НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. ⛽️💳Дьокуускайга өссө биир заправка балаҕан ыйын 1 күнүттэн уматык каартата суох үлэлиэҕэ Киин куоракка балаҕан ыйын 1 күнүттэн Михаил Николаев проспегын 19/1а заправкаҕа уматык каартата суох бэнсиин куттуохха сөп буолуоҕа. Бу туһунан суһал штабка иһитиннэрдилэр. «Саханефтегазсбыт» 1 №-дээх заправкатыттан суоппардар уу харчынан эбэтэр баан каартатынан уматыгы атыылаһар буолуохтара. Бу иннинэ заправка уматык каартатынан эрэ үлэлээбитэ. Тустаах быһаарыы Труд уул, 4а турар заправка быстах кэмҥэ өрөмүөҥҥэ сабыллыбытын кытта эмиэ сыһыаннаах. Заправка балаҕан ыйын 1 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэтэ тохтуур. Саҥардыы үлэтин кэнниттэн заправка автоматическай эрэһиимҥэ көһүөҕэ. Анал терминаллары туруоруохтара. Ол көмөтүнэн уматык атыылаһыахха сөп буолуоҕа уонна төгүрүк суукка устата үлэлиэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. ⛽️Дьокуускайга сорох заправкалар сарсыҥҥыга диэри уматыгы кутан тохтоотулар Саха сирин суһал штаба киин куоракка бэнсиининэн, дизелинэн 18.00 чаастааҕы туругунан ханнык аадырыстарга заправкаланары билиһиннэрдэ. «Саханефтегазсбыт»: Дьокуускайга АИ-92, АИ-95 мааркалаах бэнсиини, дизельнэй уматыгы уу харчынан, баан каартатынан атыылыыллар (биир тырааныспар 20 лиитирэҕэ диэри заправкаланар хааччахтаах): 2 №-дээх АЗС: Труд уул, 4а 6 №-дээх АЗС: Жатайдааҕы быһа охсуһуу, 1 ОПТИ 1401 №-дээх АЗС: Маҕаннааҕы быһа охсуһуу, 1 51 №-дээх АЗС: 50 лет Советской Армии, 49б 62 №-дээх АЗС: Хатыҥ Үрэх шоссета, 4 км, 8а «Туймаада-Нефть» Заправкаларга АИ-95 мааркалаах бэнсиини мобильнай сыһыарыынан, уматык каартатынан куталлар: МАЗС-1: Өктөөп 50 сыла Автострада, 14з дь МАЗС-2: Өктөөп 50 сыла Автострада, д. 1з дь АЗС-3: Дзержинскай уул, 56А дь АЗС-4: Бүлүүлүүр суол 4 км-гар, 6а дь «Туймаада-Нефть» заправкаларыгар атырдьах ыйын 27 күнүгэр АИ-92 мааркалаах бэнсиин атыыта салҕаныаҕа. Дизельнэй уматык: бары заправкаларга туох да хааччаҕа суох куталлар. «СибОйл» АИ-95 мааркалаах бэнсиини кутуу Покровскайдыыр суол 4 км-гэр турар заправкаҕа быстах кэмҥэ тохтотулунна. Сарсын эбии саппаас кэлэрэ күүтүллэр. «Сервис Ойл» АИ-92 мааркалаах бэнсиини Покровскайдыыр суол 5 км-гэр, 2Б заправкаҕа куталлар. Сарсын эмиэ кутуохтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 🚌 Атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри 5, 11, 14, 17 уонна 18 нүөмэрдээх оптуобустар Прометей дьоҕус оройуонугар киирбэккэ таһынан айанныылларын туһунан Суол-иис уонна тырааныспар сулууспата иһитиннэрэр. Бу күннэргэ манна кыбаартал суолун-ииһин өрөмүөннүөхтэрэ. Сулууспа кылгас болдьоххо айаҥҥа уларыйыылары учуоттуурга көрдөһөр. Хаартыска: сулууспа пресс-киинэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. Региоҥҥа уматыгынан хааччыллыы боппуруоһа болҕомто киинигэр тутуллар. Ол курдук, «Саханефтегазсбыт» хампаанньа «Сибойлга» 150 туонна АИ-95 бензини ыытта. Онуоха биир массыынаҕа 20 лиитэрэ хааччахтааһын оннунан хаалла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. Гуманитарнай таһаҕастаах ЫБММ бөртөлүөтэ Үөһээ Дьааҥыга көттө Бүгүн борт халаан уутун кэнниттэн чөлүгэр түһэриигэ көмө малы-салы, оборудованиены, итиэннэ бородууктаны аҕалыаҕа. Оройуоҥҥа бөртөлүөт сэлиэнньэлэринэн эмиэ рейстэри оҥоруоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. repost

    Отпуск топлива на АЗС: данные на 15:00 26 августа АО «Саханефтегазсбыт» Можно заправиться АИ-92, АИ-95 и дизельным топливом за наличный и безналичный расчёт (лимит до 20 литров на одно транспортное средство) по адресам: 🟢АЗС № 2: улица Труда, 4а 🟢АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1 🟢АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1 🟢АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б 🟢АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а АО НК «Туймаада-Нефть» Можно заправиться АИ-95 по мобильному приложению и топливным картам по адресам: 🟢МАЗС-1: Автострада 50 лет Октября, д. 14з 🟢МАЗС-2: Автострада 50 лет Октября, д. 1з 🟢АЗС-3: Дзержинского, д. 56А 🟢АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а 🔴Отпуск АИ-92 на заправках сети «Туймаада-Нефть» возобновится завтра. Дизельное топливо: на всех АЗС сети отпуск производится без ограничений. ООО «СибОйл» 🔴АИ-95: Покровский тракт, 4 км (возобновится завтра) ООО «Сервис Ойл» 🔴АИ-92: Покровский тракт, 5 км, 2Б (возобновится завтра) Якутия. Оперштаб в МАКС

  7. Дойду бырабыыталыстыбата дизель уматыгын оҥорооччуларга тастан киллэриини бобуу болдьоҕун уһатар туһунан быһаарыыны ылыныаҕа. Бу бобуу балаҕан ыйын 1 күнүгэр бүтэр. Былаас сүрүн соруга туһанааччылары, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылары уматыгынан толору хааччыйыы. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин уонна хомуур үлэтин кэмигэр ураты суолталаах диэн бэлиэтииллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. repost

    Сегодня сотрудники МКУ «Городская дорожно-транспортная служба» провели очередную проверку маршрутных автобусов на наличие QR-кодов для безналичной оплаты проезда. Всего проверено 26 автобусов. В 6 транспортных средствах QR-коды для оплаты проезда отсутствовали. Информация по выявленным нарушениям передана руководителям маршрутов для дальнейшего разбирательства. В ходе проверки также оценивалось санитарное состояние автобусов. Грязных транспортных средств не обнаружено — автобусы в целом содержатся в чистоте. Вместе с тем в нескольких автобусах были выявлены отдельные замечания по состоянию салона, информация о которых доведена до руководителей маршрутов. В преддверии 1 сентября сотрудники МКУ «Городская дорожно-транспортная служба» провели с водителями профилактические беседы о необходимости строгого соблюдения Правил дорожного движения Российской Федерации. Особое внимание водителей призвали уделять безопасности детей в День знаний: быть внимательными при движении вблизи образовательных учреждений, остановок общественного транспорта и пешеходных переходов, а также соблюдать скоростной режим и быть готовыми к неожиданному появлению детей на дороге. Если вы обнаружили автобус, в котором отсутствует QR-код для оплаты проезда, просим зафиксировать государственный регистрационный номер транспортного средства и оставить информацию в комментариях в нашем паблике. Также вы можете обратиться в колл-центр по номеру 300-900.

  9. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр аан дойдутааҕы таһымнаах спорт маастара Татьяна Жиркова аатынан марафоҥҥа 700 тахса киһи кытынна https://vkvideo.ru/video-211137588_456268016?list=d0c194a7bf5fddd53f nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Суукка иһигэр 16 тыһ кэриҥэ га иэннээх ойуур баһаарын умуруордулар Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр Мииринэй оройуонугар 15 979 гектар иэннээх биир ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан СӨ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Күн саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 59 ойуур баһаара баар. Уот Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба, Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар регистрацияланна. Уопсайа 143 551 гектар иэннээх тоҕус улахан ойуур баһаарын умуруорууга көхтөөх үлэлэр салҕаналлар. Кинилэр Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарын сирдэригэр-уоттарыгар бааллар. 20 730 гектар уопсай иэннээх үс ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Бу учаастактарга ситэрэн умуруоруу үлэтэ бара турар. Манна 252 киһи уонна 21 тиэхиньикэ кыттар. Ойуур баһаардарын умуруорууга барыта холбоон 561 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлиир. Андрей Коноплев этэринэн, Мииринэй уонна Ньурба улуустарыгар күүстэр уонна средстволар бөлөхтөрүн хаҥатыы салҕанар. Күүһүрдүү наадата салгын үрдүк температуратын уонна сөҥүү тиийбэтин кытары сибээстээх. Саха сиригэр, ону тэҥэ түөрт муниципальнай тэриллиигэ — Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар — ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар. «Күһүҥҥү тэллэйдиир-отоннуур сезон уонна күһүҥҥү булт саҕаламмытынан сибээстээн, дьону ойуурга уоту кытары олох сэрэхтээх буоларга уонна умайа турар оройуоннарга тыаҕа тахсыбаттарыгар ыҥырабыт», — диэн Андрей Коноплев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. Ньурба улууһугар эһиилги Спортивнай оонньуулары көрсө уран тарбах мас уустарын аһаҕас күрэҕэ үс күн ыытылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Уматык боппуруоһа Бырамыысыланнас министиэристибэтин хонтуруолугар турар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. Сэрэдэнэн, Сэргэхтик сэгэлдьийэ Сайаҕас мичээринэн сыдьаайа Саҥа күнү көрсүөҕүҥ Сүрэх этэрин оҥорон Санаа хайгыырын батыһыаҕын, Саҕалаабыппыт сатанан Ситиһиинэн симэннин, Сылаас сыһыан, өйдөһүү Сэргэстэстин өрүү, Сүргэбит көтөҕүллэн Сырдыы-үөрэ сылдьыаҕын ☀️🙂✊🏼 Анна Новгородова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. Программа ТВ НВК "Саха" на 26 августа (ср.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Дойдум дьоно 12+ 11:15-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 12+ 13:15-Актуальное интервью12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:05-Хранители времени 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара. Далан 12+ 17:15-Асчыттар 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Урбаан 6+ 18:45-Дойдум дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:30-Сайылык 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:45-Репортаж 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Сайылык 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. repost

    🤼🏆Никита Хабаров Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар кыттыаҕа Саха сириттэн хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кыайыылааҕа, Муома улууһуттан төрүттээх Никита Хабаров Россия аатыттан Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар кыттарга бэлэмнэнэр. Кини хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар турнирга киирсиэҕэ. Саха спордун көрүҥэ улахан күрэхтэһиигэ бастакытын киирэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр. Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньуулара атырдьах ыйын 31 күнүгэр Кыргызстаҥҥа саҕаланар. Уопсайа спорт 43 көрүҥэр күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Хапсаҕай оонньууларга бастакытын киирбитэ. Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии балаҕан ыйын 4 күнүгэр буолуоҕа. Билиҥҥи кэмҥэ хапсаҕайга Беларусь, Венгрия, Греция, Индия, Иран, Казахстан, Кыргызстан, Молдов, Монголия, Нидерланды, Пакистан, Польша, Россия, Северная Македония, Таджикистан, Узбекистан, Франция уонна Эстония дойдулартан бөҕөстөр кытталлара биллэр. Россия хамаандатыттан Никита Хабаров соҕотох күрэхтэһэр. @sakhasporttv

  16. ⚡️⛽️Дьокуускайга бүгүн киэһэ ханна заправкаланыахха сөбүй? Саха сирин суһал штаба киин куоракка бэнсиининэн, дизелинэн 18.00 чаастааҕы туругунан ханнык аадырыстарга заправкаланары билиһиннэрдэ. «Саханефтегазсбыт»: Дьокуускайга АИ-92, АИ-95 мааркалаах бэнсиини, дизельнэй уматыгы уу харчынан, баан каартатынан атыылыыллар (биир тырааныспар 20 лиитирэҕэ диэри заправкаланар хааччахтаах): 2 №-дээх АЗС: Труд уул, 4а 6 №-дээх АЗС: Жатайдааҕы быһа охсуһуу, 1 ОПТИ 1401 №-дээх АЗС: Маҕаннааҕы быһа охсуһуу, 1 51 №-дээх АЗС: 50 лет Советской Армии, 49б 62 №-дээх АЗС: Хатыҥ Үрэх шоссета, 4 км, 8а «Туймаада-Нефть» Заправкаларга саппаастары толороллор. Онон сарсын, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, ыйыллыбыт аадырыстарынан уматыгы кутан саҕалыахтара: МАЗС-1: Өктөөп 50 сыла Автострада, 14з дь МАЗС-2: Өктөөп 50 сыла Автострада, д. 1з дь АЗС-3: Дзержинскай уул, 56А дь АЗС-4: Бүлүүлүүр суол 4 км-гар, 6а дь Дизельнэй уматык: бары заправкаларга туох да хааччаҕа суох куталлар (уу харчынан, баан каартатынан, уматык каартатынан). «СибОйл» АИ-95: Покровскайдыыр суол 4 км-гэр. 20 лиитирэҕэ диэри уматыгы биир тырааныспарга куталлар, уу харчынан эбэтэр баан каартатынан атыылыыллар (сарсын, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, уматыгы кутуу салҕаныаҕа). «Сервис Ойл» АИ-92: Покровскайдыыр суол 5 км-гэр, 2Б (сарсын, атырдьах ыйын 26 күнүгэр, уматыгы кутуохтара). nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. repost

    🥊🏆Дьокуускайга «Вызов Севера» турнирга биэс дойдуттан боксердар кыттыыны ылыахтара Киин куоракка «Триумф» спорт киинигэр атырдьах ыйын 30 күнүгэр «Вызов Севера» профессиональнай буокса киэһэтэ ыытыллар. Рингэҕэ Россия, Узбекистан, Филиппины, Конго уонна Иран бэрэстэбиитэллэрэ тахсыахтара. Турниры Артём Шульц (Алтайскай кыраай) уонна Всеволод Гвоздеев (Краснодарскай кыраай) киирсиилэрэ арыйыаҕа. Түөрт раундтан турар киирсии 71 киилэҕэ диэри категорияҕа ыытыллыаҕа. Салгыы саха боксера Петр Васильев уонна уопуттаах Узбекистан бөҕөһө Нодирбек Соибов күөн көрсүөхтэрэ. Нодирбек 12 кыайыылаах, 4 хотторуулаах. Манна алта раунд киирсэллэрэ күүтүллэр. Узбекистан боксера дойдутугар биир бастыҥ лиидэр буолар. Ол иһин саха уола күүстээх, тыҥааһыннаах киирсиигэ бэлэмнэнэр. Үһүс киирсиигэ Ашкан Резаи (Иран, биир кыайыылаах, хотторуута суох) уонна Карен Соловьев (Сочи, икки кыайыылаах, хотторуута суох) рингэҕэ тахсыахтара. Төрдүс киирсиинэн уопуттаах Муджибилло Турсунов (Узбекистан, тоҕус кыайыылаах, биир хотторуулаах) уонна Павел Федоров (Ивановскай уобалас, түөрт кыайыылаах, хотторуута суох). Бэһис киирсиигэ саха боксера Михаил Варламов (аҕыс кыайыылаах) уонна Филиппины чемпиона Майкл Касама (11 кыайыылаах, түөрт хотторуулаах уонна биир тэҥнэһиилээх). Түмүккэ Конготтан Майкл Кинг Красноярскай уола Александр Хохлову утары киирсиэҕэ. Хаартыска: Саргын Скрябин/ЯСИА @sakhasporttv

  18. Бырамыысыланнас министиэристибэтэ уматык боппуруоһун хонтуруоллуур Саха сирин бырамыысыланнаһын уонна геологиятын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэни гаас уматыгынан хааччыйыы туругун күннэтэ гаас уматыгын биэрээччилэри кытары бииргэ кэтээн көрөр. Бу туһунан брифиҥҥэ биэдэмэстибэ баһылыгын солбуйааччы Михаил Копырин иһитиннэрдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts