🤼🏆Астанаҕа көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар саха бөҕөстөрүн өйүүр ыалдьааччылар! @sakhasporttv
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
🤼🏆Астанаҕа көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар саха бөҕөстөрүн өйүүр ыалдьааччылар! @sakhasporttv
Ырыа: «Төннө туруоҕум алааспар» 🎤 Владимир Индигирскэй В.Индигирскэй тыллара уонна матыыба nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🤼🏆ОКОРОКОВ ПРОИГРАЛ, НО ЗАВТРА НА КОВЕР ЧЕМПИОНАТА МИРА ВЫЙДУТ СРАЗУ 4 ЯКУТСКИХ БОРЦА В Астане проходит чемпионата мира по вольной борьбе. 30 октября первым из наших легионеров на мировой ковёр вышел Георгий Окороков (61 кг). В квалификации ему противостоял 25-летний Калеб Ли Смит из Пуэрто-Рико — финалист Панамериканского чемпионата 2026. К сожалению, Григорий уступил ему со счетом 2:12. В субботу, 31 октября, в борьбу вступят сразу четыре якутских спортсмена. В весе 57 кг бронзовый призёр чемпионата мира 2021 года и чемпионата Европы 2026 Арыйан Тютрин встретится с 19-летним алжирцем Моуда Чибани, неоднократным призёром юниорских чемпионатов Африки. А вот чемпион Европы 2022 года Владимир Егоров начнёт выступление со схватки против чемпиона России Абубакара Муталиева. Бронзовый призёр Азиатских игр-2026 Айаал Белолюбский вновь встретится с японцем Ямато Огавой. Менее месяца назад они уже боролись за бронзу Азиатских игр в Нагое, где Айаал одержал победу над хозяином ковра. В весе 74 кг бронзовый призёр Азиатских игр-2026 Виктор Рассадин в квалификации встретится с 21-летним узбекистанцем Жавохиром Чулибоевым, который заменил в составе сборной олимпийского чемпиона Разамбека Жамалова. Победитель этой пары выйдет на представителя Беларуси Никиту Дмитриева. Программа: 31 октября (суббота) на ковер ЧМ выйдут представители весовых категорий 57, 74, 79, 92 кг. Начало соревнований в 14:30ч по якутскому времени. Ход соревнований на радио «Тэтим» будет освещать Николай Бястинов. @sakhasporttv
Амма улууһугар хочуолунайдарга чоҕу тиэйии салҕанар СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, алтынньы 28 күнүттэн Амма улууһугар чоҕу Харбалаахтааҕы чох хостуур сиртэн сыл устата массыына суолунан таһаллар. Таһыыга түөрт самосвал үлэлиир. Тиэхиньикэ бэлэмнэннэҕинэ, массыына ахсаанын элбэтэр былааннаахтар. Тиэрдээччи уонна таһааччылар үлэлэрин өйүүр сыалтан «СӨ ОДьКХ» ГУП нэдиэлэ ахсын үбү-харчыны ыытар. Бу үлэ уматык саппааһын хаҥатарга уонна олорор дьиэлэри, социальнай тэрилтэлэри туруктаахтык ититиинэн хааччыйарга туһуланар. Хаартыска: оҥоһуу өй nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Өрөспүүбүлүкэ Хотугу уонна Арктика улуустарын бары нэһилиэктэрэ кыһыҥҥы суол аһыллыар диэри уматыгынан толору хааччылыннылар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Юрий Николаев: регионнааҕы инвестиция бырайыактарын кыттыылаахтарыгар барыс нолуогун үрдэтии Саха сирин бүддьүөтүн дохуотун улаатыннарыаҕа Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Николаев «Актуальное интервью» биэриигэ регионнааҕы инвестиция бырайыактарын (РИП) кыттыылаахтарыгар барыс нолуогун ыстаапкатын үрдэтии туһунан иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, бу дьаһал өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуотун улаатыннарарга туһуланар. «Саха сиригэр РИП — сүрүннээн кыһыл көмүһү хостооһун бырайыактара. Кыһыл көмүс сыаната уонна хостуур кээмэйбит биһиги эрэлбитигэр эппиэттиэхтэрэ диэн эрэнэбит, оччоҕуна 2027 сылга бүддьүөккэ эбии 5 млрд солкуобайы ылыахпыт», — диэн СӨ парламенын вице-спикерэ эттэ. Кини Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын XX уочараттаах пленарнай мунньаҕар дьокутааттар кыһыл көмүс аан дойдутааҕы сыаната уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрин дохуоттара үрдээбитин учуоттаан быһаарыыны ылыммыттарын чопчулаата. «Барыс нолуогун ыстаапкатын 13,5%-тан 16%-ҥа диэри үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыллыбыта, ол эрээри сокуон 17%-ҥа диэри үрдэтэри көҥүллүүр. Биһиги эбии 1% саппааска хааллардыбыт», — диэтэ Юрий Николаев. Ону сэргэ кини РИП-ка кыттыы усулуобуйата кытааппытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: билигин чэпчэтиигэ бары тиксиэхтэрэ суоҕа — онно анаан улахан инвестиция наада буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
На форуме «Дни креативной экономики» вручил Главе Башкортостана Радию Фаритовичу Хабирову сертификат на право показа фильма «Там, где танцуют стерхи». Это наш подарок братскому Башкортостану в знак дружбы. Картина Михаила Лукачевского дублирована на башкирский язык и передаётся для бесплатных публичных, социальных и просветительских показов. Особенно рад, что жители республики смогут услышать эту историю на родном языке. Через кино мы делимся тем, что дорого нашим народам, лучше узнаём и понимаем друг друга. Фильм рассказывает о любви и силе семьи, о мальчике, которому легенда о стерхах помогает не терять надежду. Картина отмечена Гран-при «Золотого ворона» и наградами «Лістапада». По поверьям народа саха, танец стерхов – знак благословения. Пусть эта история согреет сердца зрителей Башкортостана. max.ru/aisen_nikolaev
🌐💠Николай Михеев: «Тооку» ханаал сүдү соруктаах 🎼Композитор, СӨ култууратын туйгуна, СӨ искусствотын үтүөлээх үлэһитэ, Россия композитордарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, «Тооку» ойуулук музыкатын суруйааччы Николай Михеев ханаал сайдыытын, кэлэр кэскилгэ суолтатын, итиэннэ инники былаанын туһунан санаатын үллэһиннэ. ««Тооку» ханаал улахан миссиялаах: оҕолор сахалыы толкуйдуурга уонна саҥарарга үөрэнэллэр. Хамаанда айар-тутар, саҥаны саҕалыыр санаата хаһан да сүппэтин!»,-диэтэ кини. Салгыы видеоматырыйаалга көр @tookufest
👍ИЙЭ ТЫЛЫ ӨРӨ ТУТАР БАННЕР ЫЙАННА «Ийэ тыл» түмсүү саха тылынан суруллубут, төрөөбүт тылы көҕүлүүр суруктаах киэргэтиилэри, баннердары оҥорорго, ыйыырга ыҥырар. Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube


🧊Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын эр дьоно күһүҥҥү сынньалаҥҥа бэтэрээн үлэһиттэригэр муус ылар Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🤩👏🏻«Тооку» оҕо ханаалын худуоһунньуга, «Тооку уонна Чысхаан» ойуулук фонун оҥорбут Александра Сосина ТЭФИ-KИДС 2026 национальнай телевизионнай бириэмийэҕэ кыайыы өрөгөйүн билбититтэн толору дьоллоох. @tookufest



+4
🛣️🏗️Дьокуускайга өрөмүөн кэнниттэн Ефимов уулуссатын үөрүүлээхтик арыйдылар Суолу оҥоруу үлэтэ быйыл муус устарга саҕаламмыта. Саҥардыллыбыт учаастак уһуна 397 миэтэрэҕэ тэҥ. Бырайыакка - айанныыр икки балаһа, 2 миэтэрэ кэтиттээх тротуар, велодорожка, ууну аһардар систиэмэ, уот уонна тас канализация ситмиин уларытыы, тас сырдатыы тирэхтэрин туруоруу итиэннэ аттынааҕы үс парковканы оҥоруу көрүллүбүтэ. Ону таһынан, билигин сатыы дьон туоруур сирин кырааскаламмыт бэлиэтээһинин оннугар проекциялыыр аппаратураны туруоруохтара. Суол 203-с түөлбэ олохтоохторугар куорат киинигэр табыгастаахтык айанныыр кыаҕы биэриэҕэ, ону тэҥэ чугастааҕы уулуссаларга тырааныспар утуруйсуутун аҕыйатыа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🎼🏢🏗️Дьокуускайга биир улахан тутуунан Муусука Үрдүкү оскуолатын таас корпуһа буолар. Күн бүгүн тутуу улахана үмүрүйэн, тэтимнээхтик барар. Былаан быһыытынан Муусука Үрдүкү оскуолатын сырдык улахан кыһата Саҥа дьыл иннинэ бүтүөхтээх. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🪖👏Саха сириттэн 14-с Россия Дьоруойа Александр Находкин өбүгэтин дойдутугар сырытта Александр Егорович эһэтин аатын сүгэр, онон туох ханнык иннинэ сырыытын Уус Алдан улууһун Тумулуттан саҕалаата. Улууска сырыытын иитинэн “Швейный патриот” волонтердардыын көрүстэ, тус сүбэтин эттэ. Ону кэккэ улуустааҕы уйулҕа киинин иһинэн үлэлиир волонтердар үлэлэрин көрдө-иһиттэ. Сырыытын улуус олохтоохторунаан көрсүһүүнэн түмүктээтэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube



+6
🪖🇷🇺✊Россия Дьоруойа Александр Находкины Уус Алдан улууһун дьоно-сэргэтэ өрө көтөҕүллэн туран көрүстэ Александр Егорович силис тардыбыт, өбүгэтин сиригэр Бороҕон нэһилиэгэр биир дойдулаахтара Улуу Кыайыы болуоссатыгар оҕолуун-уруулуун мустан уруйдуу көрүстүлэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Кинини улуус баһылыга Василий Алексеев арыаллаан, төрүттэрэ олорон ааспыт ытык миэстэлэрин көрдөрдө, билиһиннэрдэ. «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр көрсөн, аал уоту оттон алгыстарын тиэртилэр, нэһилиэнньэ олохтоохторун, аймахтарын көрсөн олус долгуйда. Биир дойдулаахтара истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кининэн киэҥ тутталларын биллэрдилэр. Салгыы Тойон Мүрү туонатыгар биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду сэриитигэр аттаналларыгар тохтоон, дойдуларын кытта бырастыыласпыт ытык сирдэригэр, Хараҕа Төрдүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара көрүстүлэр. Нэһилиэк Далбар Хотуттара сахалыы сиэринэн кымыстаах алаадьынан айах туттулар, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников ытык сир туһунан билиһиннэрдэ. Бороҕон бөһүөлэгэр киирэн баран, маҥнай анал байыаннай дьайыыга хорсуннук олоҕун толук уурбут биир дойдулаахпыт Василий Данилов скверыгар сылдьан, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда. Салгыы «Швейный патриот» волонтердар сыахтарыгар уонна анал байыаннай дьайыы киинигэр сылдьан үлэлэрин билистэ, сүбэлэри биэрдэ. Ол кэнниттэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта көрсөн кэпсэттэ, олохторун-дьаһахтарын билистэ. «Инникитин Ийэ дойдубут туһугар бэриниилээх дьон буоларгыт быһыытынан, дойдубут сайдарын туһугар төһүү күүс буолуоххут», — диэн эрэнэрин биллэрдэ. Көрсүһүү сүрүн чааһа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар ыытылынна. Дыбарыас таһыгар Дьоруойу анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара арыаллаан кэлбиттэрин 200-тэн тахса киһи дохсун ытыс тыаһынан уруйдуу көрүстэ. Дьоруойу чиэстиир чаас улуус баһылыга Василий Алексеев эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Салгыы улуус депуттарын муннаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Константин Копырин, улуустааҕы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Карпов, Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Евгений Бочкарев, Майаҕас орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Сандаара Ушницкая истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Оҕолор бэйэлэрин илиирэринэн чочуйан оҥорон таһаарбыт Олоҥхо бухатыырын туттаран туран, бу үлэ эйиигин өрүү араҥаччылаатын харыстаатын диэн туттарбыттара Дьоруойу ордук долгутта. Көрсүһүүгэ кыттыбыт дьон Дьоруой бойобуой суолун, хорсун быһыытын, тылын-өһүн долгуйан туран иһиттилэр, чугастык ылыннылар, ис сүрэхтэриттэн махтаннылар. Александр Егорович бу Уус Алдаҥҥа сылдьыбыт сырыытын устатын тухары дьоҥҥо истиҥ сыһыанын, амарах санаалааҕын, боростуой, көнө быһыытын бэлиэтээн көрдүлэр, итиэннэ дойду сайдарын туһугар туох баар өйүн-санаатын, кыаҕын барытын ууруо диэн эрэнэ хааллылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Сегодня на сессии