НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Быйыл ЛОРП Арктика оройуоннарыгар 350 тыһыынчаттан тахса туонна таһаҕаһы тиэртэ 2026 сыл навигациятыгар «ЛОРП» ПАУо Чукотка уонна Саха сирин Арктика оройуоннарын нэһилиэнньэтигэр уонна тэрилтэлэригэр 350 тыһыынчаттан тахса туонна таһаҕаһы тиэйдэ. Ол иһигэр 178 тыһыынча туонна чох, 153 тыһыынча туонна ньиэп бородууктата уонна 23 тыһыынча туонна генеральнай таһаҕас тиэлиннэ. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Арктика оройуоннарыгар хотугу таһаҕаһы таһыыны хас да таһаҕаһы таһар тэрилтэ уонна таһаҕаһы ыытааччы хааччыйар. Суһал кэтээн көрүү дааннайынан, Арктика бөлөҕөр уопсайа 321,7 тыһыынча туонна былаантан 302,7 тыһыынча туонна ыытылынна, 275,6 тыһыынча туонна тиэрдилиннэ. Бу көрдөрүүлэр өрөспүүбүлүкэ былаанынан таһаҕаһы таһыыга кыттар бары кыттыылаахтар үлэлэрин учуоттуур. Навигация кэмигэр таһаҕас сорох көрүҥүн тиэрдиигэ уустуктар үөскээтилэр. Таһаҕаһы тиэйии болдьоҕор Дьабарыкы Хайа чох карьерыгар чоҕу хойутатан ыытыы, сырдык ньиэп бородуукталарынан хааччыйыыга быстах тохтобуллар уонна өрүс сорох учаастактарыгар уу таһыма намыһаҕа, ол суудуналар ааһалларын хааччахтаабыта сабыдыаллаата. Ордук уустук быһыы-майгы Дьааҥы уонна Индигиир өрүстэргэ үөскээтэ. Былааннаммыт уматык уонна чох сорох чааһын кыһыҥҥы кэмҥэ массыына суолунан тиэрдиллиэҕэ. Уус Куйга олохтоохторун аһынан-үөлүнэн хааччыйар туһугар салгын суудуналарын рейстэрин тэрийии былааннанар. Өрүһүнэн уу таһыма кутталлаахтык намтаан тиэрдиллибэтэх ас-үөл табаардарын Тиксиигэ ыыттылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K13 Oct 09:0310 Nov 22:0683813 Oct 09:03: 0 views10 Nov 22:06: 838 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Oct 2026, 09:030
10 Nov 2026, 22:06838

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.