🪖🇷🇺✊Россия Дьоруойа Александр Находкины Уус Алдан улууһун дьоно-сэргэтэ өрө көтөҕүллэн туран көрүстэ Александр Егорович силис тардыбыт, өбүгэтин сиригэр Бороҕон нэһилиэгэр биир дойдулаахтара Улуу Кыайыы болуоссатыгар оҕолуун-уруулуун мустан уруйдуу көрүстүлэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Кинини улуус баһылыга Василий Алексеев арыаллаан, төрүттэрэ олорон ааспыт ытык миэстэлэрин көрдөрдө, билиһиннэрдэ. «Түмсүү» норуот айымньытын киинигэр көрсөн, аал уоту оттон алгыстарын тиэртилэр, нэһилиэнньэ олохтоохторун, аймахтарын көрсөн олус долгуйда. Биир дойдулаахтара истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кининэн киэҥ тутталларын биллэрдилэр. Салгыы Тойон Мүрү туонатыгар биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду сэриитигэр аттаналларыгар тохтоон, дойдуларын кытта бырастыыласпыт ытык сирдэригэр, Хараҕа Төрдүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара көрүстүлэр. Нэһилиэк Далбар Хотуттара сахалыы сиэринэн кымыстаах алаадьынан айах туттулар, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников ытык сир туһунан билиһиннэрдэ. Бороҕон бөһүөлэгэр киирэн баран, маҥнай анал байыаннай дьайыыга хорсуннук олоҕун толук уурбут биир дойдулаахпыт Василий Данилов скверыгар сылдьан, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда. Салгыы «Швейный патриот» волонтердар сыахтарыгар уонна анал байыаннай дьайыы киинигэр сылдьан үлэлэрин билистэ, сүбэлэри биэрдэ. Ол кэнниттэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта көрсөн кэпсэттэ, олохторун-дьаһахтарын билистэ. «Инникитин Ийэ дойдубут туһугар бэриниилээх дьон буоларгыт быһыытынан, дойдубут сайдарын туһугар төһүү күүс буолуоххут», — диэн эрэнэрин биллэрдэ. Көрсүһүү сүрүн чааһа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар ыытылынна. Дыбарыас таһыгар Дьоруойу анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара арыаллаан кэлбиттэрин 200-тэн тахса киһи дохсун ытыс тыаһынан уруйдуу көрүстэ. Дьоруойу чиэстиир чаас улуус баһылыга Василий Алексеев эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Салгыы улуус депуттарын муннаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Константин Копырин, улуустааҕы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын түмсүүтүн салайааччыта Андрей Карпов, Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Евгений Бочкарев, Майаҕас орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Сандаара Ушницкая истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Оҕолор бэйэлэрин илиирэринэн чочуйан оҥорон таһаарбыт Олоҥхо бухатыырын туттаран туран, бу үлэ эйиигин өрүү араҥаччылаатын харыстаатын диэн туттарбыттара Дьоруойу ордук долгутта. Көрсүһүүгэ кыттыбыт дьон Дьоруой бойобуой суолун, хорсун быһыытын, тылын-өһүн долгуйан туран иһиттилэр, чугастык ылыннылар, ис сүрэхтэриттэн махтаннылар. Александр Егорович бу Уус Алдаҥҥа сылдьыбыт сырыытын устатын тухары дьоҥҥо истиҥ сыһыанын, амарах санаалааҕын, боростуой, көнө быһыытын бэлиэтээн көрдүлэр, итиэннэ дойду сайдарын туһугар туох баар өйүн-санаатын, кыаҕын барытын ууруо диэн эрэнэ хааллылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube