Саха сирин байыаннай медигэ социальнай хантараагынан иистэнэр сыах арыйда Лена Макарова — 2023 сылга Оборуона министиэристибэтин кытта хантараак түһэрсибит Саха сирин дьахталларыттан биирдэстэрэ. Бааһырбыт буойуттар олохторун күн аайы быыһыыр ефрейтор чыыннаах мэдиссиинэ сиэстэрэтинэн сулууспалаабыта. Дьиэтигэр эргиллэн кэлэн баран урукку ыра санаатын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытын «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар кэпсээтилэр. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда салаатын үлэһиттэрэ — мэлдьи көмөлөһөргө, өйүүргэ уонна ыйан-кэрдэн биэрэргэ бэлэм дьон. Кинилэр болҕомтолорун уонна идэлэригэр бэриниилэрин түмүгэр мин саҥа кыахтары арыйабын, оттон уустук түгэннэргэ мин соҕотох буолбатахпын диэн билэбин», — диэн Лена Макарова үллэһиннэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 17 Aug 2026, 07:58 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 837 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.