НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Намҥа СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оҕуруот аһынан хааччыйда Хамаҕатта нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта Александр Жирков анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оҕуруот аһынан көмөлөһөр үтүө үгэһин быйыл эмиэ салҕыыр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, улуус баһылыгын Юрий Слепцовы уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа Анастасия Олесованы кытта кэпсэтэн, моркуобу хомуйууга 3 күннээх субуотунньук тэрийдэ. Биир бааһынаттан уопсайа 400-тэн тахса куул моркуоп хомуллан, 200-тэн тахсата буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, ордуга субуотунньуктаабыт дьоҥҥо түҥэтилиннэ. Улуус бары нэһилиэктэриттэн, сорох нэһилиэктэртэн 20-тэн тахсалыы киһи уонна Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин 10 кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэн көх-нэм буолбуттарын, субуотунньук кыттыылаахтара эһиил эмиэ кэлэн көмөлөһүөхпүт диэн баҕа санааларын тиэрдибиттэрин туһунан Александр Степанович санаатын үллэстэр. Александр улуус дьоно үөрэ-көтө кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар, оттон буойуттарбыт дьиэ кэргэттэрэ амарах санаалаах салайааччы үтүөтэ Александр Жирковка, субуотунньуктаан көмөлөспүт биир дойдулаахтарыгар махтал тылларын тиэрдэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075013 Oct 06:5110 Nov 22:0675513 Oct 06:51: 0 views10 Nov 22:06: 755 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Oct 2026, 06:510
10 Nov 2026, 22:06755

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.