🛣️🔩Сунтаар улууһугар Сиэйэҕэ саҥа асфальт суол үөрүүлээх түгэҥҥэ аһылынна «Бүлүү» федеральнай суол хаачыстыбата сыл ахсын тупсан, кэҥээн иһэр. Суолу тупсарыыга, куттал суох буолуутун хааччыйыыга хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрэ утумнаахтык ыытыллаллар. Ол курдук, бүгүн Сиэйэ нэһилиэгин иһинэн ааһар суол учаастага үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу уустук уонна суолталаах тутууну «Айан Суол» тутуу тэрилтэтэ 2 сыл устата бэрт бэриниилээхтик ыытта. Түмүгэр, 10 килэмиэтир усталаах сиргэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир асфальт бүрүөһүн ууруллунна. Тутааччылар үлэни кэмигэр уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык түмүктээн, бэйэлэрин идэтийбит маастарыстыбаларын өссө төгүл туоһулаатылар. Саҥа суол учаастагын арыллыытыгар улуус баһылыга Анатолий Григорьев, бэлиитик Александр Акимов кыттыыны ыллылар. Кинилэр бэйэлэрин эҕэрдэ тылларыгар суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, тутууну кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык толорбут маастардарга махталларын биллэрдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube