⚡️Саха сиригэр 11 саҥа эбийиэк арылынна Бүгүн Дьокуускайга уонна тоҕүс оройуоҥҥа 11 саҥа эбийиэги арыйдылар. Табаҕаҕа, Тойбохойго, Чакырга саҥа быраас амбулаторията баар буолла, оттон Нүөрүҥгүрүгэ – суһал медицинскэй көмө саҥардыллыбыт ыстаансыйата, Дьокуускайга – Уһун үйэлэнии медицинэтин киинэ. Сааскылаахха уонна Чурапчыга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирдилэр, Батамайга уонна Ытык Күөлгэ – элбэх өҥөлөөх кииннэр, Даппарайга – култуурунай-спортивнай комплекс. Светлайга бөһүөлэги хааччыйар насос ыстаансыйата үлэлээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube