НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 49 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🪖✊Уус Алдан улууһугар РФ Дьоруойа Александр Находкины көрүстүлэр Сирияны, Ливияны, Орто Африканы уонна анал байыаннай дьайыыны ааспыт, сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбит, модун санаалаах саха хамандыыра, Россия Дьоруойа Александр Находкины алтынньы 29 күнүгэр Уус Алдан улууһун дьоно-сэргэтэ көрүстүлэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Александр Егорович буор куттаах, өбүгэ ситимнээх киһи. Кини аҕатын өттүнэн — Бороҕон Сыҥааҕыттан, саха омук судаарыстыбаннаһын түстээбит, бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Сэһэн Ардьакыаптан сыдьааннаах. Ийэтин өттүнэн — Аҕа дойду Улуу сэриитин албан ааттаах буойуттара, хорсун-хоодуот Александр уонна Михаил Чусовскойдартан төрүттээх. Донбасска нуучча норуотун дьылҕата быһаарыллар кэмигэр, кини туора туран биэрбэтэҕэ. Норуотун көмүскүүр сыаллаах, бэйэтин баҕатынан норуодунай ополчениеҕа барбыта. Мантан саҕаламмыта уһун унньуктаах, ыар бойобуой суола. Сирияҕа, Ливияҕа, Киин Африкаҕа тиийэ сылдьан, кини өлүү дьуоҕатыттан мүччү туттаран, хаста даҕаны иккис тыыннаммыта. Бахмут иһин кырыктаах кыргыһыыга хамандыырдарын сүтэрбиттэригэр, Александр Егорович уолуйбакка, взводу, онтон 1300 кэриҥэ киһилээх ротаҕа тиийэ салайбыта. Кини сатабыла, модун санаата уонна байыастарын туһугар кыһамньыта кыайыыны аҕалбыта. Ол иһин кинини «Эр Санаа» үһүс уордьанынан, «Хорсунун иһин» иккис мэтээлинэн бэлиэтээбиттэрэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

020040060080030 Oct 02:5010 Nov 22:0665630 Oct 02:50: 0 views10 Nov 22:06: 656 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
30 Oct 2026, 02:500
10 Nov 2026, 22:06656

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.