Өлүөнэ өрүскэ үс эр киһи сүппүт Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Кэюээйи улууһугар Өлүөнэ өрүскэ үс эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Барыллаан иһитиннэриинэн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр кинилэр мотордаах тыылаах балыктыы барбыттар уонна күн бүгүҥҥүгэ диэри төннө иликтэр. Бүгүн Василий Андреев салалтатынан биэс водолазтаах СӨ Быыһыыр сулууспатын бөлөҕө быһылаан тахсыбыт миэстигэр айаннаата. Водолазтар өрүһү көрүөхтэрэ, сүппүт дьону көрдүөхтэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube