НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин идэлээх сойуустарын федерациятын кытары көрсүһүүгэ, үлэһиттэри уонна үлэ кэлэктииптэрин долгутар боппуруостары дьүүллэстибит. Идэлээх сойуустар бүгүн үлэһиттэр, үлэ биэрээччилэр уонна судаарыстыба икки ардыларыгар быһаччы кэпсэтиини тэрийиигэ улахан суолталаах былаһаакканан буолаллар. Технология, үлэ ырыынага уонна үлэни тэрийии уларыйаллар, саҥа идэлэр үөскүүллэр, ол эрээри бэйэ-бэйэни истии, кыһалҕалары аһаҕастык ырытыһыы уонна бииргэ быһаарыыны ылыныы суолтата оннунан хаалар. Доруобуйа харыстабылын, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, өрүс транспорын эйгэтигэр уонна ыччат бэлиитикэтигэр сыһыаннаах боппуруостарга туспа тохтоотубут. Хас биирдии салаа бэйэтэ уратылардаах, ол гынан баран социальнай мэктиэлэри хааччыйыыга, үлэ сөптөөх усулуобуйатын тэрийиигэ, каадырдары тардыыга, эдэр исписэлиистэри өйөөһүҥҥэ уонна идэлэринэн сайдар кыаҕы биэриигэ уопсай соруктар тураллар. Маннык ис хоһоонноох кэпсэтии тиһигин быспакка барыахтаах. Тустаах быһаарыылары бииргэ ылан, үлэһиттэр интэриэстэрин көмүскээн, үлэ кэлэктииптэрин сайыннарарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийээри, идэлээх сойуустар федерацияларын, тэрилтэлэри уонна ыччаты кытары бииргэ үлэлэһиибитин салгыахпыт. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

025050075027 Aug 01:5610 Nov 22:0675627 Aug 01:56: 0 views10 Nov 22:06: 756 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Aug 2026, 01:560
10 Nov 2026, 22:06756

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.