🤩👏🏻Чурапчы нэһилиэгин «Айыллаан» сынньалаҥ киинэ биир бастыҥ үлэлээх култуура киининэн биллэр. Соторутааҕыта бүтүн Россиятааҕы куонкурска кыайыылааҕынан тахсан 3 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланнылар. Саҥа үлэ сезона хайдах саҕаламмытын сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
edited
📺📲«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр» сериал бастакы сиэрийэтэ НВК «Саха» сыһыарыытыгар таҕыста😃 👉🏻 Бу сигэнэн сыһыарыыны хачайдаа App Store https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA/id6447428114 Google Play https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🪩🎉💃🏻Мииринэй куорат култуура эйгэтигэр эдэр исписэлиистэри бэйэтигэр тардар бары усулуобуйаны тэрийэр. Быйыл «Алмаас» култуура дьиэтигэр култуура колледжын бүтэрбит икки кыыс үлэҕэ киирдэ. Иккиэннэригэр да табыгастаах үлэни саҕалыырга бары усулуобуйа оҥоһуллубут. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
АМАН ӨС Күннээҕи олоххор өс хоһооннорун, сомоҕо домохтору тутта үөрэн, тылгын байыт. ▶️"Аман өс" бүгүҥҥү быһаарыытын көтүтүмэ. 🎙️Айсан Гермогенов ааҕар. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
🦆🧊Сунтаар Экологтар сквердарын күөлүгэр сайын устата олохтоохтору үөрдүбүт дьиэ кустарын дьылҕата быһаарылынна. Күөл мууһа халыҥаан, тымныы түһүүтүгэр көтөрдөр туруктарыгар куттал суоһаабытыгар, олохтоох дьаһалта уонна эр дьон көҕүлээһиннэринэн анал үлэ тэрилиннэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 13 октября (вт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Харах далыгар 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Геван 12+ 16:30-Кэм кэрэһитэ 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Сонуннар 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Үлэ дьоно 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Үлэ дьоно 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

🏐🏆Сунтаарга волейбол күрэҕин тэрийдилэр Сунтаар улууһугар волейбол Федерациятын көҕүлээһининэн волейболга Федерация куубага буолан ааста. Уопсайа 7 эр киһи, 5 дьахтар хамаандалара нэһилиэктэр оонньоотулар. Түмүк: Дьахталларга: 1 миэстэ - Кириэстээх 2 миэстэ - Элгээйи 3 миэстэ - Абаҕа. Эр дьоҥҥо: 1 миэстэ - Бүлүүчээн 2 миэстэ - Тойбохой 3 миэстэ - Күүкэй. @sakhasporttv
-
repost «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 1 сиэрийэ Кыыдаана куоракка барарга күүстээхтик сорунна ! Төрөппүттэрин бэлэмигэр олорбута, таптыыр уола атын кыыстаах, аны кинини тутар туох да суох үһү ... Кыыс саңа олоххо , киэң сиргэ бэлэм дуо ? биитэр таах дохсун санаа эрэ кулута дуу? 🤔 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-

🏢Горнайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри гаастааһын үлэтэ ыытыллар Горнай улууһугар күөх төлөн киирбит нэһилиэктэрин толору хааччыйар соруктаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри көһөрүү үлэтэ ыытыллар. Бэрдьигэстээххэ киин ититииттэн арахсан икки дьиэ туспа ититинэр кыахтанна. Дойду социальнай гаастааһынын бырагырааматын чэрчитинэн Горнайга быйылгыттан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри күөх төлөҥҥө көһөрүү үлэтэ саҕаланна. Дьиэ-уот йкоммунальнай хаһаайыстыба социальнай эбийиэктэрэ суох хочуолунайдарын үлэлэрэ тохтоон, быйылгы кыстыкка Новопортовской уонна Пионерска уулусса икки дьиэтэ күөх төлөҥҥө толору көстө. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр гааска холбоноллоругар улуус уонна нэһилиэк үбүнэн көмөлөөн усулуобуйа олохтонно. Сыл устата көрөр-истэр олохтоох анал тэрилтэҕэ сыһыаран, күн-дьыл туруутуттан көрөн хонтуруолу ыытыахтара. Бу курдук социальнай бырагыраама олоххо киириитэ тыа сирин олохтоохторун олоҕун таһымын тупсарарга сүрүн тирэх буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+4
👏🏻Таатта аҕам саастаахтара «Тыксааҥҥа» күрэхтэстилэр Ытык Күөлгэ «Сарыал» култуура уонна спорт сайдыытын киинин тэрийиитинэн аҕам саастаахтар икки ардыларыгар “Тыксаан” күрэхтэһиитэ буолан ааста. Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Ольга Титова сүктэ. 1 миэстэҕэ Анастасия Колесова таҕыста. 2 миэстэ Альбина Павлова буолла. Оттон боруонса мэтээли Маргарита Павлова ситистэ. Умнулла быһыытыйбыт остуол оонньуута бэрт сэргэхтик ааста. Инникитин да тыксаан күрэхтэһиитэ элбэхтэ тэриллэрэ буоллар диэн кыттааччылар баҕа санааларын тиэртилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏Чурапчы нэһилиэгин «Айыллаан» сынньалаҥ киинэ биир бастыҥ үлэлээх култуура киининэн биллэр. Соторутааҕыта бүтүн Россиятааҕы куонкурска кыайыылааҕынан тахсан 3 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланнылар. Саҥа үлэ сезона хайдах саҕаламмытын сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Госпиталь учууталлара» диэн бырайыак Саха сиригэр ааспыт сылга саҕаламмыта. Тэрээһин сүрүн сыала — балыыһаҕа уһуннук сытан эмтэнэр оҕолору уһуйуу буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев: Саха сирэ Россия саамай бэргэн ытааччылардаах региона буоларын дакаастаата Саха сирэ, Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, бүтүн Россия үрдүнэн саамай бэргэн регион буоларын өссө төгүл көрдөрдө. Бу туһунан ГТРК «Саха» ханаалга быһа эпиир кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан ыраахха чопчу ытыыга IV норуоттар икки ардыларынааҕы турнир түмүктэрин таһаарарыгар иһитиннэрдэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ чиэһин Василий уонна Сергей Яковлевтар көмүскээтилэр. Кинилэр 3 тыһыынча миэтэрэ уһуҥҥа ытыыга турнир саҥа рекордун олохтоотулар. https://nvk-online.ru/ajsen-nikolaev-saha-sire-rossiya-saamaj-bergen-regiona-buolaryn-dakaastaata/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Медицинэ бастакы көмөтүн оҥорууга оскуола эрдэхтэн үөрэтиэхтээхтэр диэн сыалтан дойду үрдүнэн “Бастыҥнар хамсааһыннарын” иһинэн “Первая помощь” диэн барыл үлэтин саҕалаабыта. Оттон Уус Алдан улууһугар манна анаммыт чемпионат быйыл аан бастакытын ыытылынна. Айаал Молокотин сырдатар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited
Сорох категориялаах гражданнар наадалаах эми-тому ылаллар Өрөспүүбүлүкэҕэ льготалаах эмтэри атыылаһыы кээмэйин намтатар былааннаммат диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ иһитиннэрдэ. Бу хайысханы үбүлээһин ааспыт сыллааҕы кээмэйтэн икки төгүл улаатта. «Эминэн-томунан хааччыйыыга уларыйыы суох. Дьон-сэргэ доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ судаарыстыба биир тутаах өҥөтө», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Ыскылаакка баар саппаастан эми-тому тиэрдии тохтоло суох барар. Олоххо тыын суолталаах эмтэр сыл бүтүөр диэри толору бааллар, ол иһигэр сахарнай диабеттаах ыарыһахтарга инсулин, ону тэҥэ онкологическай, ревматологическай уонна пульмонологическай ыарыылары эмтиир эмтэр. Өскөтүн эми-тому тиэрдиигэ хаалыы баар буоллаҕына СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин уонна «Сахафармация» АУо кытта боппуруос быһаарыллар. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Сунтаар улууhун 225 сылыгар анаммыт «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааста Алтынньы 9 күнүгэр «Партизан» норуот айымньытын театральнай киинин сыанатыгар В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрин икки ардыгар «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэҕэ ыытылынна. Бу кэрэхсэбиллээх түбэлтэҕэ уопсайа 17 кылаас хор коллектива кыттан, бэйэлэрин айар дьоҕурдарын уонна төрөөбүт дойдуга тапталларын ырыа нөҥүө көрдөрдүлэр. Күрэх сүрүн сыалынан оҕолорго төрөөбүт дойдуларыгар тапталы, киэн туттууну иҥэрии, ырыа искусствотыгар сыһыарыы уонна коллективнай үлэҕэ үөрэтии буолла. Оҕолор хас биирдиилэрэ бэлэмнэммит ырыаларын иэйиилээхтик толорон, көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ыллылар. Сценаҕа оҕолор төрөөбүт дойдуларын, айылҕатын, дьонун-сэргэтин хоһуйар ырыалары ыллаатылар. Кинилэр үрдүк таһымнаах бэлэмнээхтэрэ уонна сүрэхтэн тахсар толоруулара оскуолаҕа хор искусствота олус күүскэ сайдарын туоһулаата. «Сунтаарым мин дойдум» хор күрэх оҕолорго эрэ буолбакка, учууталларга уонна төрөппүттэргэ эмиэ кэрэ түгэннэри бэлэхтээтэ. Маннык тэрээһиннэр оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитэллэригэр, култуураны өйүүргэ уонна бииргэ үлэлииргэ үөрэтэллэригэр улахан суолталаахтар. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар уонна призердар грамоталарынан уонна сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаланыахтара. Ол эрээри, бу күн бары кыттыылаахтар дьоһуннаах кыайыыны ситистилэр – төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын ырыанан эттилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
-
repost 🎥 Первый широкоэкранный документальный фильм о Якутии «Кэпсе, Якутия!» был снят в 1972 году Восточно-Сибирской студией кинохроники к 50-летию образования Якутской АССР. 🎞️ Авторы сценария: Николай Габышев, А.Менделеев, режиссер Валерий Хоменко. Хроникальный документ рассказывает о социалистической Якутии, ее людях и их достижениях в юбилейный год.
-
repost 😊👏🏻«Саха» НКИХ ыытааччыта Айта Константинова кыра уолунаан уһуйааҥҥа бөлөҕүн оҕолорун, иитиллээччилэрин кытта ТООКУ ФЕСТ бэстибээлгэ бараллар. Кинилэр билиэттэри бөлөҕүнэн атыыласпыттар, ол иһин чэпчэтии көрүллэринэн барыстаах буолан тахсыбыт🤩🎪 @tookufest
-
«Саха» НКИХ «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ «ТЭФИ-Регион» таҕыста👏 «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа сахалыы сериалларын сулууспата уһулбут «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ XXV бүтүн россиятааҕы «ТЭФИ-Регион» телевизионнай куонкурус финалыгар таҕыста. Ону тэҥэ финалга, «Игровой фильм/сериал» анал аакка, «Тюменское время» уһулбут «Вахта памяти» уонна калугатааҕы «Ники ТВ» «Останься. Детство» хартыыналара киирдилэр. Киинэ «Омоон суоллар» сериал салгыыта буолар. Туруорааччы режиссер — Радомир Томскай, сценарий ааптара — Октябрина Шестакова. «ТЭФИ-Регион» кыайыылаахтарын Ярославьлга наҕараадалыахтара. Манна сэтинньи 17–20 күннэригэр куонкурус түмүктүүр тэрээһиннэрэ буолуохтара. Лауреаттарга скульптор Эрнст Неизвестнай боруонсаттан оҥорбут «Орфей» статуэткаларын туттарыахтара. Киинэ сэтинньи 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэниэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts