👏🏻Саха сиригэр Гражданскай форум 470 кыттааччыны түмтэ Өрөспүүбүлүкэҕэ Гражданскай форумҥа 470 кэриҥэ уопсастыбанньык, эксперт, урбаанньыт, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Икки күн устата кинилэр култуура, доруобуйа харыстабылын, СВО кыттыылаахтарын өйөбүлүн, оҕо саас, уһун үйэлэнии, уопсастыбаннай сэбиэттэр сайдыыларын дьүүллэстилэр. «Бэҕэһээҥҥиттэн ыла күүстээх үлэ барда. Бүгүн биэс былаһаакканан култуура, доруобуйа харыстабылын, СВО кыттыылаахтарын өйөбүлүн, оҕо саас, уһун үйэлэнии, уопсастыбаннай сэбиэттэр сайдыыларын туһунан улахан кэпсэтии ыытылынна. Форумҥа 470 киһи үлэлээтэ», — диэн СӨ уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов пленарнай мунньахха эттэ. Гражданский форум СӨ уопсастыбаннай палаататын 15 сылыгар, Россияҕа норуоттар сомоҕолоһууларын сылларыгар, Саха сиригэр култуура сылыгар ананна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube