НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. 🏢Горнайга саҥа таас дьиэлэр дьэндэйэллэр Горнай улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан Бэрдьигэстээххэ күн бүгүн түөрт мэндиэмэннээх таас дьиэ иккис уочарата түмүктүүр түһүмэҕэр үлэ күөстүү оргуйар. Нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕун түстүүр кэскиллээх бырагыраама нөҥүө Горнай улууһугар кэлиҥҥи сылларга үгүс тутуу ыытылынна. Улуус киинигэр эрэ буолбакка, кытыы сытар нэһилиэктэргэ эмиэ аныгылыы тупсаҕай, толору хааччыллыылаах, таас дьиэлэр кытта дьэндэйдилэр. Бүгүн Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Сэргэлээх түөлбэтигэр 4 этээстээх, 22 кыбартыыралаах таас дьиэ иккис түһүмэҕин тутуу түмүктүүр түһүмэҕэ бара турар. Тутуу уопсай иэнэ 1120 кв.м. тэҥнэһэр. Бүгүҥҥү туругунан, эбийиэк бэлэмэ 70 быраһыан. Үлэни Сахастройтранс тэрилтэ сүрүннүүр. Билигин тутуу көҥдөйө бүтэн, ис тас бүрүөһүнүн, ититиитин бэлэмнииргэ үлэ барар. Маны таһынан, кэлэр сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан улуус үс нэһилиэгэр тутуулар олоххо киириэхтэрэ - Солоҕоҥҥо, Атамайга уонна Кировскайга. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. Милена Борисова «ИСТИҤ» биэриитэ НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар хас оптуорунньук аайы тахсыаҕа. 📱СЫҺЫАРЫЫНЫ БУ СИГЭНЭН ХАЧАЙДАА: 💠App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA/id6447428114 💠Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. Быйыл ЛОРП Арктика оройуоннарыгар 350 тыһыынчаттан тахса туонна таһаҕаһы тиэртэ 2026 сыл навигациятыгар «ЛОРП» ПАУо Чукотка уонна Саха сирин Арктика оройуоннарын нэһилиэнньэтигэр уонна тэрилтэлэригэр 350 тыһыынчаттан тахса туонна таһаҕаһы тиэйдэ. Ол иһигэр 178 тыһыынча туонна чох, 153 тыһыынча туонна ньиэп бородууктата уонна 23 тыһыынча туонна генеральнай таһаҕас тиэлиннэ. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Арктика оройуоннарыгар хотугу таһаҕаһы таһыыны хас да таһаҕаһы таһар тэрилтэ уонна таһаҕаһы ыытааччы хааччыйар. Суһал кэтээн көрүү дааннайынан, Арктика бөлөҕөр уопсайа 321,7 тыһыынча туонна былаантан 302,7 тыһыынча туонна ыытылынна, 275,6 тыһыынча туонна тиэрдилиннэ. Бу көрдөрүүлэр өрөспүүбүлүкэ былаанынан таһаҕаһы таһыыга кыттар бары кыттыылаахтар үлэлэрин учуоттуур. Навигация кэмигэр таһаҕас сорох көрүҥүн тиэрдиигэ уустуктар үөскээтилэр. Таһаҕаһы тиэйии болдьоҕор Дьабарыкы Хайа чох карьерыгар чоҕу хойутатан ыытыы, сырдык ньиэп бородуукталарынан хааччыйыыга быстах тохтобуллар уонна өрүс сорох учаастактарыгар уу таһыма намыһаҕа, ол суудуналар ааһалларын хааччахтаабыта сабыдыаллаата. Ордук уустук быһыы-майгы Дьааҥы уонна Индигиир өрүстэргэ үөскээтэ. Былааннаммыт уматык уонна чох сорох чааһын кыһыҥҥы кэмҥэ массыына суолунан тиэрдиллиэҕэ. Уус Куйга олохтоохторун аһынан-үөлүнэн хааччыйар туһугар салгын суудуналарын рейстэрин тэрийии былааннанар. Өрүһүнэн уу таһыма кутталлаахтык намтаан тиэрдиллибэтэх ас-үөл табаардарын Тиксиигэ ыыттылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. repost

    🇷🇺 СЛУЖБА ПО СПЕЦКОНТРАКТУ: ОПЕРАТОР В ЭЛИТНЫЕ ВОЙСКА БЕСПИЛОТНЫХ СИСТЕМ 🇷🇺 Оформление через пункт отбора на военную службу по спецконтракту (3 разряда) г. Якутска 💳 Единовременная выплата — от 3 800 000 ₽ 💳 Денежное довольствие — от 240 000 ₽ ежемесячно 💳 За год службы — от 6 680 000 ₽ 💳 Заключение специального контракта сроком на 1 ГОД в ЭЛИТНЫЕ подразделения беспилотных систем с гарантированным увольнением! 📤 Требования к кандидатам: - гражданство Российской Федерации; - возраст от 18 до 44 лет; - категория здоровья А или Б; - отсутствие судимостей по УК РФ; - образование — не ниже 9 классов. 📃 Условия: - бесплатное приобретение авиабилетов из любой точки России до г. Якутска для кандидатов; - бесплатное проживание и питание; - помощь в восстановлении документов. 📄 Льготы: ✅ статус ветерана боевых действий; ✅ списание долгов до 10 000 000 ₽; ✅ поступление в ВУЗы и ССУЗы вне конкурса (на бюджетные места — для военнослужащего и членов его семьи); ✅ оформление академического отпуска на время службы (сроком до 1 года); ✅ иные предусмотренные льготы. 📞 Телефон для связи: 8-923-231-80-30, 8-800-100-37-56 #ВойскаБПС БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ: https://max.ru/channel_bps14

  5. 2027 сылга үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа Лиэнскэй оройуонугар ыытыллыаҕа Эһиилги XX-с Олоҥхо Ыһыаҕа Лиэнскэй оройуоҥҥа от ыйын 3–4 күннэригэр ыытыллыаҕа. Бу туһунан оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бэлэмнэнии чэрчитинэн билим-методическай кэмпириэнсийэ 2027 сыл кулун тутар 11–12 күннэригэр буолуоҕа. Быһаарыыны Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар ыллылар. Ону тэҥэ бэлэмнэнии былаанын, эбийиэктэр испииһэктэрин уонна үлэлиир хамыыһыйалар састааптарын бигэргэттилэр. Оройуоҥҥа бэлэм номнуо бары хайысхаларынан бара турар: эбийиэктэри бырайыактааһын, култуурунай уонна спортивнай бырагыраама тыырыыта, волонтердар корпустарын тэрийии. Арыллыы уонна сабыллыы сиэрин-туомун сүрүн режиссерунан П.А.Ойунскай аатынан Саха академическай тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай буолла. Хаартыска: Лиэнскэй оройуонун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. Саха сирин олохтоохторо МАКС чат-ботугар социальнай өйөбүл миэрэлэрин талыахтарын сөп Өрөспүүбүлүкэҕэ «Соцпомощник Якутия» диэн сыыппара сервиһэ үлэлиир. Олохтоохтор бу сервис көмөтүнэн социальнай өйөбүл миэрэлэрин уонна өҥөлөрүн туһунан билэр кыахтаахтар. Виртуальнай көмөлөһөөччү МАКС мессенджергэ үлэлиир. Сыыппара быһаарыыларын олоххо киллэрии Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Экономика данных и цифровая трансформация государства» национальнай бырайыакка, ону тэҥэ Ил Дархан Айсен Николаев «О развитии креативной экономики» стратегическай ыйааҕар сөп түбэһэр. Виртуальнай көмөлөһөөччү туһунан сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр Николай Тарскай аатынан түмэл тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ устар бөлөхпүт сырытта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Намҥа СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оҕуруот аһынан хааччыйда Хамаҕатта нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Александр Жирков анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оҕуруот аһынан көмөлөһөр үтүө үгэһин быйыл эмиэ салҕыыр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, улуус баһылыгын Юрий Слепцовы уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа Анастасия Олесованы кытта кэпсэтэн, моркуобу хомуйууга 3 күннээх субуотунньук тэрийдэ. Биир бааһынаттан уопсайа 400-тэн тахса куул моркуоп хомуллан, 200-тэн тахсата буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, ордуга субуотунньуктаабыт дьоҥҥо түҥэтилиннэ. Улуус бары нэһилиэктэриттэн, сорох нэһилиэктэртэн 20-тэн тахсалыы киһи уонна Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин 10 кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэн көх-нэм буолбуттарын, субуотунньук кыттыылаахтара эһиил эмиэ кэлэн көмөлөһүөхпүт диэн баҕа санааларын тиэрдибиттэрин туһунан Александр Степанович санаатын үллэстэр. Александр улуус дьоно үөрэ-көтө кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар, оттон буойуттарбыт дьиэ кэргэттэрэ амарах санаалаах салайааччы үтүөтэ Александр Жирковка, субуотунньуктаан көмөлөспүт биир дойдулаахтарыгар махтал тылларын тиэрдэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Биһиги ханаалбытыгар саҥа уус-уран сериал сүрэхтэнэр Дьон сэҥээриитин ылбыт «Айкуо» диэн драманы таһаарбыт эдэр режиссер Ярослав Касьянов билигин «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр» диэн саҥа киинэтин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыа. Устуу үлэтэ хайдах ааспытын туһунан кэлэр сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 🏫👏🏻Сунтаарга Сиэйэ оскуолата үбүлүөйүгэр көхтөөхтүк бэлэмнэнэр Сиэйэ оскуолата 2026-2027 үөрэх дьылыгар, кулун тутар 19 күнүгэр 135 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри олорор. Онно бэлэмнэнэн оскуола тас өттүн тупсарыыга үлэни ыыттылар. Ол курдук, түннүк кырааскатын саҥардыыга оскуоланнан бары тахсан үлэлээбиттэр. Күннэ туран биэрэн, сүрдээх үчүгэй хамсаныы буолбут. Күүс-көмө буолбут төрөппүттэр ис сүрэхтэн махтаналлар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 👏🏻41 саастаах кэрэ аҥаар онус оҕолонно Дьокуускайга Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн онус оҕоломмут Лия уонна Ньургуна Давыдовтар дьиэ кэргэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэлэригэр таһаардылар. Бу туһунан Хаҥаластааҕы социальнай көмүскэл салалтата иһитиннэрэр. Билигин дьиэ кэргэн аҕыс кыыстаах уонна икки уоллаах. Алтынньы 12 күнүгэр Перинатальнай кииҥҥэ 41 саастаах элбэх оҕолоох ийэни оҕоломмутунан Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Николай Степанов эҕэрдэлээтэ. Давыдовтар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биир көхтөөх дьиэ кэргэн буолаллар. Ийэлэрэ Лия Валерьевна хореографиянан дьарыктанар, үҥкүүлэри туруорар, үҥкүүлүүр. Аҕалара Ньургун Тимофеевич – Саха сирин Оһуохай үтүөлээх этээччитэ. Кини кыргыттарын кытта оһуохайдыыр. Давыдовтар улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтара буолбуттара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. edited

    Сунтаарга аҕам саастаахтарга анаан үөрэх уонна сынньалаҥ лааҕыра ситиһиилээхтик ыытылынна Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтар декадаларыгар аналлаах тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытыллаллар. Ол курдук, Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн, аҕа көлүөнэ дьоҥҥо анаан түөрт күннээх анал лааҕыр тэрилиннэ. Бу бырайыак аҕам саастаахтар уопсастыба олоҕор көхтөөх кыттыыларын хааччыйар уонна кинилэр сомоҕолоһууларын күүһүрдэр сыаллаах ыытыллар. Тэрээһиҥҥэ барыта 50-тан тахса аҕа саастаах киһи бэрт көхтөөхтүк кытынна. Лааҕыр бырагырааммата олус баай уонна интэриэһинэй ис хоһоонноохтук ааста. Түөрт күн устата кыттааччыларга анаан араас хайысхалаах маастар-кылаастар, ол иһигэр ас-үөл кулинариятын кистэлэҥнэригэр үөрэтии уонна практическай дьарыктар үрдүк таһымҥа ыытылыннылар. Дьарыктары таһынан, лааҕыр кыттыылаахтарыгар анаан улуус суолталаах уонна саҥа тутуллубут эбийиэктэригэр экскурсиялар тэрилиннилэр. Эдэр көлүөнэ үөрэнэр, саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит үөрэх кыһатыгар политехническэй лицейгэ сырыттылар. Ону таһынан, тыа сиригэр ураты суолталаах, аныгылыы тутуулаах «Байҕал» бассейн үлэтин кытта билистилэр. Лааҕыр биир саамай умнуллубат уонна доруобуйаны тупсарар түһүмэҕинэн Кэмпэндээйи нэһилиэгэр айан буолла. Кыттааччылар Кэмпэндээйигэ ыалдьыттаан, ураты айылҕалаах сир эмтээх туус бассейыныгар сылдьан, доруобуйаларын бөҕөргөтүннүлэр, сэниэ уонна күүс-уох ыллылар. Түмүктээн эттэххэ, Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрин бу курдук тэрийэр үлэлэрэ аҕа көлүөнэ олоҕун таһымын тупсарыыга, кинилэр уопсастыба ортотугар бэйэлэрин наадалаахтарын өйдүүллэригэр уонна көхтөөх уһун үйэни ситиһиилэригэр улахан төһүү күүһүнэн буолар. Лааҕыр кыттыылаахтара тэрийээччилэргэ дириҥ махталы биллэрдилэр уонна маннык тэрээһиннэр инникитин да салҕаныахтара диэн эрэнэллэр. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. edited

    Дьокуускай куорат «Звезднай» түөлбэтигэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын хаарбах туруктаах дьиэтин олохтоохторун кытта көрсүһүү буолла. Манна СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин үлэһиттэрэ, ону тэҥэ «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека ааҕыныстыбата» АУо КУо кытыннылар. Сүрүн ырытыы тиэмэтинэн саҥа дьиэҕэ кыбартыыралары үллэрии буолла. Бу бырацыас бүтэр уһугар кэлбит, сотору кэминэн саҥа олохтоохтор күүтүүлээх күлүүстэри тутуохтара. Саҥа кыбартыыраларга сэттэ ыал көһөн киириэҕэ. Кинилэртэн үгүстэригэр бу сыллар тухары быһаарыллыбатах олорор усулуобуйаларын тупсарыы, олохторугар кэтэһиилээх кэрдиис кэм саҕаланыыта буолуоҕа. Олорохтоохтору саҥа дьиэҕэ көһөрүү үлэтэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн көхтөөхтүк ыытылынна. Көрсүһүүгэ олохтоохтор көһүү болдьоҕун уонна бэрээдэгин туһунан ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдары ыллылар. Күлүүстэри сотору кэминэн туттараллара күүтүллэр. Хаартыска: СӨ Култуура министиэристибэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. 🌇Сунтаарга Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэлгэ быыстала суох айар быыстапкалар тэриллэллэр. Бу күннэргэ Наахараттан төрүттээх Сунтаар улууһун норуот уус-уран оҥоһуктарын маастарын Розалия Степановна Григорьева айар быыстапкатын көрүөххүтүн сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 🏫🙇🏻‍♂️Бу үөрэх дьылыгар Владимир Короленко аатынан Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар «Кадры в АПК» диэн федеральнай бырагырааманан агрохайысхалаах кылаас арылынна. Манна оскуола 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ үүнээйи генетикатын уонна селекциятын, агроинженерияны дириҥэтэн үөрэтиэхтэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. Older posts