Амма улууһугар хочуолунайдарга чоҕу тиэйии салҕанар СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, алтынньы 28 күнүттэн Амма улууһугар чоҕу Харбалаахтааҕы чох хостуур сиртэн сыл устата массыына суолунан таһаллар. Таһыыга түөрт самосвал үлэлиир. Тиэхиньикэ бэлэмнэннэҕинэ, массыына ахсаанын элбэтэр былааннаахтар. Тиэрдээччи уонна таһааччылар үлэлэрин өйүүр сыалтан «СӨ ОДьКХ» ГУП нэдиэлэ ахсын үбү-харчыны ыытар. Бу үлэ уматык саппааһын хаҥатарга уонна олорор дьиэлэри, социальнай тэрилтэлэри туруктаахтык ититиинэн хааччыйарга туһуланар. Хаартыска: оҥоһуу өй nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube