Балаҕан ыйын 18 күнүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр Саха сирин күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспата иһитиннэрэринэн өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар балаҕан ыйын 18 күнүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Соҕуруулуу-илин уонна соҕуруу сорох сиринэн эмиэ хаардыыра сабаҕаланар. Орто күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 7-12 миэтэрэ түргэннээх. Арктика кытылыгар тыал лаппа күүстээх — тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийиэн сөп. Түүн салгын температурата -1-6°С диэри түһэрэ сабаҕаланар. Күнүс салгын +4+9°С диэри сылыйыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар балаҕан ыйын 18 күнүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Тыал хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүнүн салгын температурата -3-5°С, күнүс +4+6°С буолара күүтүллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 15 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 17 Sep 2026, 13:36 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 849 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.