НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 15 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🏫Дьокуускайга маастар-былаанынан 12 оскуоланы уонна 14 уһуйааны тутуохтара Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар маастар-былаанынан 12 оскуола уонна 14 уһуйаан тутуута көрүлүннэ. Бу эбийиэктэр үлэҕэ киирдэхтэринэ үөрэнээччилэргэ 7,5 тыһ кэриҥэ саҥа миэстэ уонна уһуйаан иитиллээччилэригэр 4 тыһ курдук саҥа миэстэ тахсыаҕа. Киин куоракка тутуу хаамыытын уонна үөрэх инфраструктуратын сайыннарыы инники түһүмэхтэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов уонна Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников кыттыылаах мунньахха кэпсэттилэр. Маастар-былаанынан көрүллүбүт икки оскуола номнуо тутуллубута. Билиҥҥи кэмҥэ Физико-техническай лиссиэй, 17 №-дээх оскуола эбии дьиэтэ уонна Чайковскай уул. оскуола тутулла турар. Маны сэргэ түөрт уһуйааны туталлар – «Северный» кыбаарталга, Новокарьернай уул., «Воинская часть» кыбаарталга уонна 145-с кыбаарталга. Уопсайа үлэҕэ 24 эбийиэк баар. Мантан сэттэни 2027 сылга үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар, 17-ни 2028–2030 сылларга. Үлэ барыта «Молодёжь и дети» уонна «Семья» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075017 Sep 03:3010 Nov 22:0673317 Sep 03:30: 0 views10 Nov 22:06: 733 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
17 Sep 2026, 03:300
10 Nov 2026, 22:06733

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.