🤱🎉👏 Дьокуускай куорат күнүгэр төрөөбүт оҕолору балыыһаттан таһаардылар Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, киин куоракка Дьокуускайдааҕы Перинатальнай киинтэн Дьокуускай 394 сыллаах үбүлүөйүгэр күн сирин көрбүт 12 оҕону балыыһаттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга атаардылар. 12 дьоллоох дьиэ кэргэн Куорат күнүн таһынан оҕо төрөөбүтүн бэлиэтээтилэр. Ол курдук, түөрт дьиэ кэргэн бастакыларын оҕолонно, эбии түөрт дьиэ кэргэн иккиһин төрөппүт буолар ааты сүктэ, үс ыал үһүс оҕолонон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолла, оттон биир улахан дьиэ кэргэн төрдүс оҕолонно. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube