🛣️🏗️Дьокуускайга өрөмүөн кэнниттэн Ефимов уулуссатын үөрүүлээхтик арыйдылар Суолу оҥоруу үлэтэ быйыл муус устарга саҕаламмыта. Саҥардыллыбыт учаастак уһуна 397 миэтэрэҕэ тэҥ. Бырайыакка - айанныыр икки балаһа, 2 миэтэрэ кэтиттээх тротуар, велодорожка, ууну аһардар систиэмэ, уот уонна тас канализация ситмиин уларытыы, тас сырдатыы тирэхтэрин туруоруу итиэннэ аттынааҕы үс парковканы оҥоруу көрүллүбүтэ. Ону таһынан, билигин сатыы дьон туоруур сирин кырааскаламмыт бэлиэтээһинин оннугар проекциялыыр аппаратураны туруоруохтара. Суол 203-с түөлбэ олохтоохторугар куорат киинигэр табыгастаахтык айанныыр кыаҕы биэриэҕэ, ону тэҥэ чугастааҕы уулуссаларга тырааныспар утуруйсуутун аҕыйатыа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube