НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏🏻41 саастаах кэрэ аҥаар онус оҕолонно Дьокуускайга Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн онус оҕоломмут Лия уонна Ньургуна Давыдовтар дьиэ кэргэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэлэригэр таһаардылар. Бу туһунан Хаҥаластааҕы социальнай көмүскэл салалтата иһитиннэрэр. Билигин дьиэ кэргэн аҕыс кыыстаах уонна икки уоллаах. Алтынньы 12 күнүгэр Перинатальнай кииҥҥэ 41 саастаах элбэх оҕолоох ийэни оҕоломмутунан Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Николай Степанов эҕэрдэлээтэ. Давыдовтар улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биир көхтөөх дьиэ кэргэн буолаллар. Ийэлэрэ Лия Валерьевна хореографиянан дьарыктанар, үҥкүүлэри туруорар, үҥкүүлүүр. Аҕалара Ньургун Тимофеевич – Саха сирин Оһуохай үтүөлээх этээччитэ. Кини кыргыттарын кытта оһуохайдыыр. Давыдовтар улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтара буолбуттара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080013 Oct 05:3110 Nov 22:0671513 Oct 05:31: 0 views10 Nov 22:06: 715 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Oct 2026, 05:310
10 Nov 2026, 22:06715

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.