Таатта улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын икки ыйдааҕы үлэтин түмүктэрин таһаардылар Былыргы, үйэтин ааспыт дьиэ оннугар тутуллубут аныгы мэдиссиинискэй тэрилтэ бэйэтин наадалааҕын уонна көдьүүстээҕин дакаастаата. Кылгас кэм иһигэр манна тыһыынчаттан тахса ыарыһах, ол иһигэр 183 оҕо көрдөрүммүт. Бэйэтин санаатын нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, 94 саастаах, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Семён Семёнович Малгин үллэһиннэ, кини бэйэтэ саҥа амбулаторияҕа эмтэммит: «Саҥа балыыһаттан үөрүүм муҥура суох. Мин бу дьиэҕэ эмтэнэ охсубутум уонна табыгастаах, сылаас эйгэни, ырааһы бэлиэтиибин. Барыта нэһилиэнньэ уонна үлэһиттэр туһаларыгар оҥоһуллубута көстөр. Биһиги мэдиссиинибит үлэһиттэрин идэлэрин таһымын, ыарыһахтарга эйэҕэс уонна кыһамньылаах сыһыаннарын бэлиэтиибин. Нэһилиэк бары олохтоохторун аатыттан биһиги бырабыыталыстыбабытыгар, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна биһиги мэдиссииниспит үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин». Амбулаторияны арыйыы Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын модернизациялааһыҥҥа систиэмэлээх үлэ сорҕотунан буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h
Reach per post (ERR)
3.0%711 avg views
Posting
21.4/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 5 Nov 2026, 05:19 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 660 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.