🚌Саха сирэ быйыл оскуола 46 саҥа оптуобуһун ылыаҕа Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл оскуола 46 саҥа оптуобуһун ылыаҕа. Бу Россия регионнарыгар ыытыллар оскуола тырааныспарын биир бөдөҥ баартыйатынан буолар. РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ улуустарга, уокуруктарга, Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай үөрэҕин тэрилтэлэригэр оптуобустары түҥэтиини тыырбыта. Иккилии оптуобуһу Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустара ылыахтара. Өссө үс оптуобус Дьокуускайдааҕы үөрэх тэрилтэлэригэр, сэттэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр көрүллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube