НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🌿🌿🌿Уһун Күөлгэ Дьоруой ийэлэр сквердэрэ аһылынна Сунтаар улууһун Уһун Күөл нэһилиэгэр олохтоохтор түмсүүлээх, көхтөөх буолууларын туоһулуур уонна ийэ ытык аатын үйэтитэр кэрэ-бэлиэ түгэнэ буолла. РФ Дьоруойа Дмитрий Егоров төрөөбүт дойдутугар Ил Дархан гранынан Дьоруой ийэлэргэ анаммыт саҥа сквер үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бу ураты бырайыак ааптарынан Варвара Иванова буолар. Кини бэлиэтииринэн, маннык тулаһаны тутуу - олох сырдыгын бэлэхтээбит ийэлэргэ дириҥ махтал уонна сүгүрүйүү бэлиэтинэн буолар. Сквер аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр Сунтаар улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Павел Григорьев, улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта Трофим Иванов кыттыыны ыллылар, нэһилиэк олохтоохторугар истиҥ эҕэрдэ тылларын тиэртилэр. Олохтоохтор түөлбэлэринэн түмсүбүт күүстэрэ, кыһамньылара бүгүн нэһилиэк тас көстүүтүн тупсаран, үтүө холобур буоларын бэлиэтээтилэр. Уһун Күөл нэһилиэгэ элбэх оҕолоох ийэлэринэн аатырар. Манна 10-тан тахса оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруорбут 9 Дьоруой ийэ баар. Кинилэртэн билигин аттыбытыгар баар ытык кырдьаҕас - Татьяна Игнатьева. Кини 4 сааһыттан ыарахан үлэҕэ эриллэн, олоҕун омурҕанын оҕолорун, сиэннэрин иитиитигэр анаабыт үтүө-мааны ийэ. Ийэ барахсан бэйэтин сырдык сыһыанынан сквер аһыллыытыгар көхтөөх кыттыыны ылла. Саҥа сквер - үтүө дьону иитэн таһаарбыт ийэлэр сыралаах үлэлэрин үйэтитэр, ийэҕэ ытыктабылы уһуйар кэрэ сиринэн буолуоҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K27 Aug 09:3810 Nov 22:0687227 Aug 09:38: 0 views10 Nov 22:06: 872 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Aug 2026, 09:380
10 Nov 2026, 22:06872

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.