Россия Дьоруойа Александр Находкин Амма улууһун юнармеецтарыгар Эр санаа уруогун ыытта Амма улууһугар «Юнармия» байыаннай-патриотическай хамсааһын кыттыылаахтара РФ Дьоруойа Александр Находкины кытта көрүстүлэр. Эр санаа уруогун анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиалын арыалыгар сылдьар Мичил Винокуров тэрийдэ. Эр санаа уруогун кэмигэр Александр Находкин оҕолорго сулууспатын, бойобуой суолун уонна анал байыаннай дьайыыга кыттыытын туһунан кэпсээтэ. «Юнармия» кыттыылаахтара РФ Дьоруойугар интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрэн, патриотизм, байыаннай иэс, доҕордоһуу уонна тус эппиэтинэс тиэмэлэрин ырытыстылар. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube