Өлөөн улууһугар икки ойуур баһаарын умуруордулар Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа Өлөөн улууһугар 23 564 га иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 66 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Уот Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба, Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар регистрацияланна. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар 149 472 га уопсай иэннээх 10 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Олортон түөрт баһаары (уопсай иэнэ 20 752 га) Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар төгүрүйдүлэр. Бу баһаардары умуруорууга 194 киһи кыттар, ол иһигэр ойуур баһаарынай этэрээттэрин 190 үлэһитэ, 12 тиэхиньикэ тардылынна. Ону таһынан, бу суукка саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куораттааҕы уокурукка 0,13 га иэннээх биир ойуур баһаарын умуруордулар. Бу үлэҕэ 15 киһи уонна алта тиэхиньикэ кытынна. Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга барыта 611 киһи уонна 41 тиэхиньикэ тардылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 27 Aug 2026, 04:50 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 813 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.