«Дьокуускай-Москва» рейс пассажирдара «Улахан этнографическай дьыктааны» 10 тыһыынча миэтэрэ үрдүктэн суруйдулар Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр «Якутия» авиахампаанньа «Дьокуускай-Москва» хайысханан көтөр рейсигэр XI «Улахан этнографическай дьыктаан» норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйата буолан ааста. Пассажирдар дьыктааны 10 тыһыынча миэтэрэ үрдүктэн суруйдулар. Саха сиригэр барыта дьыктааны ыытарга 300-тэн тахса былаһаакка бэлэмнэммитэ. Аахсыйа түмүгэ 2026 сыл ахсынньы 12 күнүгэр, РФ Конституциятын күнүгэр, тахсыаҕа. Хаартыска: «Якутия» хампаанньа пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube