НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

2027 сылга үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа Лиэнскэй оройуонугар ыытыллыаҕа Эһиилги XX-с Олоҥхо Ыһыаҕа Лиэнскэй оройуоҥҥа от ыйын 3–4 күннэригэр ыытыллыаҕа. Бу туһунан оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бэлэмнэнии чэрчитинэн билим-методическай кэмпириэнсийэ 2027 сыл кулун тутар 11–12 күннэригэр буолуоҕа. Быһаарыыны Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар ыллылар. Ону тэҥэ бэлэмнэнии былаанын, эбийиэктэр испииһэктэрин уонна үлэлиир хамыыһыйалар састааптарын бигэргэттилэр. Оройуоҥҥа бэлэм номнуо бары хайысхаларынан бара турар: эбийиэктэри бырайыактааһын, култуурунай уонна спортивнай бырагыраама тыырыыта, волонтердар корпустарын тэрийии. Арыллыы уонна сабыллыы сиэрин-туомун сүрүн режиссерунан П.А.Ойунскай аатынан Саха академическай тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай буолла. Хаартыска: Лиэнскэй оройуонун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080013 Oct 08:3210 Nov 22:0670113 Oct 08:32: 0 views10 Nov 22:06: 701 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Oct 2026, 08:320
10 Nov 2026, 22:06701

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.