НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%708 avg views
Posting 21.5/day last 20 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. Программа ТВ НВК "Саха" на 5 ноября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Саха суола 12+ 16:00-Актуальное интервью 12+ 16:15-Дойдубут туһугар 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Сериал тула...12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Эйгэ 12+ 00:45-Олох үөһүгэр 12+ 02:00-Күбэйэ 6+ 03:00-Тэтим 12+ 04:00-Асчыттар 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 😭«Туох айылаах сарсыардаттан ытаа да ытаа буоллаххыный... Арахсыахха, сибилигин тахсан бар дьиэттэн...» «Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа: 📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114 📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  3. 🎬IX Саха сиринээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин үөрүүлээх аһыллыыта Кыһыл ыллыкка бэстибээл кыттыылаахтара, сэттэ дойдуттан бочуоттаах ыалдьыттар, аан дойду таһымнаах дьүүллүүр сүбэ уонна саха киинэтин хамаандата хаамтылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  4. +6

    🎬Киинэ бэстибээлин үөрүүлээх кыһыл ыллыга Кыһыл ыллыкка муус оҥоһуктары туруорбуттар, алгыс сиэрэ-туома ыытылынна, ыалдьыттар сахалыы таҥастаах хаамтылар. Сэтинньи 4 күнүгэр Юрий Гагарин искибиэригэр Саха сиринээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин кыттыылаахтарын көрүстүлэр. 75 миэтэрэ уһуннаах кыһыл ыллыкка сүрүн куонкурус кыттыылаахтара, сэттэ дойдуттан бочуоттаах ыалдьыттар, аан дойду таһымнаах дьүүллүүр сүбэ уонна саха киинэтин хамаандата хаамтылар. Салгыы хартыыналары көрдөрүөхтэрэ, ааптардары кытта көрсүһүү буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  5. 🎵🎙️🤩«Үрдэл-2026» бириэмийэ биэриитин бастакы таһаарыытыгар 24 кыттааччыттан түөрдэ билиннэ Биэриини бу сигэнэн көр. Аны саҥа биэриигэ эбии түөрт кыттааччы аата биллиэҕэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  6. repost

    🎬 Якутск встречает гостей IX международного кинофестиваля Среди стран, которые представлены на фестивале – Индия, Мексика, Монголия, Кыргызстан, Китай и Япония. Кинематографисты представят свои фильмы, примут участие в работе международного жюри, выступят на мастер-классах и деловых встречах. В Якутске гостей встречают оладьями и кумысом. Карлос Матиензо Сермент рассказал, что дорога до Якутска заняла около 42 часов. Он поблагодарил за теплый прием и отметил, что ждет встречи со зрителями, которым представит конкурсную картину «Ритуал. Нагуаль. Душа зверя». «Для меня это потрясающий прием, лучший из тех, что у меня когда-либо были. Я очень рад возможности представить здесь наш фильм», – поделился режиссер. Подробнее читайте по ссылке 📲 yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео

  7. repost

    С Днём народного единства! Якутия – родной дом для представителей 135 национальностей. Мы вместе работаем, растим детей, помогаем друг другу и заботимся о родной земле. В Год единства народов России и Год культуры в Якутии особенно важно передать детям любовь к родному языку и культуре, уважение к традициям других народов. Хочу, чтобы наши дети росли с пониманием: какой бы ни была твоя национальность, ты дома, среди своих, и от тебя тоже зависит будущее республики и всей России. Мы храним память о тех, кто отстоял Родину в годы Великой Отечественной войны, и гордимся нашими воинами, которые защищают её сегодня. Благодарю всех, кто в городах, сёлах и наслегах помогает бойцам и их семьям, поддерживает людей в трудную минуту. Именно в таких поступках проявляется наше единство. Желаю здоровья, счастья и благополучия! С праздником! max.ru/aisen_nikolaev

