Юрий Николаев: регионнааҕы инвестиция бырайыактарын кыттыылаахтарыгар барыс нолуогун үрдэтии Саха сирин бүддьүөтүн дохуотун улаатыннарыаҕа Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Николаев «Актуальное интервью» биэриигэ регионнааҕы инвестиция бырайыактарын (РИП) кыттыылаахтарыгар барыс нолуогун ыстаапкатын үрдэтии туһунан иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, бу дьаһал өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуотун улаатыннарарга туһуланар. «Саха сиригэр РИП — сүрүннээн кыһыл көмүһү хостооһун бырайыактара. Кыһыл көмүс сыаната уонна хостуур кээмэйбит биһиги эрэлбитигэр эппиэттиэхтэрэ диэн эрэнэбит, оччоҕуна 2027 сылга бүддьүөккэ эбии 5 млрд солкуобайы ылыахпыт», — диэн СӨ парламенын вице-спикерэ эттэ. Кини Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын XX уочараттаах пленарнай мунньаҕар дьокутааттар кыһыл көмүс аан дойдутааҕы сыаната уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрин дохуоттара үрдээбитин учуоттаан быһаарыыны ылыммыттарын чопчулаата. «Барыс нолуогун ыстаапкатын 13,5%-тан 16%-ҥа диэри үрдэтэр туһунан быһаарыы ылыллыбыта, ол эрээри сокуон 17%-ҥа диэри үрдэтэри көҥүллүүр. Биһиги эбии 1% саппааска хааллардыбыт», — диэтэ Юрий Николаев. Ону сэргэ кини РИП-ка кыттыы усулуобуйата кытааппытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: билигин чэпчэтиигэ бары тиксиэхтэрэ суоҕа — онно анаан улахан инвестиция наада буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%706 avg views
Posting
21.7/day
last 46 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 30 Oct 2026, 11:21 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 699 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.