НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Дьокуускайга «Звёзднай» дьоҕус түөлбэ инфраструктурата сайдар Саха сиригэр сири-уоту сайыннарыы холобурдарыттан биирдэстэринэн киин куоракка «Звёзднай» дьоҕус түөлбэ буолар. Манна саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллаллар, инженернэй уонна социальнай инфраструктура сайдар, дьиэ кэргэттэр үчүгэйдик олороллоругар усулуобуйалар тэриллэллэр диэн СӨ Тутууга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Карбаиновтар дьиэ кэргэҥҥэ «Звёзднай» түөлбэҕэ көһүү улахан суолталаах түгэнинэн буолла. Кинилэр бу иннинэ 15 сыл устата эргэ мас дьиэҕэ олорбуттара. Көһөн кэлбиттэрин кэнниттэн олохторо хайдах уларыйбытын туһунан Анна Карбаинова кэпсээтэ. «Эргэ мас дьиэҕэ 15 сыл олорбуппут. Сэсиэттии олорор ыалларбытын кытта эйэлээхтик олорбуппут, ол эрээри усулуобуйабыт уустук этэ. Ону ыарахаттары аахсыбакка, үчүгэй өйдөбүллэрбит элбэхтэр. Тохсунньу 14 күнүгэр «Звёзднай» түөлбэҕэ саҥа кыбартыыраҕа көспүппүт. Былаана тута биһирэппитэ, барыта ып-ыраас, өрөмүөннэммит, сантехниката туруоруллубут. Көһүү үөрүүлээхтик уонна эйэлээхтик ааспыта, саҥа дьиэбититтэн олус үөрбүппүт», — диэн Анна үллэһиннэ. Санатар буоллахха, Саха сиригэр 2026 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 2019 сылтан 1 018,7 тыһыынча квадратнай миэтэрэ хаарбах туруктаах дьиэттэн 55,2 тыһыынча киһи көһөрүллүбүт. Бу үлэ РФ Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02004006008005 Nov 03:0910 Nov 22:066665 Nov 03:09: 0 views10 Nov 22:06: 666 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
5 Nov 2026, 03:090
10 Nov 2026, 22:06666

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.