НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. edited

    🏫Сунтаар политехническэй лицейин саҥа эбийиэгэ аанын арыйара чугаһаата Сунтаар улууһун олохтоохторугар, ордук чуолаан үөрэнээччилэргэ уонна учууталларга күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэн үүнэрэ чугаһаата. Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев политехническэй лицей саҥа эбийиэгин тутуутун хаамыытын көрдө уонна эбийиэги балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри арыйары былааннаатылар. Бу тутуу хаамыыта судургута суох этэ. Маҥнайгы күннэртэн сирин оҥоһуутугар араас уустук кыһалҕалар тахсаннар, үлэ болдьоҕо уһаан турар. Ол эрээри, тулуурдаах үлэ уонна кытаанах хонтуруол түмүгэр, бүгүн улахан хамсааһын таҕыста. Бэдэрээччит «Главстройкомплекс» тэрилтэ салайааччыта Анатолий Исаев иһитиннэрбитинэн, уораҕай тутуута билигин 91%-на түмүктэнэн турар. Хаалбыт 9%-ҥа уотун тардыыта уонна ис-тас благоустройство үлэлэрэ күүскэ бара тураллар. Билигин 65 киһи күнү-түүнү аахсыбакка үлэлии сылдьар. Сотору кэминэн үлэни өссө түргэтэтэр сыалтан эбии дьон кэлиэхтээх. Бу уораҕай тутуллан бүтэн эрэриттэн Сунтаарга политехническэй үөрэхтээһини бастакынан олоххо киллэрбит уһулуччулаах дириэктэр Олег Сосин ис сүрэҕиттэн үөрэр. Улуус үөрэҕириитигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит киһи саҥа кэскиллээх эбийиэк аһылларын улахан долгуйуунан күүтэр. Барыта былаан быһыытынан этэҥҥэ табыллан бардаҕына, саҥа үөрэх дьыла Сунтаардааҕы политехническэй лицей иитиллээччилэригэр сырдык, киэҥ уонна үрдүк технологиялаах саҥа эбийиэккэ саҕаланыаҕа! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. edited

    ☔️🌧️Дьокуускайга, сорох оройуоннарга ардах түһүөҕэ Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Томпо, Өймөкөөн, Абый, Муома, Усуйаана оройуоннарыгар күнү-дьылы кэтээн көрөр киин ардах түһэрин билгэлиир. Киин, соҕуруу, Өлүөнэ алын тардыытыгар, хотугулуу-илин сөҥүү түһэрэ күүтүллэр, Дьааҥы хайаларыгар инчэҕэй хаардаах буолуоҕа. Киин улуустарга күнүс салгын температурата +14…+19 кыраадыска тэҥнэһиэҕэ, соҕуруулуу-арҕаа 21 кыраадыска диэри сылыйыаҕа, хоту +9…+14, Арктика кытылыгар 0…+5. Дьокуускайга түүн салгын температурата +4…+6 кыраадыска диэри түһүөҕэ. Күнүс +14…+16 кыраадыс буоларын билгэлииллэр. Эбиэт кэнниттэн кыралаан ардахтыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. repost

    🥊🏆Саха сирин боксердара Россия чемпионатыгар кыттыахтара Атырдьах ыйын 27 күнүттэн балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри Саранскайга эр дьоҥҥо Россия чемпионата ыытыллыаҕа. «Огарёв Арена» рингэтигэр дойду 60-тан тахса регионуттан 300-тэн тахса спортсмен киирсиэҕэ, ол иһигэр Саха сириттэн эмиэ күрэхтэһиэхтэрэ. Бу туһунан «Триумф» спорт киинэ иһитиннэрэр. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата: 48 киилэ — Павел Васильев; 51 киилэ — Максим Припузов, Иннокентий Слепцов, Мухаммадайюб Исмаилов; 54 киилэ — Тимур Стручков; 57 киилэ — Ниджат Казымов; 60 киилэ — Николай Пшенников, Александр Сергучев; 63,5 киилэ — Руслан Никитин; 67 киилэ — Герман Львов; 75 киилэ — Данил Прокудин; +92 киилэ — Александр Самсонов. Күрэхтэһии араспысаанньата: Атырдьах ыйын 27 күнэ — барыллаан киирсиилэр, күрэхтэһии аһыллыыта; Атырдьах ыйын 27 күнүттэн – балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри — барыллаан киирсиилэр; Балаҕан ыйын 3 күнэ — финалга тахсар иһин киирсиилэр; Балаҕан ыйын 4 күнэ — финал. Хаартыска: «Триумф» спорт киинэ @sakhasporttv

  4. ⛽️Дьокуускайга «СибОйл» заправкаларыгар саҥа хааччахтары киллэрдилэр Киин куоракка «Сибойл» хампаанньа заправкаларыгар саҥа хааччахтары олохтоото. Ол курдук, АИ-92 бэнсиини сыһыарыынан атыылыыры тохтоттулар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр. Аны билигин АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсиинэри уматык каартатынан эрэ атыылаһыахха сөп. Ыйыллыбыт мааркалаах уматыктар уу харчынан, баан каартатынан, сыһыарыынан атыыламматтар. Окружной суол аттыгар турар заправкаҕа АИ-92 мааркалаах бэнсиини сыһыарыы көмөтүнэн атыылаһыахха сөп, канистраҕа куттарар эмиэ көҥүллэнэр. Ол эрээри билигин сууккаҕа 20 лиитирэлээх хааччах киирэн турар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 💃🏻🏆Саха сирин үҥкүү бөлөҕө улахан ситиһиилэннэ! «В ритме лета» диэн Кытайдааҕы-Россиятааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус-бэстибээл ыытылынна. Күрэс түмүгүнэн 56 нүөмэртэн Гран-при үрдүк аатын Саха сириттэн «Диаданс» бөлөх ылла! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🌿🍃Сунтаарга отунан хааччыллыы уонна үүт былаанын улаатыннарыы Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сахайаана Павлованы уонна тустаах департаменнар салайааччыларын кытта үлэлэһэн, улуус иннигэр турар сытыы боппуруостары дьүүллэстилэр. Мунньах сүрүн тиэмэтинэн быйылгы уустук сылга отунан хааччыллыы уонна үүтү туттарыы хааччаҕын улаатыннарыы буолла. Быйылгы дьыл Сунтаар улууһугар ураты элбэх ардахтаах турда. Онон сиэттэрэн, намыһах сирдэргэ баар уонна үгүс бастыҥ оттуур ходуһалар ууга былдьаннылар. Салалта бэлиэтииринэн, маны хаһаайыстыбалар бэйэлэрин күүстэринэн эрэ кыайар кыахтара суох, от былаана туолбат кутталланна. Мунньах кэмигэр улуус хаһаайыстыбалара кыстыкка отунан толору хааччыллалларын туһугар өрөспүүбүлүкэ таһымыттан эбии үп көрүүтүн боппуруоһун көтөхтүлэр. Иккис суолталаах боппуруоһунан үүтү тутуу былаана буолла. Бигэргэтиллибит былаанынан Сунтаар улууһа быйыл 5335 туонна үүтү туттарыахтаах. Бу хааччаҕы Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕар олоҕуран, өссө 1600 туоннанан улаатыннарар туһунан кэпсэтии ыытылынна. Бу көрдөрүү олоххо киирдэҕинэ, Сунтаар улууһун үүт туттарааччылара эбии үбүлээһини ылар уонна үлэлэрин кэҥэтэр кыахтаныахтара. Улуус салалтата уонна министиэристибэ бэйэ-бэйэни өйдөһөн, тыа сирин үлэһит дьонун өйүүр туһугар биир ситимнээх үлэни салгыы ыытарга сөбүлэстилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. edited

    Саха сирин «Боотур» хамаандата «Время юных героев» диэн бүтүн россиятааҕы симиэнэ күрэхтэһиитигэр кыһыл көмүс мэтээли ылла «ВОИН» Киин Саха сиринээҕи салаатын «Боотур» хамаандата Волгоград уобаласка ыытыллыбыт «Время юных героев» диэн бүтүн россиятааҕы симиэнэҕэ лазертаакка «Сталинградский штурм» турнирга 18 хамаандаттан бастакы миэстэни ситистэ. Күрэхтэһиилэр РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллаллар. Күрэхтэһии сыала — курсааннары бэлэмнээһин тиһигин сайыннарыы уонна «ВОИН» кииҥҥэ ылбыт сатабыллары бөҕөргөтүү. Бэлэмнэниини 500 тиийэ идэлээх инструктор хааччыйар, ол иһигэр Россия Бойобуой снайпиҥын федерациятын исписэлиистэрэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. Саха сирин байыаннай медигэ социальнай хантараагынан иистэнэр сыах арыйда Лена Макарова — 2023 сылга Оборуона министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсибит Саха сирин дьахталларыттан биирдэстэрэ. Бааһырбыт буойуттар олохторун күн аайы быыһыыр ефрейтор чыыннаах мэдиссиинэ сиэстэрэтинэн сулууспалаабыта. Дьиэтигэр эргиллэн кэлэн баран урукку ыра санаатын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытын «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар кэпсээтилэр. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда салаатын үлэһиттэрэ — мэлдьи көмөлөһөргө, өйүүргэ уонна ыйан-кэрдэн биэрэргэ бэлэм дьон. Кинилэр болҕомтолорун уонна идэлэригэр бэриниилэрин түмүгэр мин саҥа кыахтары арыйабын, оттон уустук түгэннэргэ мин соҕотох буолбатахпын диэн билэбин», — диэн Лена Макарова үллэһиннэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Сунтаар Хоротугар бу сайын оскуола дьиэтэ бүтүннүү умайда. Үөрэх миниистирэ Сунтаарга үлэтин туһунан сюжекка көрүҥ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267928?list=4f6525408d1a2bbfbd nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Уус Алдан улууһун Бороҕонугар анал байыаннай дьайыы толоонугар охтубут буойун ийэтэ Светлана Аржакова оҕотун сырдык кэриэһигэр анаан иккис сылын «Дьоруойдар аллеяларыгар» сибэкки арааһын олордор. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267927?list=0bfe5759c12692b2ab nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. Ил Дархан Чурапчы улууһугар үлэлиир Ил Дархан Айсен Николаев Чурапчы улууһун Мырыла сэлиэнньэтигэр бааһынай үлэлэрин ыытарга агродроннары хайдах туһаналларын көрдө. «Эргис» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибигэр пилота суох көтөр аппарааттары 170 га иэннээх сиргэ уоҕурдууну кутарга, бурдук үүнүүтүн кэтээн көрүүгэ, геодезическай устууга номнуо тутталлар. Бу аппарааттартан сорохторо Саха сиригэр хомуллубуттар. «Бу «Сир Ийэ» бырайыак хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолар. Бырайыак тоҕус тэрилтэни, ол иһигэр билим кииннэрин, үрдүк үөрэх кыһаларын, идэтийбит тэрилтэлэри уонна пилота суох көтөр аппарааттар систиэмэлэрин салааларын тэрилтэлэрин холбуур. Бырайыак Соловьевскай уонна Болугур нэһилиэктэригэр 3600 га туһаныллыбатах тыа хаһаайыстыбатын сирин хабар уонна аһылык киинин тэрийэри торумнуур. Бу билими, аныгы технологиялары уонна тыа хаһаайыстыбатын соруктарын холбуур киэҥ хабааннаах үлэ», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.  Агродроннары туһаныы үлэ ороскуотун уонна тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин ноҕуруускатын намтатарга кыах биэрэр. Бырайыак чэрчитинэн уопсайа аҕыс дрон үс хайысханан үлэлиир: икки — геодезическай устууга, икки — кэтээн көрүүгэ уонна түөрт — уоҕурдууну кутарга. Бырайыак дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Беспилотные авиационные системы» национальнай бырайыагын соруктарыгар сөп түбэһэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Хатастааҕы тыйаатыр артыыһа Николай Иванов-Хоро Холлой бүгүҥҥү сюжет дьоруойа. Кини туһунан сиһилии сюжекка көрүҥ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267925?list=ea85b8a34eeb3b7e88 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. Ил Дархан успуорт бэтэрээнэ Михаил Друзьянов салааны сайыннарыыга көҕүлээһиннэрин өйөөтө Субуотаҕа Ил Дархан Айсен Николаев успуорт бэтэрээнэ, Саха сирин Успуорт албан аатын түмэлин дириэктэрэ Михаил Друзьяновы кытта көрүстэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэйэтин социальнай ситимнэригэр иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ успуорду сайыннарыы туһунан интэриэһинэй уонна ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Кинилэр оскуола уонна устудьуон успуордун, успуорт төрүт көрүҥнэрин уонна көҥүл тустууну, ону тэҥэ саха успуордун баай устуоруйатын харыстааһыны дьүүллэстилэр. Улахан болҕомтону Саха сирин Успуорт албан аатын түмэлигэр уонна өрөспүүбүлүкэ чулуу спортсменнарын уонна тириэньэрдэрин үйэтитиигэ уурдулар. «Кинилэр ааттарын, ситиһиилэрин уонна успуорду сайыннарыыга киллэрбит кылааттарын эдэр көлүөнэлэр билиэхтээхтэр, бу улахан суолталаах. Михаил Егорович өр сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ успуордун устуоруйатын харыстааһынынан дьарыктанар, онон кини уопута уонна этиилэрэ салгыы үлэбитигэр хайаан да учуоттаныахтара. Саха успуорда мэлдьи дьонунан-сэргэтинэн уонна үтүө үгэстэринэн күүстээх буолар. Бу нэһилиэстибэни кичэллээхтик харыстыахпыт уонна биһиги спортсменнарбыт саҥа ситиһиилэнэллэригэр усулуобуйалары бииргэ оҥоруохпут», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. «Амтан» рубрикаҕа: Гречка хааһыта https://vkvideo.ru/video-211137588_456267923?list=aa6fe4aad53e91e316 Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. Суукка иһигэр 68 тыһ тахса га иэннээх икки ойуур баһаарын умуруордулар Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 68 279 га уопсай иэннээх икки ойуур баһаара умуруорулунна. Баһаардар Мииринэй уонна Орто Халыма улуустарыгар умуруоруллубуттар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэҕэ 52 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Уопсайа 127 926 гектардаах аҕыс ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэр салҕаналлар. Уоту утары Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй улуустарыгар охсуһаллар. Бүгүн Кэбээйи улууһугар умуруорууга үлэлиир күүстэр уонна сириэстибэлэр бөлөхтөрүн хаҥатар былааннанар. Ойуур баһаардарын умуруорууга барыта 469 киһи уонна 34 тиэхиньикэ тардылынна. Бүлүү бөлөх улуустарыгар хонтуруолга сылдьар зонаҕа баар ойуур баһаардарыттан сылтаан буруо бэлиэтэниэн сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. repost

    С прошедшим Днем археолога! Археология — очень интересная область науки, позволяющая больше узнать об истории мира и нашей цивилизации, благодаря необычным и разнообразным находкам. Труд археолога нелёгок, он полон приключений и опасностей. Благодаря учёным-археологам, мы имеем представление о древнем обществе и своей истории. Доктор исторических наук, профессор Розалия Бравина повествует о происхождения народа саха по данным археологии. Отрывок из передачи «Гуманитариум» 2015 года.

  17. Клип: Эн хотойгун Григорий Ильин тыллара Юрий Васильев матыыба «Чолбон» бөлөх nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. repost

    🥛 Пообщался с руководством и коллективом молокозавода СХПК «Якутнацпродукт» в Мегино-Кангаласском улусе. Предприятие работает с 2018 года. За последние 5 лет здесь заготовили более 11 тысяч тонн сырого молока. Ключевая проблема — нехватка молодых кадров и специалистов на селе. Основная нагрузка ложится на людей старшего поколения. Важно создавать среду, где молодежь захочет видеть свое будущее, развиваться профессионально, создавать семьи и строить жизнь на родной земле. Для этого нужны не только рабочие места, но и инфраструктура, места для общения, развития и самореализации. Также встретился с жителями улуса, которые сдают молоко на переработку. Один из главных вопросов — низкая стоимость молока. Для сельских семей это важный источник дохода, поэтому будем рассматривать возможности увеличения объема субсидий для сельхозпроизводителей и поддержки местных хозяйств. Сельское хозяйство — одна из основ жизни республики, особенно в наших наслегах и районах. Спасибо коллективу «Якутнацпродукта» за открытый разговор и возможность обсудить волнующие вопросы. Важно слышать людей на местах, понимать их проблемы и вместе искать пути их решения. https://max.ru/channel_PetrShamaev

  19. Older posts