НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🏢Горнайга саҥа таас дьиэлэр дьэндэйэллэр Горнай улууһугар хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан Бэрдьигэстээххэ күн бүгүн түөрт мэндиэмэннээх таас дьиэ иккис уочарата түмүктүүр түһүмэҕэр үлэ күөстүү оргуйар. Нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕун түстүүр кэскиллээх бырагыраама нөҥүө Горнай улууһугар кэлиҥҥи сылларга үгүс тутуу ыытылынна. Улуус киинигэр эрэ буолбакка, кытыы сытар нэһилиэктэргэ эмиэ аныгылыы тупсаҕай, толору хааччыллыылаах, таас дьиэлэр кытта дьэндэйдилэр. Бүгүн Бэрдьигэстээх нэһилиэгин Сэргэлээх түөлбэтигэр 4 этээстээх, 22 кыбартыыралаах таас дьиэ иккис түһүмэҕин тутуу түмүктүүр түһүмэҕэ бара турар. Тутуу уопсай иэнэ 1120 кв.м. тэҥнэһэр. Бүгүҥҥү туругунан, эбийиэк бэлэмэ 70 быраһыан. Үлэни Сахастройтранс тэрилтэ сүрүннүүр. Билигин тутуу көҥдөйө бүтэн, ис тас бүрүөһүнүн, ититиитин бэлэмнииргэ үлэ барар. Маны таһынан, кэлэр сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан улуус үс нэһилиэгэр тутуулар олоххо киириэхтэрэ - Солоҕоҥҥо, Атамайга уонна Кировскайга. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K13 Oct 13:5810 Nov 22:0686213 Oct 13:58: 0 views10 Nov 22:06: 862 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Oct 2026, 13:580
10 Nov 2026, 22:06862

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.