🏻
Саха поэзиятын кэрэхсиир айар куттаахтар!💫💫💫
Аныгы кэм поэттарын билиһиннэрэр уонна саҥа ааттары таһаарар саха тэлэбиидэнньэтин барыла 📺📺📺 «Хоһоон суһума» күөх экраҥҥа тахсыбыта номнуо 4-с сыла.👏👏👏 Онон, бу сырыыга кыттыан баҕалаах, 18 - 45 диэри саастаах эдэр хоһоонньуттарга анаан, үгэскэ кубулуйбут кэтэхтэн ыытыллар сүүмэрдээһини биллэрэбит. Кыттааччылар, күн күбэй ийэ❤️❤️❤️ туһунан биир хоһоону xohoonsuhuma@mail.ru э/п эбэтэр 89142963845 төлөпүөҥҥэ сэтинньи 30 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит.
Тэрийэр бөлөх.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🤩👏🏻Уран Никаноров 3 саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ. «Тооку» ханаалы көрөрүн олус сөбүлүүр, сахалыы эйгэгэ иитиллэн сахалыы саҥарар, ыллыыр-туойар.
Тапталлаах ойуулуга ТЭФИ КИДС наҕарааданы ылбытынан итии-истин эҕэрдэтин тириэртэ.
@tookufest
Кланура «Биир түгэн» диэн клибэ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Клип: «Балыксыт ырыата»
Лука Апросимов толоруута
Харыйалаах уолун тыллара, Инна Донская матыыба, Алексей Батюшкин аранжировката
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
«Бу бэлиэ туох суолталааҕый»: национальнай бырайыактар дьон олоҕун хайдах уларыталларый
Национальнай бырайыактар — 2030 сылга диэри дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамаларын олоххо киллэрии уонна бэрэсидьиэн Владимир Путин бигэргэппит национальнай сайдыы сыалларын ситиһии сүрүн үнүстүрүмүөннэриттэн биирдэстэрэ. Нацбырайыактар дойду экэниэмикэтин бөҕөргөтөргө, технологическай суверенитетын хааччыйарга уонна дьон-сэргэ олоҕун тупсарарга туһаайыллыбыт сүрүн быһаарыылары киллэрэллэр.
Ол курдук, «Каадырдар» национальнай бырайыагынан «Работа России» каадыр кииннэрин көмөтүнэн номнуо 1,1 мөлүйүөнтэн тахса киһи босхо үөрэннэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сиригэр муус турар кэмигэр куттал суох буолуутун миэрэлэрэ күүһүрдүлэр
«Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» туоратар сир алтынньы 31 күнүттэн сабылынна. Кыһыҥҥы суол арыллыар диэри дьону хааччыйыыга «ЛОРП» ПАУо «Жатай – Техтүр» хайысханан таһаҕаһы таһыыны тэрийдэ. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Таһаҕаһы таһыыга «Жатай-1» бааржа, «ОТ-2050» соһор-үтэр буксир, «Капитан Бородкин» ледокол үлэлииллэр. Бу суудуналар 100 чэпчэки ыйааһыннаах эбэтэр 25 таһаҕас тиэйэр массыынаны батарар кыахтаахтар, рейстэр сырыылар туолалларынан көрөн суукканы эргиччи ыытыллаллар.
Ол тухары официальнай туоратар сирдэртэн атын сиринэн мууска тахсар, киирэр бобуллар: атын дьон суолун батыһан кылгас суолунан уу эбэтэр күөл нөҥүө туоруур, оҕолору өрүстэр уонна күөллэр кытыыларыгар соҕотохтуу хаалларар көҥүллэммэт. Быһылаан тахсар түгэнигэр 112 нүөмэргэ эрийэри санатабыт.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саҥа Саха сирин соргутун салайсыбыт, бөдөҥ уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, өрөспүүбүлүкэ ытык киһитэ Климент Егорович Иванов 90 сааһынан документальнай биэриини сэтинньи 10 күнүгэр, 19:15 чаастан көтүппэккэ көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысхаҕа айан төлөбүрэ сарсыҥҥыттан намтыаҕа
Сарсыҥҥыттан, сэтинньи 10 күнүттэн, «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» (Намыв причал) хайысхатыгар тарыыпка быстах кэмҥэ киирбит уларыйыылар тохтотуллаллар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Айан төлөбүрэ биир хайысхаҕа 2 500 солкуобай буолуоҕа.
Тарыып үрдээһинэ быстах дьаһал этэ — өрүс мууһа халыҥыар диэри үлэлээбитэ уонна уустук гидрологическай быһыыттан-майгыттан тутулуктааҕа. Билиҥҥи тарыыбы урукку таһымыгар төнүннэрэр быһаарыыны муус халыҥын кэтээн көрүүгэ уонна муус туругун уопсай сыаналааһыҥҥа олоҕуран ылылынна.
Маннык быһыы-майгы былырыын эмиэ бэлиэтэммитэ: сэтинньи 29 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри өрүскэ уустук усулуобуйанан сибээстээн тарыып эмиэ быстах кэмҥэ үрдэтиллибитэ. Оччолорго да, билигин даҕаны, таһаҕаһы уонна дьону таһыы муус устар кэмигэр кутталы аччатар уонна эбии ресурсалары тардар кыаҕы биэрэр атын суудунаҕа, аэроботтарга, көһүүнэн ыытыллыбыта. Быһыы-майгы тупсубутун кэннэ тарыып түргэнник 2 500 солкуобайга төннүбүтэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Тааттатааҕы хартыына галереятын саҥа саалатын бастакы быыстапката «Дойдум сылаас тыына» диэн ааттанан Россия уонна Саха сирин худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, скульптор Алексей Федосеев айар үлэтин билиһиннэрииттэн саҕаланна.
https://vkvideo.ru/video-211137588_456269353?list=8260af52fbd85809b0