  8. 🎙️«Үрдэл-2026»: Иван Лаврентьев уонна Ника дьон-сэргэ дуэты күүтэллэрин истэн «Мин ырыам» диэн ырыаны толорбуттар. Бу иннинэ Иван Лаврентьев уонна Ника «Мин таптыыр спутнигым» сериал саундтрегын ыллаабыттара. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  9. 🎼Сунтаарга түөлбэ олохтоохторо музыкальнай күрэххэ кииристилэр Алтынньы ыйы ырыа-тойук доҕуһуоллаах тэрээһининэн түөлбэ олохтоохторо атаардылар. Сыл устата Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн ыытыллар «Лучший ТОС-2026» күрэс чэрчитинэн «Хомустаах» түөлбэ көхтөөх олохтоохторо, салайааччы Елена Винокурова олус интириэһинэй, сонун тэрээһини «Партизан» култуурнай киин үлэһиттэрин кытта тэрийдилэр. Бу иннигэр «Абаҕа» түөлбэ «Абаҕаҕа сандал саас», «100 лет ЯАССР» төрүт оҕунан ытыы, «Сомоҕо» өбүгэ оонньуутун, «Табыс» кэрэтийии (преображение) бырайыак ыыппыт эбит буоллахтарына Хомустаахтар саамай музыкальнай түөлбэни быһаардылар. Ол курдук, хас биирдии түөлбэ биэс киһилээх хамаанда туруоран, биэс араас түһүмэххэ күөн көрүстүлэр. Бастакы түһүмэххэ хамаандалар музыкальнай викторинаҕа сөптөөх эппиэти хоруйдаан бэриллибит былаанкаҕа толордулар. Иккис түһүмэх «Угадай эмодзи» ол эбэтэр аныгылыы смайлик бэлиэлэринэн ырыа аатын таайыы, үһүс «Музыкальная головоломка» манна араас тиэмэлэргэ баалларынан ырыа кистээбиттэр, ырыа аатын, ким толорорун хоруйдаатылар. Төрдүс түһүмэх ыҥырыылаах ыалдьытынан, Хомустаах түөлбэ көхтөөх олохтооҕо Сунтаардааҕы музыкальнай оскуола ырыа салаатын уһуйааччыта Юлия Филиппова арахсыбат доҕорун, синтезаторын илдьэ кэлэн ноталарынан кистэммит ырыалары үс куруук сахалыы, нууччалыы, омуктуу тыаһатан таайтарда. Сөптөөх хоруйу Юлия синтезаторга тыаһатан, нарын-намчы куолаһынан ыллаан иһитиннэрдэ. Урут күөх экран нөҥүө «Угадай мелодию» сөбүлээн көрөр күрэс курдук олус тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Саамай бүтэһик түһүмэх «Караоке баттл» ол эбэтэр хамаанданан бэриллибит ырыаны үрдүк таһымҥа, тэҥҥэ, сөпкө ыллаан күрэхтэстилэр. Бу курдук ураты тэрээһин түмүгүнэн Number One ТОС «Абага» 146 сыанабылы ылан бастаата, «суши доставка» тэрилтэтиттэн набор бэлэх тутта. Квинтет ТОС «Сомоҕо» 141,5 сыанабылы ылан иккис миэстэ буолла, минньигэс тортунан наҕараадаланна. Үһүс миэстэ Манчаарылаах ТОС «Табыс» 117,5 сыанабылы ылан «Fishka» доставка пиццатынан наҕараадаланнылар. Сонуну суруйда: Л. Тертюхова, 30.10.2026 nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  10. +1

    Күүкэйгэ ийэлэри сэргэхситэр араас тэрээһиннэр буолан аастылар Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр Ийэ уонна Аҕа декадатын чэрчитинэн араас интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол курдук, «Шкаф добра», «Гаражная распродажа» аахсыйалар уонна маастар-кылаастар буоллулар. «Матери России» хамсааһын чилиэнэ Валентина Егоровна бэргэһэ тигиитин билиһиннэрдэ, выкройка түҥэттэ. Бэйэтэ тиктэн кэтэ сылдьарын көрдөрдө, сиэн кыыһыгар эмиэ тикпит. Илбииһит, уйулҕаһыт Валентина Сергеевна доруобуйаҕа туһалаах бородууксуйатын билиһиннэрдэ, тэттик сүбэлэри чэгиэн сылдьарга сүбэлээтэ. Сардана Ильинична минньигэс туортарын атыылаата. Ийэлэр араас астары, бэрэскиилэри, быар тортары, тууһаммыт балык, хайах, таҥас-сап, сахалыы киэргэллэри атыылаатылар. «Шкаф добра» аахсыйаҕа кыттыспыт Дария Николаевнаҕа дьаһалта, оскуола, кулууп үлэһиттэригэр «Матери России»аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Кулууп дириэктэрэ Айыына Дмитриевна спонсордарга махтал сурук, сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Светлана Попова иһитиннэриитэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  11. 👍Сунтаардааҕы оҕо библиотеката оҕолору Ийэ тылга иитэр дьарык тэрийдэ Бу сайын бибилэтиэкэ 10 күннээх оҕону төрөөбүт тылын таптыырга үөрэтэр лааҕыр тэрийбитэ. Ону үгүс оҕо сөбүлээн иккистээн кэлбиттэр эмиэ бааллар. Аны бу күһүҥҥү сынньалаҥҥа өссө тэрийэллэрэ буоллар диэн эбэлэр, «Ийэ тыл» түмсүүтүн этиилэрин ылынан 3 күннээх дьарык тэрийэн саҕалаатылар. Оҕо элбэх, сарсыарда кэлэн сахалыы доргуччу аахпытынан бараллар, онтон сахалыы сэһэргэһии кинилэри кэтэһэр, саха оонньуута өрө көтөҕүллэр, саха остуоруйатын истии олохтонор. «Оҕолор биллэ эбиллэллэр», - диэн бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ олус үөрэ санааларын үллэстэллэр. Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  12. 👏Таатта ытык кырдьаҕаһа Анна Соловьева Ил Дархан «Үйэ саас» бэлиэтин тутта Сэтинньи 3 күнүгэр Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, педагогическай династия баһылыга Анна Николаевна Соловьеваны олус дьоһуннаах уонна үтүө күнүнэн – 100 саастаах сүдү үбүлүөйүнэн – улуус салалтата уонна уопсастыбаннаһа тиийэн эҕэрдэлээтилэр. Ытык кырдьаҕаска СӨ Ил Дархана Айсен Николаев аатыттан аналлаах «Үйэ саас» бэлиэтин уонна улуус баһылыгын эҕэрдэ суругун Таатта улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Руслан Захаров үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Анна Николаевна – үйэ тухары олорбут олоҕо Саха сирин сайдыытын историятын чаҕылхай сирэйэ буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитин уустук сылларыттан саҕалаан, үөрэҕирии, култуура уонна олохтоох хаһаайыстыба сайдыытыгар 44 сыл устата сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Учууталынан, совхоз каадырын иниспиэктэринэн, парткабинет сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ону тэҥэ нэһилиэк депутатынан, дьахталлар уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччытынан уопсастыбаннай олоххо куруук инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Уус Таатта оскуолатын бастыҥ выпускниктарыгар олохтообот анал истипиэндьийэтинэн эдэр ыччаты өйүүр үтүө үгэстээх. Ийэ быһыытынан «Ийэ албана» I, II, III истиэпэннээх мэтээллэринэн, СӨ Бэрэсидьиэнэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэтинэн уонна «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  13. repost