районного Совета депутатов Александр Валинурович Басыров единогласно переизбран главой Мирнинского района на новый срок. Поздравляю Александра Валинуровича с оказанным доверием! Уверен, его опыт и знание района помогут последовательно решать задачи, стоящие перед муниципалитетом. Мирнинский район – одна из опор экономики Якутии, его развитие имеет большое значение для всей республики. Особая сила района – в трудолюбии, профессионализме и сплочённости мирнинцев. Здесь живут и работают люди разных поколений и национальностей, бережно сохраняют традиции и воспитывают детей в уважении к родному краю. Важно укреплять экономический потенциал района, привлекать инвестиции и развивать инфраструктуру. Результаты этой работы должны быть ощутимы в повседневной жизни людей – в благоустройстве городов и посёлков, качестве социальных услуг, возможностях для работы и воспитания детей. Желаю Александру Валинуровичу крепкого здоровья, сил и успешной работы на благо жителей Мирнинского района! max.ru/aisen_nikolaev
🤩👏Бэҕэһээҥҥиттэн өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар «Директор» диэн киинэ көстөн саҕалаата. Эрдэ сүрэхтэммит «Тимир» уонна «Убаһа этэ» киинэлэр режиссердара Николай Корякин-Айдын Ате тыа сирин сырдатар лирическай комедияны устарга холонно. Ол курдук, бүгүн «Саҥа күн» биэриигэ режиссер Николай Корякин-Айдын Ате, сүрүн оруолу толорооччу, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Алиса Ларионова, киинэ артыыһа Владислав Никаноров ыалдьыттаатылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube



+4
🪖✊Уус Алдан улууһугар РФ Дьоруойа Александр Находкины көрүстүлэр Сирияны, Ливияны, Орто Африканы уонна анал байыаннай дьайыыны ааспыт, сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбит, модун санаалаах саха хамандыыра, Россия Дьоруойа Александр Находкины алтынньы 29 күнүгэр Уус Алдан улууһун дьоно-сэргэтэ көрүстүлэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Александр Егорович буор куттаах, өбүгэ ситимнээх киһи. Кини аҕатын өттүнэн — Бороҕон Сыҥааҕыттан, саха омук судаарыстыбаннаһын түстээбит, бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Сэһэн Ардьакыаптан сыдьааннаах. Ийэтин өттүнэн — Аҕа дойду Улуу сэриитин албан ааттаах буойуттара, хорсун-хоодуот Александр уонна Михаил Чусовскойдартан төрүттээх. Донбасска нуучча норуотун дьылҕата быһаарыллар кэмигэр, кини туора туран биэрбэтэҕэ. Норуотун көмүскүүр сыаллаах, бэйэтин баҕатынан норуодунай ополчениеҕа барбыта. Мантан саҕаламмыта уһун унньуктаах, ыар бойобуой суола. Сирияҕа, Ливияҕа, Киин Африкаҕа тиийэ сылдьан, кини өлүү дьуоҕатыттан мүччү туттаран, хаста даҕаны иккис тыыннаммыта. Бахмут иһин кырыктаах кыргыһыыга хамандыырдарын сүтэрбиттэригэр, Александр Егорович уолуйбакка, взводу, онтон 1300 кэриҥэ киһилээх ротаҕа тиийэ салайбыта. Кини сатабыла, модун санаата уонна байыастарын туһугар кыһамньыта кыайыыны аҕалбыта. Ол иһин кинини «Эр Санаа» үһүс уордьанынан, «Хорсунун иһин» иккис мэтээлинэн бэлиэтээбиттэрэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🤩👏«Саха» НКИХ «Тооку уонна Чысхаан» ойуулуга дойду таһымыгар ТЭФИ-KИДС 2026 национальнай телевизионнай бириэмийэҕэ «Оҕолорго аналлаах бастыҥ анимационнай киинэ» анал аат кыайыылааҕынан ааттанна. Манан сиэттэрэн бүгүн сарсыарда «Тооку» оҕо ханаалын шеф-редактора Анна Кириллинаны, «Тооку» оҕо ханаалын худуоһунньуга Александра Сосинаны, «Тооку» оҕо ханаалын аниматор-худуоһунньуга Катерина Христофорованы улахан ситиһии туһунан кэпсэтиигэ ыҥырдыбыт. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🤩👏🏻ТООКУ-BACKSTAGE: «САҤА КҮН» БИЭРИИГЭ «ТООКУ УОННА ЧЫСХААН» ОЙУУЛУК ТЭФИ-КИДС КЫАЙЫЫЛААҔА! @tookufest