НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

✊🏻Сунтаарга Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр Сунтаар улууһугар Норуоттар сомоҕолоһууларын өрөгөйдөөх күнэ саха норуотун сиэрдээх үҥкүүтүнэн - сири-дойдуну, күнү уруйдуур үрдүк аналлаах оһуохайынан саҕаланна. Кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор бары илии-илииттэн сиэттиһэн, биир сомоҕо буолан оһуохай дуораанын таһаардылар. Бу туһунан Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол кэнниттэн саалаҕа мустубут толору дьон оскуола оҕолорун талба таланнарын көрдүлэр. Кинилэр араас омук таҥаһын-сабын кэтэн, эйэни, доҕордоһууну уруйдуур ырыаларынан, үҥкүүлэринэн көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр, кэрэхсэбиллэрин ыллылар. Бу күн үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тыл эттэ уонна Бойобуой албан аат күнүнэн сиэттэрэн, дойду көмүскэлигэр сылдьар хорсун биир дойдулаахтарбытын чиэстээтэ. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Сергей Яныкка үрдүк наҕараада - «Эр санааланыы» уордьана туттарылынна. Хас биирдии көрөөччү хорсун байыаһы сүһүөхтэригэр туран, уруйдуу-айхаллыы чиэстээтилэр. Маны тэҥэ, Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут дьоруой байыастарбыт Николай Григорьев, Николай Иванов, Сергей Маганныров, Федор Попов, Василий Лаптев сырдык ааттарыгар бэриллибит судаарыстыбаннай наҕараадаларын кинилэр чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр уонна кэргэттэригэр улахан ытыктабылы кытта туттардылар. Ону тэҥэ Эдуард Филиппов ЛНР 2-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаланна. Сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыт Дьоруой уолаттар аҕалара үрдүк сыанаҕа тахсан уолаттарын чиэстээбит түгэннэрэ хас биирдии киһи уйулҕатын хамсатта, киэн туттуу уонна кутурҕан иэйиитин үөскэттэ. «Историята суох норуот суох» диэн дириҥ ис хоһоонноох тылларынан сиэттэрэн, Сунтаар улууһун сайдыытыгар, эдэр көлүөнэни иитиигэ өҥөлөрүн иһин улуус бочуоттаах олохтоохторун ааттара ааттанна. Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо бэлиэнэн спорт уонна үөрэх эйгэтин үтүөлээх бэтэрээнэ Игорь Максимов наҕараадаланна. Ону тэҥэ өр сыллаах үлэтин, үтүөтүн бэлиэтээн Николай Васильевка «Бочуоттаах бэтэрээн» үрдүк аат иҥэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

02004006008005 Nov 02:3010 Nov 22:067015 Nov 02:30: 0 views10 Nov 22:06: 701 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
5 Nov 2026, 02:300
10 Nov 2026, 22:06701

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.