    СОМОҔОЛОҺУУ күнүнэн! 🗓️ Бүгүн сэтинньи 4 күнэ - Дойду үрдүнэн Сомоҕолоһуу күнэ бэлиэтэнэр🎉 🇷🇺 Дойдубутугар норуот сомоҕолоһуута элбэҕи быһаарар, сайдыы суолун тэлэр. Атын омук дьонун кытта доҕордуу сыһыаннаах, биир санаалаах, сомоҕолоһор күүстээх, дойдубут туһугар түмсүүлээх буоларбытын эрэйэр. 🌏 Биһиги дойдубутугар араас омук олорор. Барыбытыгар өрүү ил-эйэ баар буоллун! Биир сомоҕо буолан кыһалҕаҕа ылларбакка этэҥҥэ олоруохха. Инникигэ эрэллээх, бигэ тирэхтээх, чөл туруктаах буолуохха! 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  14. 👍Таатта улууһун Эдуард Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата быйылгы дьылга икки граны ылары ситистэ. Онтон биирэ – Россиятааҕы “Знание” уопсастыба тэрийэр төрөппүттэр көҕүлээһиннэрин өйүүр бырайыактары көрүүгэ кыайан, «Уйулҕа» өйү-санааны сынньатар хоһу арыйдылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  15. 🇷🇺🤝Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн! 2005 сыл сэтинньи 4-с күнүттэн ыла Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күҥҥэ биһиги дойдубут үйэлээх историятын, биир дойдулаахтарбыт дьоруойдуу быһыыларын саныыбыт, доҕордоһуу, үтүө сыһыан, төрөөбүт дойдуга таптал, сомоҕолоһуу сүҥкэн суолтатын дириҥник өйдүүбүт. Норуоппут биир сомоҕо, уопсастыбабыт түмсүүлээх буоллаҕына эрэ сайдыы кэскиллээх суолунан эрэллээхтик хардыылаан иһэр, кэлэр көлүөнэбитигэр көҥүл, иллээх-эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕу хааччыйар кыахтаахпыт. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  16. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 4 ноября (ср.) 06:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 07:00-Концерт народного ансамбля "Гулун" 6+ 09:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 10:00-"Душою молоды всегда!" концерт 6+ 11:00-Репортаж 12+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-"Величие России- в народном единстве" концерт 6+ 13:15-Репортаж 12+ 13:30-Новости 12+ 13:45-Кэрэ кэпсээн 12+ 14:45-Полярная звезда 6+ 15:15-Байааным барахсан. Умнуллубат көмүс матыыптар 12+ 17:00-Поезд Дружбы 12+ 17:15-"Маска" студия танцевального искусства 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-"Маска" студия танцевального искусства 6+ 20:15-"Чолбон" сурунаал төрүттэммитэ 100 сылыгар 12+ 20:45-Репортаж 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-"Туймаада" ГВА кэнсиэрэ 12+ 00:00-Репортаж 12+ 00:15-"О России петь..." концерт 6+ 01:00-Репортаж 12+ 01:32-"Сахам сирин таптыыбын!" кэнсиэр 6+ 02:35-Вместе мы-Россия! 6+ 03:15-Репортаж 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:10-Полярная звезда 6+ 04:35-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  17. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка сэдэх дьарыктаах уһанар талааннаах кэрэ киһи Алена Терешкина олорор, айар-тутар. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  18. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. repost

    «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 14 сиэрийэ Кыыдаана пансионаттарын кытта покалаһан баран дэриэбинэлиирдии баран истэ5инэ Баарыс тутан ылла, дьиэ5э хаайдa🙊 Эрхаан төрөөбүт күнүгэр эбэтэ саңа рубашка бэлэхтээтэ. Албан ити рубашкаттан сылтаан до5орун күнүүлээтэ. Кыыдааналара сүппүтүн билэн ийэтэ өйүн сүтэрдэ, суһаллык куоракка ыытыах буоллулар.. @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  20. Older posts