НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Ил Дархан Чурапчы улууһугар үлэлиир Ил Дархан Айсен Николаев Чурапчы улууһун Мырыла сэлиэнньэтигэр бааһынай үлэлэрин ыытарга агродроннары хайдах туһаналларын көрдө. «Эргис» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибигэр пилота суох көтөр аппарааттары 170 га иэннээх сиргэ уоҕурдууну кутарга, бурдук үүнүүтүн кэтээн көрүүгэ, геодезическай устууга номнуо тутталлар. Бу аппарааттартан сорохторо Саха сиригэр хомуллубуттар. «Бу «Сир Ийэ» бырайыак хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолар. Бырайыак тоҕус тэрилтэни, ол иһигэр билим кииннэрин, үрдүк үөрэх кыһаларын, идэтийбит тэрилтэлэри уонна пилота суох көтөр аппарааттар систиэмэлэрин салааларын тэрилтэлэрин холбуур. Бырайыак Соловьевскай уонна Болугур нэһилиэктэригэр 3600 га туһаныллыбатах тыа хаһаайыстыбатын сирин хабар уонна аһылык киинин тэрийэри торумнуур. Бу билими, аныгы технологиялары уонна тыа хаһаайыстыбатын соруктарын холбуур киэҥ хабааннаах үлэ», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.  Агродроннары туһаныы үлэ ороскуотун уонна тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин ноҕуруускатын намтатарга кыах биэрэр. Бырайыак чэрчитинэн уопсайа аҕыс дрон үс хайысханан үлэлиир: икки — геодезическай устууга, икки — кэтээн көрүүгэ уонна түөрт — уоҕурдууну кутарга. Бырайыак дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Беспилотные авиационные системы» национальнай бырайыагын соруктарыгар сөп түбэһэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K17 Aug 05:3810 Nov 22:0683017 Aug 05:38: 0 views10 Nov 22:06: 830 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
17 Aug 2026, 05:380
10 Nov 2026, 22:06830

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.