


📨Аллайыаха куоластыыр Улуус быыбардыыр учаастактарын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Портнягина хаартыскалара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission



📨Аллайыаха куоластыыр Улуус быыбардыыр учаастактарын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Портнягина хаартыскалара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
⚡️7.00 чааска үс улууска быыбарбыыр учаастактар арылыннылар Үөһээ Дьааҥы, Өймөкөөн, Усуйаанв улуустарыгар 50 быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Санатар буоллахха, куоластааһын үс күн барар - балаҕан ыйын 18, 19, 20 күннэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube


📨Аллараа Халымаҕа куоластааһын көхтөөхтүк бара турар Быыбардыыр учаастактарга УИК чилиэттэрэ олус киэргэнэн кэлбиттэр. Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар 393 УИК чилиэттэрэ национальнай көстүүмнээхтэр. УИК 393: бастакы куоластааччы үлэ бэтэрээнэ Ананий Малышев УИК 395: бастакы куоластааччы быыбары кэтээччи Вадим Налётов Хаартыска: Надежда Мороз nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📨Саха сиригэр бастакы быыбардыыр учаастактар арылыннылар Олохтоох бириэмэнэн 8.00 чааска өрөспүүбүлүкэ алта улууһугар быыбардыыр учаастактар арылыннылар – Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Муома, Аллараа Халыма уонна Орто Халыма. Быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрэ үс күннээх үлэҕэ толору бэлэмнэр. Хандьыдааттар, баартыйалар уонна уопсастыбаннай палаата анаабыт быыбары кэтээччилэр эмиэ үлэлэрэ саҕаланна. Быыбардыыр учаастактарга бырааһынньыктааҕы эйгэ тэриллибитэ бэлиэтэнэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр Саха сирин күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспата иһитиннэрэринэн өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар балаҕан ыйын 18 күнүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Соҕуруулуу-илин уонна соҕуруу сорох сиринэн эмиэ хаардыыра сабаҕаланар. Орто күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 7-12 миэтэрэ түргэннээх. Арктика кытылыгар тыал лаппа күүстээх — тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийиэн сөп. Түүн салгын температурата -1-6°С диэри түһэрэ сабаҕаланар. Күнүс салгын +4+9°С диэри сылыйыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар балаҕан ыйын 18 күнүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Тыал хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүнүн салгын температурата -3-5°С, күнүс +4+6°С буолара күүтүллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🤱🎉👏 Дьокуускай куорат күнүгэр төрөөбүт оҕолору балыыһаттан таһаардылар Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, киин куоракка Дьокуускайдааҕы Перинатальнай киинтэн Дьокуускай 394 сыллаах үбүлүөйүгэр күн сирин көрбүт 12 оҕону балыыһаттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга атаардылар. 12 дьоллоох дьиэ кэргэн Куорат күнүн таһынан оҕо төрөөбүтүн бэлиэтээтилэр. Ол курдук, түөрт дьиэ кэргэн бастакыларын оҕолонно, эбии түөрт дьиэ кэргэн иккиһин төрөппүт буолар ааты сүктэ, үс ыал үһүс оҕолонон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолла, оттон биир улахан дьиэ кэргэн төрдүс оҕолонно. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube



+4
Провел два насыщенных дня в Алдане. Несмотря на снежную погоду, здесь было по-настоящему тепло — благодаря людям, их открытости и гостеприимству. 🔹Встретился с жителями города, ветеранами СВО и членами Совета пенсионеров. Обсудили вопросы поддержки жителей, развития городской инфраструктуры и благоустройства. Такие встречи особенно важны — именно в прямом разговоре можно услышать, что волнует людей сегодня и какие задачи необходимо решать в первую очередь. 🔹Побывал в АО АК «Железные дороги Якутии». Железнодорожная отрасль — важнейшая сфера для всей Республики. Здесь работают настоящие профессионалы, от труда которых зависит стабильность всех перевозок. Будем помогать и поддерживать развитие этого направления. 🔹Заглянул и в родильное отделение Алданской районной больницы. В этот день две семьи стали родителями: в одной родился второй ребенок, в другой — третий. Рад был разделить с семьями этот особенный и счастливый момент. Пусть дети растут здоровыми, а в домах всегда будут любовь и тепло. 🔹Отдельно встретился со студентами Алданского медколледжа и Алданского политехнического техникума. Получился настоящий разговор на равных — говорили о перспективах, возможностях для молодежи и будущем Алдана. Ведь именно сегодняшним студентам предстоит развивать родной город и район завтра. https://max.ru/channel_PetrShamaev
Ньурба улууһугар эһиилги спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии уҕараабат, ыалдьыттары көрсөр бэлиэ суруктары саҥардаллар. Ол курдук Октябрьскай нэһилиэк сиригэр Куочай Эбэ хотун сыһыытыгар Антоновка диэн саҥалыы тупсаҕай стела үөрүүлээх арыллыыта буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube



+1
🏥Никольскайга саҥа фелдьшерскэй-акушерскай пуун арылынна Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Нам улууһун Никольскай нэһилиэгэр фельдшерскай-акушерскай пуун саҥа дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Аныгылыы тутуулаах ФАП дьиэтин подрядчик ИП А.А. Сысолятин уонна ИП Д.Л. Борисов көҥдөйүн таһаараннар, ис хосторун, ааннарын, түннүктэрин туруораннар, салгыы нэһилиэк администрациятын үлэһиттэрэ дьиэ ис бүрүөһүнүн оҥороннор үлэҕэ киирдэ. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🚌Саха сирэ быйыл оскуола 46 саҥа оптуобуһун ылыаҕа Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл оскуола 46 саҥа оптуобуһун ылыаҕа. Бу Россия регионнарыгар ыытыллар оскуола тырааныспарын биир бөдөҥ баартыйатынан буолар. РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ улуустарга, уокуруктарга, Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай үөрэҕин тэрилтэлэригэр оптуобустары түҥэтиини тыырбыта. Иккилии оптуобуһу Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустара ылыахтара. Өссө үс оптуобус Дьокуускайдааҕы үөрэх тэрилтэлэригэр, сэттэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр көрүллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📻«Тэтим-Саха араадьыйата» саҥа айар дьылы саҕалыыр! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
⛽Дьокуускайга автозаправкаларга гааһы тиэрдии балаһыанньата туруктанан эрэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube



+1
⚡️Саха сиригэр 11 саҥа эбийиэк арылынна Бүгүн Дьокуускайга уонна тоҕүс оройуоҥҥа 11 саҥа эбийиэги арыйдылар. Табаҕаҕа, Тойбохойго, Чакырга саҥа быраас амбулаторията баар буолла, оттон Нүөрүҥгүрүгэ – суһал медицинскэй көмө саҥардыллыбыт ыстаансыйата, Дьокуускайга – Уһун үйэлэнии медицинэтин киинэ. Сааскылаахха уонна Чурапчыга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирдилэр, Батамайга уонна Ытык Күөлгэ – элбэх өҥөлөөх кииннэр, Даппарайга – култуурунай-спортивнай комплекс. Светлайга бөһүөлэги хааччыйар насос ыстаансыйата үлэлээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Өлүөнэ өрүскэ үс эр киһи сүппүт Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Кэюээйи улууһугар Өлүөнэ өрүскэ үс эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан иһитиннэриинэн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр кинилэр мотордаах тыылаах балыктыы барбыттар уонна күн бүгүҥҥүгэ диэри төннө иликтэр. Бүгүн Василий Андреев салалтатынан биэс водолазтаах СӨ Быыһыыр сулууспатын бөлөҕө быһылаан тахсыбыт миэстигэр айаннаата. Водолазтар өрүһү көрүөхтэрэ, сүппүт дьону көрдүөхтэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💬СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Саха» НКИХ «Хотугу сулус» оҕо телерадиоакадемиятын салайааччыта Татьяна Гоголева «Тыый» чабырҕахсыттар күрэхтэрэ үһүс төгүлүн ыытыллара улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна билигин күрэххэ кыттыан баҕалаах сайаапкатын ыытыан сөп диэн эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🤩👏Бу күннэргэ Амма Солобуодата тэриллибитэ 374 сылын бэлиэтээтэ. Бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн Амматааҕы поликлиника тэлгэһэтигэр мас олордуута, кинээс Александр Невскэй аатынан итэҕэллээхтэр храмнарыгар саҥа иконостаһы сибэтиэйдээтилэр. Маны сэргэ нэһилиэк олохтоохторо күһүҥҥү атыы-тутуу дьаарбаҥкатын, түөлбэлэр Солобуодаҕа анаммыт быыстапкаларын тэрийдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📜📑Национальнай библиотека биир тутаах салаатынан өрдөөҥүтэ бэчээттэмити чөлүгэр түһэрэр, саҥардар киин буолар. Манна уопуттаах үлэһиттэр урукку хаһыаттар, кинигэлэр лиистэрин, суруктарын абырахтаан, силимнээн уһун үйэлииллэр. Ону таһынан, аны хаартысканы саҥардар буоллулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🏫Дьокуускайга маастар-былаанынан 12 оскуоланы уонна 14 уһуйааны тутуохтара Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар маастар-былаанынан 12 оскуола уонна 14 уһуйаан тутуута көрүлүннэ. Бу эбийиэктэр үлэҕэ киирдэхтэринэ үөрэнээччилэргэ 7,5 тыһ кэриҥэ саҥа миэстэ уонна уһуйаан иитиллээччилэригэр 4 тыһ курдук саҥа миэстэ тахсыаҕа. Киин куоракка тутуу хаамыытын уонна үөрэх инфраструктуратын сайыннарыы инники түһүмэхтэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов уонна Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников кыттыылаах мунньахха кэпсэттилэр. Маастар-былаанынан көрүллүбүт икки оскуола номнуо тутуллубута. Билиҥҥи кэмҥэ Физико-техническай лиссиэй, 17 №-дээх оскуола эбии дьиэтэ уонна Чайковскай уул. оскуола тутулла турар. Маны сэргэ түөрт уһуйааны туталлар – «Северный» кыбаарталга, Новокарьернай уул., «Воинская часть» кыбаарталга уонна 145-с кыбаарталга. Уопсайа үлэҕэ 24 эбийиэк баар. Мантан сэттэни 2027 сылга үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар, 17-ни 2028–2030 сылларга. Үлэ барыта «Молодёжь и дети» уонна «Семья» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
☕️«Амтан» рубрикаҕа: облепиха чэйи астыахха Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube