ОСТУОРУЙА ИСТИЭХХЭ
⚜️Быйыл Сахабыт сиригэр Култуура сыла биллэриллэн турар.
Маны тэҥэ, киин куораппытыгар үөрэхтээһин 100 сыла!
📖 Бу бэлиэ дьылга Дьокуускай куорат уһуйааннарын иитээччилэрэ, уһуйааччылара биһиги каналбыт көрөөччүлэригэр анаан остуоруйа ааҕаллар.
🎙️Бүгүн Дьокуускай куорат "Малышок" оҕо уһуйааныттан Алена Сидорова бэйэтэ айбыт "Дьыл кыргыттара" остуоруйатын кэпсиир.
📖 Утуйуох иннинэ аптаах остуоруйаны истэн сылаанньыйыҥ.
✅ Остуоруйа ааҕан, куолас уһултаран үйэтитиэн баҕалаах иитээччилэри, уһуйааччылары биһиги айар бөлөхпүт кэккэтигэр ыҥырабыт. Электроннай аадырыспытыгар суруйаргытын күүтэбит chokhoon@mail.ru
🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
Show more Show less
Ил Дархан Петр Шамаевтыын көрүстэ
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Дуума депутата Петр Шамаевы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта. Кини инники былааннарын уонна депутат үлэтин сүрүн хайысхаларын кэпсэттилэр.
Петр Витальевич Галина Данчиковалыын бииргэ үлэлии сылдьар федеральнай бүддьүөт бырайыагар этиилэргэ ордук болҕомто уурулунна. Бүддьүөт быһаарыыларын ылыныыга өрөспүүбүлүкэ этиилэрэ учуоттаналлара улахан суолталаах.
Депутат сүрүн соруктарынан байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр уонна СВО кыттыылаахтарыгар көмө, ыччат бэлиитикэтин, тыа сирин өйөөһүн киирэллэр.
«Петр Витальевич баай уопута, билиитэ Саха сирин интэриэстэрин көмүскүүргэ, наадалаах боппуруостары быһаарарга төһүү буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диэн Ил Дархан эттэ.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
⛷️Алданнааҕы Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола (СШОР) старшай тренерэ, учуйааччы Яков Попов хайыһарга Селигдар куубагын уонна инники былаанын кэпсээтэ.
@sakhasporttv
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 30 октября (пт.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Күбэйэ 6+
11:15-Асчыттар 12+
12:00-Новости 12+
12:17-Эйгэ 12+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Үлэ чулуута 12+
14:45-Репортаж 12+
15:00-Кэрэ кэпсээн 12+
16:00-В эфире-филармония Якутии 12+
16:30-Полярная звезда 6+
17:00-Тэтим 12+
18:00-Новости 12+
18:15-Аартык 12+
18:30-Пути великих свершений 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Өркөн өй 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Уонна 12+
22:00-Сэргэх 12+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 12+
00:15-Өркөн өй 12+
01:30-Күбэйэ 6+
02:30-Тэтим 12+
03:30-Асчыттар 12+
04:10-Города и реки 6+
04:40-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
🎞️🎬«Директор»: Мотрена Громова артыыстар мөссүөннэрин оҥорооччу, уобарастарын, таҥастарын-саптарын таҥааччы.
Салгыы видеоматырыйаалга көр
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🎞️🎬«Директор»: Айыына Местникова киинэҕэ Ксюша оруолун оонньуур. Кини бэйэтэ медицина эйгэтин үлэһитэ буолар.🤩
Салгыы видеоматырыйаалга көр🙌🏻
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🎬🎞️ «Директор»: алгыстаах алаадьынан айах туттулар
Киинэни Горнай улууһун Маҕарас сэлиэнньэтигэр устубуттар.
Бүгүн «Лена» киинэ тыйаатырыгар сэлиэнньэ олохтоохторо, көрөөччүлэри алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🎬🎞️«Директор» киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэннэ🤩
👍🏻Режиссёр Николай Корякин (Айдын Ате) «Директор» киинэтэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэннэ.👏🏻
💐Сүрүн оруолларга: Дмитрий Баишев, Алиса Ларионова, Елена Маркова, Айыына Местникова.🔥
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕
12 сиэрийэ
Клавдия түүннэри пансионат олохтоохторун, үлэһиттэрин ыксата сырытта. Амалия а5ата Савва буоларын биллэ.. Албан урукку кыыһын үлэ5э ыңыран баран холбоһор санаата суо5ун биллэрдэ. Кристина Баарыска иэстэһээри Кыыдаананы кыттыһыннарда. Ол туһуттан кыыс уоллуун киинэ5э барыста. Кыргыттар тугу эрэ бэлэмнээбиттэр...
@sakha_serial_nvk
@nvk_sakha
Show more Show less
🤩«Түүлчээннэр» 2 сезонун режиссера Петр Павлов «Тооку» оҕо ханаалыгар үлэтин, ханнык бырайыагы бэлэмнии сылдьарын кэпсээтэ!
@tookufest
Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназията төрүттэниэҕиттэн 31 сыл устата үлэлии-хамсыы сылдьар РФ үтүөлээх учуутала Мария Хойутанова Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан «СӨ Норуодунай учуутала» диэн бочуоттаах аатын ылла.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сирин ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 1236 туонна социальнай суолталаах ас-үөл табаарын тиэртилэр
Быйыл ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга «Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата» АУо (АУо «АТЛК») уунан 1236 туонна социальнай суолталаах аһылык бородууктатын тиэйэн аҕалла.
Кыһыҥҥы массыына суола аһылыннаҕына, хампаанньа хотугу уонна Арктика оройуоннарыгар табаары таһыыны салгыы ыытыаҕа. Бу туһунан «Актуальное интервью» биэриигэ АУо «АТЛК» генеральнай дириэктэрэ Сайдам Степанов иһитиннэрдэ.
«Ахсынньыга биһиги массыына суолунан Өлөөн, Муома, Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма курдук Арктика оройуоннарыгар аһылык бородууктатын таһар кыахтаахпыт. Быйыл аан бастаан «Арктика суоллара» хампаанньаны кытта ахсынньыга, Саҥа дьыл иннинэ, Үөһээ Дьааҥы уонна Усуйаана улуустарыгар аһылыгы таһаары былаанныыбыт», — диэн Сайдам Степанов эттэ.
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр» сериалы куоттарыма!😍👏🏼
«Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, 21:00 чаастан сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼
Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🗼Дьокуускай телебашнята Секлетея Курчатова 100 сааһыгар кыһыл өҥүнэн сандаарыа
Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, 20:00 чаастан 22:00 чааска диэри киин куорат телебашнята саха тэлэбиидэнньэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруолу киллэрбит Секлетея Алексеевна Курчатова үбүлүөйдээх сүүс сааһынан кыһыл уотунан сандаарыа.
Бу туһунан СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
1973 сылтан кини Саха АССР Судаарыстыбаннай телерадиотын салайбыта. Кини салалтатынан телерадио биэриилэрин тэрилэ саҥардыллыбыта, Саха сирин тэлэбиидэнньэтэ хара-маҥан ойууттан өҥнөөххө көспүтэ, 225 м телебашня тутуллубута, ол сигнал ылыытын хаачыстыбатын тупсарбыта уонна биэрии зонатын кэҥэппитэ. Кини көҕүлээһининэн Ленинградтан Дьокуускайга көһө сылдьар телевизионнай ыстаансыйаны аҕалбыттара, ол көмөтүнэн суруналыыстар сюжеттэри миэстэтигэр туран уһулар кыахтаммыттара.
Телебашня кыһыл уота кини Саха сирин телевидениетын уонна сибээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин махтал бэлиэтинэн буолуоҕа.
nvk-online.ru 📲 MАХ | TГ | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
Уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэл Секлетея Курчатова төрөөбүтэ 100 сыла бэлиэтэнэр. Кини туһунан сиһилии сюжекка көрүҥ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэл Секлетея Алексеевна Курчатова төрөөбүтэ 100 сыла.
РФ Социальнай көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Альбина Поисеева устуудьуйаҕа ыалдьыттаан Секлетея Курчатова туһунан сиһилии сырдатта.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Дьокуускай «Молодёжная столица России – 2027» аакка ТОП-10 иһигэр киирдэ
Киин куорат бүтүн россиятааҕы куонкурус бастакы түһүмэҕин ааһан уон иһигэр киирдэ.
Дьокуускайы кытта иккис түһүмэххэ Архангельскай, Улуу Новгород, Иваново, Краснодар, Мурманскай, Нальчик, Сыктывкар, Уфа уонна Ярославль аастылар.
Билигин номинаннарга саҥа, уустук сорук турар. Сэтинньи 10 күнүгэр диэри куораттар «Сайаапка кинигэтин» — Дьокуускай ис хоһоонноох каартатын — дьоһун докумуону бэлэмниэхтээхтэр.
Дьүүллүүр сүбэ медийнэй стратегияны эмиэ сыаналыаҕа. Сэтинньи 10 күнүнээҕи сыанабыл түмүгүнэн, биэс куорат финалга тахсыаҕа.
Куонкурус кыайыылааҕар 2027 сыл устата ыччат киинин аатын сүгэр быраап бэриллиэҕэ. Бу федеральнай өйөбүлгэ, киэҥ далааһыннаах грант бырагыраамаларыгар, бэйэтин сиригэр-уотугар улахан ыччат форумнарын ыытыыга, ону тэҥэ дойду үрдүнэн эдэр исписэлиистэр уонна туристар кэлиилэригэр улахан кыаҕы арыйыаҕа.
Хаартыска: Дьокуускай куорат дьаһалтата
#Якутск #МолодежнаяСтолица #Росмолодежь
Show more Show less
🎿 Уроженец Нерюнгри, представляющий Москву, Алексей Распутин поделился эмоциями после гонки на «Кубке Селигдара»
Спортсмен отметил, что результатом доволен. Самым тяжелым испытанием, по его признанию, стало не преодоление конкретного участка трассы, а борьба с самим собой — внутренняя борьба в голове.
Видео: Майя Дмитриева / «Якутия 24»
yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
Арктика оройуоннара массыына суола аһыллыар диэри уматыгынан хааччылыннылар
Бу туһунан СӨ ОДьКХ-тын уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ анаммыт пресс-конференцияҕа иһитиннэрдэ.
«Бүгүн хотугу уонна Арктика оройуоннарын бары нэһилиэнньэлээх пууннара массыына суола аһыллыар диэри наадалаах уматыгынан 100% хааччылыннылар. Баар саппаас нэһилиэнньэ күннээҕи наадыйыытын хааччыйарга уонна оттук сезонун массыына суола үлэлиэр диэри туруктаахтык аһарарга сөп буолар», — диэн Вячеслав Емельянов бэлиэтээтэ.
Чох, ньиэп уонна дизельнэй уматык тиэйиитин былаана 441 тыһыынча туонна уопсай кээмэйтэн алтынньы бүтүүтүгэр 83% тахса толорулунна.
Уматык ордубут кээмэйин массыына суола туруктаахтык үлэлиир кэмигэр — тохсунньуттан кулун тутар бүтүөр диэри — тиэрдэр былааннанар.
Хаартыска: СӨ Суһал штабын МАХ ханаала
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
+2
🚩Дьохсоҕоҥҥо - Хомсомуол күнэ!
Таатта улууһугар Дьохсоҕон иистэнньэҥ эбэлэрэ эдэр саас эрчимнээх кэмнэрин санаан хомсомуол күнүн бэрт сэргэхтик көрсөллөр.
Аалай былааттарын баанан, маҥан куопталарын кэтэн, мэтээллэрин-уордьаннарын иилинэн, ырыа аргыстаах иистэрин үмүрүтэллэр.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube